СӨ Баһылыга саҥа үөрэх дьылын быраабылаларын туһунан Ыйаахха илии баттаата
Атырдьах ыйын 30 күнүгэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаев «О мерах по противодействию распространению новой коронавирусной инфекции (COVID-19) при организации образовательного процесса в Республике Саха (Якутия) в 2021/2022 учебном году» Ыйаахха илии баттаата.
Ыйаах Суһал штаб СӨ территориятыгар коронавируснай инфекцияны (COVID-19) тарҕаппат сыаллаах быһаарыныытын 3.1 пуунугар, РФ Кылаабынай судаарыстыбаннай санитарнай бырааһын уурааҕар уонна Роспотребнадзор Управлениетын этиилэригэр олоҕуран оҥоһуллубут.
Докумуоҥҥа этиллэринэн, коронавирус инфекциятын СӨ территориятыгар тарҕанарын тохтотор сыаллаах, 2021/2022 үөрэх дьылыгар үөрэнээччилэр уонна педагогтар олохторугар уонна доруобуйаларыгар куттала суох усулуобуйаны тэрийэргэ, санитарнай-эпидемиологическэй быһыы-майгы мөлтүүр уонна муниципальнай тэриллиилэр территорияларыгар эбии хааччахтыыр тэрээһиннэр (харантыын) киирэр түбэлтэлэригэр, РФ сокуонугар олоҕуран, үөрэҕирии сүрүн уонна эбии бырагыраамаларынан үөрэнии дистанционнай, электроннай үөрэхтээһиҥҥэ көһөрө көҥүллэнэр.
СӨ үөрэҕириигэ уонна наукаҕа министиэристибэтигэр үөрэҕирии тэрилтэлэрин салайааччыларын кытта РФ сокуонугар олоҕуран, үөрэҕирии тэрилтэлэрин санитарнай-эпидемиологическэй ирдэбиллэри тутуһан бэлэмниир, төрөппүттэр (сокуоннай бэрэстэбиитэллэр) үөрэҕирии тэрилтэлэригэр сылдьалларыгар хааччахтааһыны киллэрэр, ковид тарҕанарын тохтотор сыаллаах тэрээһиннэри үөрэҕирии үлэһиттэрин, төрөппүттэри (сокуоннай бэрэстэбиитэллэри) кытта ыытар сорук турар.
СӨ доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ үөрэҕирии тэрилтэлэригэр көһө сылдьар профилактическай медицинскэй көрүүнү тэрийэллэригэр сорудахтанна.
Муниципальнай оройуоннар уонна куорат уокуруктарын баһылыктарыгар, судаарыстыбаннай, муниципальнай, чааһынай үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларыгар үөрэҕирии тэрилтэлэригэр, оҕолор уонна ыччат социальнай инфраструктураларын эбийиэктэригэр санитарнай-эпидемиологическэй ирдэбиллэри тутуһууну хааччыйыы сорудахтанна.
Докумуоҥҥа олоҕуран, Ыйаах 2, 3, 4 пууннарыгар этиллибит дуоһунастаах сирэйдэр, үөрэҕирии тэрилтэлэрин учредителлэрэ уонна салайааччылара, Ыйаах туолуутугар тус эппиэтинэһи сүгэллэр. Ыйаахха этиллибит нуорманы кэһии иһин административнай эппиэтинэс сүктэриллэр.