05.04.2021 | 07:26

Руслан Тимофеев – куорат баһылыгын солбуйааччы

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, муус устар 5 күнүгэр, куорат дьаһалтатыгар ыытыллыбыт планеркаҕа баһылык Евгений Григорьев саҥа солбуйааччылары анаабытын туһунан иһитиннэрдэ.

Руслан Тимофеев куорат баһылыгын солбуйааччытынан – Дьокуускай дьаһалтатын аппараатын салайааччытынан ананна. Оттон бу дуоһунаска үлэлээбит Алексей Корнилов территориялары сайыннарыыга баһылык солбуйааччытынан ааттанна.

Ыспыраапка

Тимофеев Руслан Владимирович 1983 сыллаахха олунньу 4 күнүгэр Саха АССР Ленинскэй оройуонун Ньурба бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтэ. 2006 сыллаахха М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрбитэ, историк, история учуутала идэлээх.

2016 сыллаахха Арассыыйатааҕы норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспа академиятын бүтэрбитэ. Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай салайыы магистра. Кэргэннээх, үс оҕолоох.

Бу иннинэ Ыччат политикатын министиэристибэтигэр, Олохтоох дьаһалтаҕа специалиһынан, онтон араас салайар дуоһунастарга үлэлээбитэ. 2018-2019 сылларга СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатыгар Информационнай политика уонна маассабай коммуникациялар департаменын салайбыта. 2019 сылтан «Конгресс-центр Якутия» судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэ салайааччытынан үлэлээбитэ.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....