21.10.2020 | 18:36

СӨБҮЛҮҮР ДЬАРЫГЫН ҮЛЭ ОҤОСТУБУТ ПРАСКОВЬЯ НИКОЛАЕВА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Прасковья Николаева – үс кырачаан тапталлаах ийэтэ, алаһа дьиэ маанылаах хаһаайката. Иккис оҕотун оҕолонон баран, эдэр ийэ, дьиэ кэргэн хармаанын хаҥатаары, сөбүлүүр дьарыгын өрө тутан, талаанын таба талан, толкуйдаабытын олоххо киллэрэргэ санаммыт. Билигин кини тэрилтэтэ үлэлээбитэ номнуо бэһис  сылыгар барда.

СҮҮТҮГҮНЭН КУОРСУН АННЬЫНАН

-Мин Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгиттэн төрүттээхпин, биэс оҕолоох Лукачевскайдар дьиэ кэргэн иккис оҕото буолабын.

Аҕам Иннокентий Дмитриевич – үлэ, ОБЖ учуутала. Айылҕаттан сүрдээх талааннаах киһи. Маһынан уһанар, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. “Киин куорат” хаһыат эрэллээх ааҕааччыта диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Ийэм Матрена Васильевна – алын сүһүөх учуутала. Олоҕум аргыһа Геннадий Сунтаартан төрүттээх, бааҥҥа үлэлиир. Билигин Дьокуускай куоракка олохсуйан олоробут. Талан ылбыт икки үөрэхтээхпин: программист уонна финансист. Идэбинэн “Алмазкредитсервис” диэн кредитнэй  кооперативка 2012 сылтан үлэлиибин.

Кыыс оҕо буоларым быһыытынан иискэ чугас улааппытым. Ийэм хас өрөбүл ахсын иистэнэрэ уонна бурдук ас арааһын астыыра, оттон  аҕам уһанара. Ону көрө улааппыт буоламмын кэлин бэйэм сөбүлүүр дьарык оҥостубутум.

Биллэн турар, кыыс оҕо ийэтигэр быдан чугас буолар. Миигин ийэм иннэнэн таҥас тигэргэ үөрэппитэ. Оҕо сылдьан куукулаларбар дьэрэкээн ойуулаах таҥас-сап арааһын тигэрим. Улаатан баран, утуйар таҥаһы, таҥнар таҥаһы, дьүөгэлэрбэр дьэрэкээн ырбаахылары кыралаан тигэр буолбутум. Ол курдук, оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр айар талааным арыллыбыта. Кыптыыйан кырыйан, кумааҕынан килиэйдээн, тутан-хабан оҥорорум үгүс этэ.  

ТОҔООСТООХ КЭМИ МҮЧЧҮ ТУППАККА

-Кырачаан оҕолор таҥастарын уолбун оҕолоноору сылдьан тигэн саҕалаабытым. Ол саҕана, анал кууруска суруйтаран үөрэммитим, Матырыйаалбын Москваттан, Кытайтан тиийэ сакаастыырым.

Маҕаһыыҥҥа атыыланар табаардарга холоотоххо, бэйэҥ оҥорон таһаарбытыҥ быдан хаачыстыбалаах. Саамай сүрүнэ –  матырыйаалыҥ натуральнай буоллаҕына, кырачаан киһи этигэр-сиинигэр үчүгэй.

Уолчааммын субу оҕолоноору сылдьан, суорҕан тикпитим. Туттан, боруобалаан көрөн баран, атыыга диэн биэс суорҕаны таһаарбытым. Соһуйуом иһин, наһаа түргэнник ылбыттара. Атыы-тутуу ситиһиилээх түмүктэриттэн иистэнэр баҕа санаам олус улааппыта.

Ол саҕана Дьокуускайга оҕо таҥаһын атыылыыр маҕаһыын элбэҕэ суох этэ. Социальнай ситимнэргэ биирдиилээн кыргыттар бортиктары, сымнаҕас суорҕаннары, сыттыктары сакааска атыылаабыттара. Ол иһин үлэбин саҕалыырбар тоҕоостоох кэм этэ. Билигин бу бизнес эйгэтин саҕалыам диэтэххэ, син ыарахаттардаах соҕус буолуо, күүстээх реклама эрэ көмөтүнэн сайдыахха, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллиэххэ сөп.

БАҔАЛААХ ДЬОНУ ҮӨРЭТЭБИН

-Саҥаттан саҥа талаан, толкуй арыллар кэмэ. Маны ким даҕаны хааччахтаабат, олохпут оннук буолла. Мин эйгэбэр элбэх кыыс бу бизнеһинэн дьарыктанар, ол эрээри үксүлэрэ декреккэ олорон эбии харчы киллэринэллэр. Тигэр кыргыттары кытта барыларын кэриэтэ билсэбин, санаа атастаһабын.

Маастар-кылаастары тэрийбитим номнуо үһүс сылыгар барда. Оҕо таҥаһын тигиитигэр толору куурустары оҥорон ыытабын. Сылдьыбыт кыргыттар кэлин бэйэлэрэ эбии дохуот киллэринэр буолаллар. Нэһилиэнньэҕэ, тирээн турар кэмҥэ саамай сөптөөх бизнеһинэн дьарыктанарбын өйдөөтүм.

ДЬОН ТУГУ САКААСТЫЫРЫЙ?

-Кэлиҥҥи кэмҥэ дьон-сэргэ таҥнар таҥаһа хаачыстыбалаах буоларын ирдиир. Мин сүрүннээн оҕо утуйар таҥаһын, тэллэҕин, бортиктарын тигэбин. Сымнаҕас комбининезоннары сэҥээрэр буоллулар. Балыыһаттан тахсарга эмиэ анал сууга суулаан таһараллар онно сөптөөх кэмпилиэк таҥастары тигэбин. Маны таһынан онлайн куурустары ыытабын уонна таҥас киэптэрин оҥорон атыылыыбын. Баҕалаах ийэ ону таһынан бэйэтэ тигэн холонуон сөп.

БИЗНЕС - ИНКУБАТОР – КӨМӨ, ТИРЭХ

-Билигин Дьокуускай куораттааҕы бизнес-инкубатор киинин резиденэ буолабын. Манна куортамнаан олорор мастарыскыайдаахпын, үлэлиир усулуобуйам барыта баар.  Бизнес киинин нөҥүө оҥорон таһаарар бородууксуйаларбын сертификациялаппытым. Ону тэҥэ юридическай, үп-харчы боппуруостарын быһаарсарга бу киин сүрдээх улахан көмөлөөх.

Элбэх оҕолоох ийэ буоламмын оҕолорбор, дьиэ кэргэммэр бириэмэ аныахпын наада. Тэрилтэбэр иистэнньэҥ кыргыттардаахпын, кинилэри бырыһыаҥҥа хамнастыыбын. Бэйэм үксүн ыарахан сакаастарга ылса сатыыбын, матырыйаал сакаастааһынынан дьарыктанабын уонна тапталаах килийиэннэрбиттэн сакаас хомуйабын.

ИС СҮРЭХПИТТЭН ҮЛЭЛИИБИН

-Талан ылбыт сөбүлүүр дьарыкпын олус сөбүлүүбүн. Ис сүрэхпиттэн арыллан туран иистэнэбин. Бизнеспэр ыарахаттарым диэн, арай, социальнай ситими салайыыны ааттыахпын сөп буолуо. Холобура, дьон болҕомтотун тардар тиэкис суруйарга, хаартысканы кыраһыабай гына түһэрэргэ уонна аныгы ситим муодатын кытта тэҥҥэ сайдыыга. Олохпут наһаа түргэннник сайдар, барытыгар быыс булан, бириэмэ анаан ылсан, үөрэтэн истэххэ табыллар.

ДЬЫАЛА  ХАРЧЫТЫГАР БУОЛБАТАХ

-Бинескэ киирсиэн баҕарар киһи, мин санаабар, үп-харчы эрэ өттүн көрүө суохтаах. Өскөтүн, эн дьоҥҥо өҥө оҥорор буоллаххына баҕаран туран оҥоруохтааххын. Бастакытынан, үлэ таһаарыылаах буоларыттан урбаанньыт бэйэтэ үөрүөхтээх, астыныы-дуоһуйуу ылыахтаах. Эн кырачаан дьоҥҥо табыгастаах, тупсаҕай тигиилээх таҥаһы илииҥ сылааһын иҥэрэн, айан-тутан таһаараҕын. Иккиһинэн, кыра да буоллар билиҥҥи кэмҥэ эбии дохуот оҥостоҕун. Мин санаабар, элбэх оҕолоох ийэлэр өйдүөхтэрэ. Үсүһүнэн, килийиэннэр эйиэхэ сакаастаатахтарына үөрэҕин, миэхэ эрэнэллэр эбит диэн санааҕа кэлэҕин. Дьэ, оччоҕуна дьоҥҥо туһалааҕынан дьарыктанар эбиппин диэн өйдүүгүн.

КОРОНАВИРУС УОННА ОРТО УРБААН

-Аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт коронавирус дьоҕус уонна орто бизнеһи үөһэ-аллара ытыйда. Мин пандемия саҕаланыан иннинэ дьоммор Тааттаҕа олорбутум, киирбит сакаастарбын таксинан ыытар этим. Аныгылыы сиэринэн дьиэҕэ олорон эрэ, ханна да тахсыбакка, араас маастар-кылаастары ыыппытым. Ханнык баҕарар бэйэ бизнеһигэр харчы боппуруоһа ыгар-түүрэр. Пандемия кэмигэр үп-харчы өттүгэр ыарахаттары көрсө сылдьыбытым.

САТАБЫЛГЫН САЙЫННАР

-Билиҥҥи кэмҥэ элбэх киһи үлэтэ суох хаалла. Ким эрэ атын үлэ көрдүүр, сорох суолун оҥосторго холонор. Бэйэ дьыалатын арыныах иннинэ тугу сатыыргын уонна сатаабаккын учуоттуур ордук. Холобура, эн сатаан уруһуйдуур, кыраасканан туттар буоллаххына онно үөрэтэр кууруста арый. Ас астыыр ийэ, аста астаан атыылаа. Тылга дьоҕурдаах буоллаххына, дьону сатаан саҥарарга үөрэт. Киһи бэйэтин сөбүлүүр дьарыгын үлэ оҥостор кэмэ кэллэ дии саныыбын. Үлэлиэн, сайдыан баҕарар киһи бизнескэ сыстар кыахтаах. Саамай сүрүнэ диэн олоҕу кытта тэҥҥэ хааман иһиэххэ наада.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....