Розалия Бравина: «Саха култууратын саамай сүөгэйэ, сүмэтэ, арыыта арыыланан хаалбыт сирэ — Дьааҥы»
Соторутааҕыта «Арчы дьиэтэ» духуобунай култуура киинигэр «Саха төрүт култууратын түөлбэлэрин чинчийии» диэн кэпсэтии киэһэтэ буолан ааста. Онно Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын үөрэтэр институт археология лабораториятын салайааччыта, история билимин доктора, профессор Розалия Иннокентьевна Бравина саҥа тахсыбыт «Экспедиция: өбүгэ аартыктарын арыйан» кинигэтин тула истиҥ көрсүһүү буолла. Бүгүн ааҕааччыларбытыгар биллиилээх учуонай, сир түннүгэ киһи кэрэхсэбиллээх кэпсээнин, ыллыктаах этиилэрин сурукка тиһэн, бэчээккэ бэлэмнээтибит. Ааҕыҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ.
Биир кабинекка утуктуу, нуктуу олорбоппут
– Мин урут-уруккуттан тугу билбиппин, көрбүппүн-истибиппин сымыыт курдук баттыы сыппакка, наар дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕата сатыыр мөккүөрдээхпин. Бу «Айар» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт саҥа кинигэм сыала-соруга – учуонай үлэтин-хамнаһын туһунан ааҕааччы киэҥ араҥатыгар тиэрдии, ыччат болҕомтотун наукаҕа тардыы. Билигин сэбиэскэй кэмҥэ иитиллэн тахсыбыт чинчийээччилэр сааһыра бардыбыт. Биһиги кэннибититтэн орто көлүөнэ кэлиэхтээх этэ. Холобур, археологияҕа үксүн күүстээх-уохтаах эр дьон кыайыылаахтык үлэлииллэр. 1990-с сылларга Сойуус ыһыллан, олох сатарыйбытыгар өйдөөх, инникилээх уолаттар бизнескэ барбыттара. Кэнники кэмҥэ наука эйгэтигэр туох да сүрдээх элбэх уларыйыы-тэлэрийии, өрө-таҥнары хатайдааһын буола турар. Наука туһугар куттанабын, долгуйабын. Идэҕэ муода диэн баар. Кэнники кэмҥэ өйдөөх-төйдөөх оҕолорбут ханна үөрэнэллэрий? Айтишник буолаллар. Аны ол ыччаппыт ханна барарый? Омук сиригэр. Итинэн тугу этиэхпин баҕарабын? Биһиги олохпутугар, уопсастыбаҕа туох буола турара наукаҕа сүрдээх улахан сабыдыаллаах.
Учуонай быһыытынан идэбин бэйэм туох да олус таптыыбын. Эдэр оҕолор наука диэн сылаас кабинекка нуктуу, утуктуу, дьааһыйа олорон тугу эрэ суруйуу курдук саныыллар. Оннук буолбатах. Наука курдук умсулҕаннаах, айар үлэ суох. Үктэлтэн үктэлгэ тирэнэн, инниҥ хоту дьүккүйэн иһэҕин, онуоха түгэҕэ биллибэт саҥаттан саҥа саҕахтар арыллаллар. Манна эбэн эттэххэ, университекка култуура уонна искусство кафедратын тэрийэн сэбиэдиссэйдии сылдьан наука уонна искусство, бииргэ төрөөбүт убайдыы-балыстыы курдук, биир айар төрүттээхтэр диэн санааҕа кэлбитим. Ити чахчы.
Сорох оҕолор археологияны киэһэтин кутаа тула олоруу, ырыа-тойук, романтика эрэ курдук саныыллар. Кырдьык, археологтар үгүстэрэ гитараҕа оонньууллар, ыллыыллар. Урут экспедицияҕа үгүс үп-харчы көрүллэр эрдэҕинэ, элбэх буолан сылдьарбыт. Кэлин отой аҕыйах буолан үлэлиибит. Холобур, түөрт киһи күнү супту буору кытта тустан баран киэһэ ырыа ыллыыр кыахпыт да суох, балаакканы эрэ булар аакка бараҕын (күлэр). Археология «романтиката» ити курдук.
Аҕыйах хонуктааҕыта Багдарыын Сүлбэ төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах төгүрүк остуол буолан ааспыта. Онно фольклорист, учуонай, ытык киһибит Баһылай Баһылайабыс Илларионов: «Багдарыын Сүлбэ – айанньыт-чинчийээччи», – диэн наһаа да хомоҕойдук уот харахха эттэ. Кырдьык, Багдарыын Сүлбэ улуустары кэрийэ сылдьан туох да ааттаах элбэх матырыйаалы хомуйдаҕа. Итиннэ сыһыаран, биһиги, археологтар эмиэ, айанньыт-чинчийээччилэр буолабыт диэн этиэм этэ.
Көрүҥ (хаартыскалары этэр – Аапт.), бу Дулҕалаахха тыыбытын соһо сылдьабыт. Ол үһүс хаартыскаҕа Индигиирбит хаатыттан тахсан хаалан, массыынабытын состорон, тыраахтар куопсугар кытта олорсон иһэбит. Итинник айанныыбыт. 1975 сыллаахха Бэрдьигэстээххэ, бадарааҥҥа батылла-батылла, нэдиэлэ айаннаан тиийбиппит. Билигин Горнай киинигэр балтараа чааһынан баар буола түһэҕин.
Сыралаах үлэ
Археологтар бэйэ икки ардыгар арахсабыт: таас үйэтээҕини, орто үйэлэри (биһиги) чинчийээччилэр, үөрэтээччилэр. Биһиэхэ сүнньүнэн киирэллэр: өтөхтөр, көмүүлэр, суруктаах таастар (таас үйэ гынан баран, ардыгар биһиэхэ да көстөр). Быйыл сүүрбэччэ устудьуону практикаҕа илдьэ Аммаҕа экспедиция үлэлээтэ. Өтөхтөрү хаһыы, нууччалыы эттэххэ, “поселение” – уһун унньуктаах үлэ. Мин бэйэм көмүүгэ үлэлиирбин ордоробун. Чөкө, түргэнник хаһаҕын, матырыйаала элбэх, тута көстөр.
Көмүүнү хаһыы туох уратылааҕый? Хоту дойдуга, холобур, ирбэт тоҥ бэрт чычаастык сытар. Уот отто-отто, онно уу оргутан, хамыйаҕынан, ньуосканан ыла-ыла оргууй кутабыт. Хирургическай үнүстүрүөмүнэн үлэлиибит, хас биирдии оҕуруону, быыкаа дэтээли ол көмөтүнэн эрэ сэрэнэн тоноон ылабыт. Аны сиргэ өр сыппыт мас иһит, чороон уонча мүнүүтэ буолбат, хайыта баран хаалар. Тирии эмиэ оннук, түүтэ барыта түһэр. Биир көмүүнү икки-үс күн эбэтэр наһаа тоҥ буоллаҕына, хоту улууска өссө өр сыралаһан туран хаһаҕын. Оо, аны биһиэхэ биир саамай иэдээн – сайын итиигэ тобус-толору бырдах буолар. Түптэлэннэхпитинэ эрэ сатаан үлэлиигин.
«Баайдар наукалара»
Биһиги экспедицияҕа ыам ыйыттан хаар түһүөр диэри сылдьабыт. Онтон, дьэ, лабораторияҕа үлэбит, наукабыт саҕаланар. Бастаан отчуот оҥоробут, Москваҕа ыытабыт, онтубут өссө хаста эмэ төннөн кэлиэн сөп. Булбут малбытын барытын сууйан-сотон, аны реставрациялыыр түбүккэ түһэбит. Былырыын икки киһибит Москваҕа анаан-минээн үөрэнэн кэлбитэ.
Наука сайдан, археология историческай эрэ буолбакка, дьиссипилиинэлэр икки ардыларынааҕы комплекснай наука буолла. Быйыл сүрүннүүр тэрилтэбит – Саха сиринээҕи научнай киин (ЯНЦ) 3,5 мөл.солк. рентгенофлуоресцентнай спектрометры атыылаһан биэрдэ. Быыкаа эрээри, уурбут матырыйаалгын биэс сөкүүндэнэн састаабын барытын быһаарар кыахтаах тэрил. Металл, туой, кырааска састаабын бүтүннүүтүн билэр. Аны ити сууманы нэһилиэнньэҕэ өҥө оҥорон, научнай ыстатыйа суруйан толуйуохтаахпыт.
Маны сэргэ, антропологическай чинчийиини оҥоробут. Сканер көмөтүнэн көмпүүтэргэ трехмернай уруһуйа тахсан кэлэр. Аны туран, радиоуглерод чинчийиитин Новосибирскайга уонна кыраныысса таһыгар (ол билигин биллэр биричиинэнэн тохтоон турар – Аапт.) ыытабыт.
Генетическэй анаалыһы эмиэ оҥоробут. Ааспыт сыл түмүгүнэн Швеция палеогенетигэ Сванте Паабо Нобель бириэмийэтин ылла. Кини Арассыыйа археологтарын кытта Денисовскай пещера былыргы дьонун геномун үөрэппитэ. Онон генетикаҕа улахан болҕомто ууруллар.
Сахаларга үс ген (гаплотип) баар – Эллэй, Омоҕой, Хоро киэннэрэ. Былырыын “Генетическая популяция народа саха” диэн кинигэни Новосибирскайга таһаарбыппыт, онно 156 көмүү генетическэй анаалыһа киирбитэ.
Итини таһынан, медико-биологическай анаалыһы эмиэ ыытабыт. Бу урут олорон ааспыт киһи тугу аһаабыта, үлэлээбитэ, тугунан ыалдьыбыта бүтүннүүтэ көстөр. Бэлиэтээн эттэххэ, эрдэтээҥҥи эр дьон үксэ остеохондрозтаахтар. Тоҕо диэтэххэ наар ат үрдүгэр олороллор. Оттон уҥа өттүлэрэ ордук сайдыбыт буолар, ол хотуурунан от охсоллорун көрдөрөр. Дьиктитэ баар, бу анаалыспыт киһи тииһин эмала алдьаммытынан ыас ыстаабытын кытта быһаарар. Аны хайдах, туохтан өлбүтүн кытта билэр.
Сорохтор былыр үйэҕэ өлбүт киһи төбөтүн көрөн куттаныахтарын сөп, оттон биһиэхэ ити – эбийиэк. Реконструкция оҥорторуу эмиэ туспа үлэ. Холобур, Сэргэлээх көмүүтүттэн көстүбүт киһи төбөтүн антропологическай чинчийиитэ көрдөрбүтүнэн, гаплотибэ – “Эллэй”. Онтон Атласовскай көмүүттэн төбөтө батаһынан хайа охсуллубут киһи уҥуоҕа көстүбүтэ. Ону туоһунан чороччу биинтэлээбиттэр. Антропологическай чинчийии көрдөрбүтүнэн, бу киһи аныгы бүрээттэргэ уонна монголлорга чугас эбит. Гаплотибэ – “Омоҕой”. Аны үһүс көмүүттэн көстүбүт дьахтар гаплотибэ – “Хоро”.
“Археология – наука богатых” диэн этэллэрэ оруннаах. Ити чинчийэр төбөбүт (биирэ) реконструкцията – 100 тыһ.солк., датировканы быһаарар радиоуглероднай анаалыс – 80 тыһ.солк. Ол иһин Граҥҥа кыттабыт. Дьэ, ол баар улахан күрэх. Ону суруйуу, онно кыттыы, көмүскээһин, отчуот хайдах барарын үгүстэр билэр буолуохтааххыт. Ити эппит аппарааттарбытын Арассыыйа таһымнаах куонкурустарга кыттан, үс сыл күүтэн ыллыбыт. Онон, этэргэ дылы, биһиги хайдах да кабинекка утуктуу, нуктуу олорбоппут (күлэр).
Тапталым миэнэ — Дьааҥы
Дулҕалаахха тиийэн, Кубалаах диэн сылгыһыттар олохторугар түспүппүт. Онно кырыыс сэргэлэрин булбуппут. Итинник умса туруоралларын истэр этим, ол эрээри илэ харахпынан онно бастакыбын көрбүтүм. Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар оруобуна итинник сэргэлэр тураллар. Кутурҕан, кэриэстэбил бэлиэтэ, онон сөпкө турбут дии саныыбын. Салгыы кэпсээтэххэ, Дьааҥыга бара сылдьан ойуун туруу маһын көрбүппүт. Онно тоҕус ойуун кыырбыт ураты күүстээх сир баар.
Уопсайынан, этнограф быһыытынан Дьааҥыны олус ытыктыыбын. Саха култууратын саамай сүөгэйэ, сүмэтэ, арыыта арыыланан хаалбыт сирэ – Дьааҥы. Сахалар төрүт түгэх өбүгэлэрэ манна балтараа тыһыынча сыл саҥатыгар кэлбиттэр уонна саҥа көс уустара кэллэхтэрин ахсын хоту диэки сыҕарыйан испиттэр диэн этии оруннаах дии саныыбын, ону Дьааҥыга тиийдим аайы итэҕэйэбин. Аны фольклордарын тутан хаалбыттарын сөҕө-махтайа саныыбын. Ол иһин тапталым миэнэ – Дьааҥы диэн куруук этэбин.
Ыарҕалаахха сылдьан икки киһи холбуу көмүллэн сытарын булбуппут. Уоллаах кыыс, 15-16 саастаах эбиттэр. Арааһа, убай уонна балыс дии санаабыппыт баара генетическэй анаалыс аймахтыы буолбатахтарын көрдөрбүтэ. Тоҕо бииргэ көмүллүбүттэрин билиҥҥэ диэри таайа сатыыбын. Ромео уонна Джульетта, Лоокуут уонна Ньургуһун эбиттэрэ дуу?
Маннык көмүүнү өссө Хаҥалас улууһугар көрбүппүт. Ити көстүү хууннартан силис тардарбытын туоһулуур. Бу туһунан Арассыыйа биллэр археолога, биһиги учууталбыт Дмитрий Глебович Савинов улаханнык, дорҕоонноохтук үс ыстатыйаны суруйан турар.
Тыһаҕастаахха ойуун маһыгар сүөһү тириитин ыйаабыттар быһыылааҕа. Онно эмиэ икки киһи көмүллэ сытара – кырдьаҕас дьахтар уонна биэстээх-алталаах оҕо. Эбээ сиэнин кытта утуу-субуу дуу, бииргэ дуу барбыттар. Ол дьахтар түөрт ытарҕалааҕа, хас биирдиитэ тус-туһунан үүттээх. Саастарын туоллахтарына саҥаттан саҥаны кэтэн иһэллэр быһыылаах диэн сабаҕалаабыппыт. Холобур, оҕо сылдьан, арыый улаатан баран, онтон кэргэн тахсан баран. Аны таҥастара-саптара барыта оҕуруо, киһи сөҕөрө баар, урут иистэнэллэр да эбит. Манна даҕатан эттэххэ, Хаҥаласка, Эркээнигэ ытарҕалаах эр дьону булан турабыт. Биир киһи олох да биэс ытарҕалааҕа.
Мин ханна да бардарбын, оччо тиийбиччэ диэн олохтоох музейга сылдьар үгэстээхпин. Холобур, “Полюс холода” диэн Дьааҥы түмэлигэр тамма диэн баарын сэҥээрэ көрбүтүм. Урут күөллэринэн олордохторо, күөл араас буолар ээ, сорохтон муус кыайан ылыллыбат, дөйө тоҥон хаалар. Ол иһин хаарга уу кутан, чөмөччү сыбаан тоҥорон баран киллэрэн оһох кытыытыгар таммаҕа ыйаан кэбиһэллэр эбит. Биирдии таммах ыраас уу түһэр. Көрүҥ эрэ булугас өйдөрүн.
Аны оҕус тээһиҥкэтиттэн саппыйа баара. Онно кутуллубут үүт хайдах да куйааска аһыйбат эбит. Маны сэргэ, сиэл ытыгы сэргээбитим, күөрчэх түргэнник ытыйыллар, амтана олус минньигэс, ураты буолар үһү.
Билигин Киһилээх хайатыгар баран ыраастан да ыраастан, эмтэн да эмтэн буолаллар. Ити олус сэрэхтээх. Дьиҥэр, саха хайаҕа мээнэ тахсыбат, сылдьыбат, саллар ээ. Ол туһунан И.Худяков да суруйан турар.
Абыйга
Белай Гора урут улахан да бөһүөлэк буолан турбут. Хотугу муора суолун улахан порда баара. Сэбиэскэй кэмҥэ төрөөбүт киһи билигин ытамньыйа көрөр. Били үлүгэр элбэх улахан борокуоттара ууга тимирэн, дьэбин “пааматынньык” буолан сытаахтыыллар.
Сорох улуустар биһигини пааматынньыктары инвентаризациялыырга диэн ааттаан ыҥыраллар. Сутуруохаҕа суруктаах хайаларын көрөн-харайан аҕай олороллор, бэрт маладьыастар. Күрүө туппуттар, аттыгар павильоннаах, онно историятын барытын суруйбуттар. Ол да буоллар элбэх кэм-кэрдии аастаҕа, эрдэтээҥҥи таас үйэ буоллаҕа, онон алдьанан-кээһэнэн эрээхтиир.
Абый биир саамай баайа уонна алдьархайа – сэлии муоһа. Индигиир үрдүгэр неолит пааматынньыгар тиийбиппит, помпа сытара. Онон сууйан ылаллар эбит. Сэлии биир муоһа – 60-65 кг. Биир киилэтин сыаната – 20 тыһ.солк. Сорох үчүгэй экспонат ыйааһына 100 кг буолар. Билигин хоту дойдуга үлэ да суох. Ол иһин сайын буолла эрэ, барахсаттар, умса-төннө сэлии муоһун көрдүү бараллар эбит.
Сэлии, ити үөһэ эппитим курдук, баайы уонна алдьархайы аҕалар. Стручков диэн Абый булчута 1970 сыллаахха Тирэхтээххэ сэлии, онтон 1971 сыллаахха Мылахчыҥҥа бизон уҥуоҕун булбут. Ити кэннэ сүүрэ-көтө, бултуу сылдьыбыт киһи эмискэ өлөн хаалбыт. Уруккуттан билиҥҥэ диэри үчүгэй экземпляры буллахха, Арассыыйа наукаларын академията үчүгэй бириэмийэни олохтуур үгэстээх. Ол булчукка сэттэ мөһөөх солкуобайы анаабыттар. Оччолорго үлүгэр харчы. Ону уоллаах кыыһа аньыырҕаан ылбатахтар, аккаастаммыттар.
Улуустарынан экспедицияҕа сылдьар наһаа үчүгэй. Бастатан туран, билииҥ-көрүүҥ кэҥиир. Иккиһинэн, олохтоох култуураны отой атыннык ылынар, ураты хараххынан көрөр буолар эбиккин.
Ааптартан: Розалия Иннокентьевна хас биирдии сырыытын, экспедициятын туһунан, хааһахтан хостоон эрэрдии, төһө баҕарар кэпсии, сэһэргии олоруон сөп. Хомойуох иһин, ону барытын хаһыат балаһатыгар батарар кыахпыт суох. Бу туһунан “Айар” кинигэ кыһатыгар саҥа тахсыбыт “Экспедиция: өбүгэ аартыктарын арыйан” кинигэтигэр сиһилии суруйар.
Мөккүөр тула санаа
– Аан ситимҥэ Ленин болуоссатыгар оһуордаах банаардары туруоруу тула араас мөккүөр тахсар. Биир киһи «Кырыыс оһуорун туруораары гыммыттар» диэн суруйбутун аахпытым. Ама, хайа омукка кырыыс оһуора баар үһү? Айар, уус айдарыылаах киһиэхэ хайаан итинник өһүөн санаа киириэн толкуйбар тобулбаппын. Ким хайдах сатыырынан, кэрэни хайдах көрөрүнэн, илиитэ хайдах сыппытынан уһанара-иистэнэрэ буолуо. Төрүт култуура туохтан да иҥнибэккэ, биир халыыпка хаайтарбакка, өрүүтүн сайда турар айылгылаах.
Аны «саха дьахталлара сибэккилээх халадаайы кэппэттэр үһү», «саламаҕа кыһыл таҥаһы ыйаабаттар» диэн араас кэпсэтии тахсар. Былыр таҥас суоҕа бэрт буоллаҕа, талымастаабакка, туох көстөрүнэн, тугу харахтара сөбүлээбитинэн тиктэллэрэ, үөрэ-көтө ыйыыллара.
Култуура нэһилиэстибэтин суолтатын өйдүүллэр, харыстыыллар
А.К.: – Быйыл сайын Чернышевскай уулуссатыгар (урут Куорат баанньыга турбут учаастагар), Дьокуускай историческай суолталаах сиригэр-уотугар өтөрүнэн буолбатах киэҥ далааһыннаах археологическай үлэ ыытылынна. Бу күһүн хаһыаппытыгар: «Куорат киин өттүн барытын култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэринэн билиниэххэ наада», – диэн учуонайдар туруорсалларын суруйбуппут. История уонна култуура пааматынньыктарын харыстыыр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыба Дьокуускай куораттааҕы салаатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Высоких этэринэн, бачча улахан үлэ ыытыллыбытын кэннэ хаһыы түмүктэннэ диэн баран күн сарсын тутааччылар тоҕо анньан кэлэллэрэ, сыбаайа түһэрэн бараллара хомолтолоох. Археологтар эһиил үлэ салҕанарын туруорсаллар. Ол, биллэн турар, сакаасчыт сөбүлэһэриттэн тутулуктаах. Тутууну ыытааччылар ыксыыллара кистэл буолбатах. Бу туһунан санааҥ.
Р.Б.: – Чахчы, ити биһиги саамай «ыалдьар» боппуруоспут. Туймаада хочотун киин өттө култуура нэһилиэстибэтинэн билиниллиэн наада. Арассыыйа сокуонугар олоҕуран, ханнык баҕарар улахан тутуу саҕаланыан иннинэ археологтар үлэлиэхтээхпит.
Куорат баанньыга турбут сиригэр ыытыллыбыт хаһыыга биһиги кыттыбатыбыт. Ол эрээри итиннэ сүүһүнэн киһи үлэлиэхтээх этэ диэн санаалаахпын, оччоҕуна кыайтарыа этэ. Аны саамай үчүгэй араҥата кэлбит, ол иһин археологтар сүрэхтэрэ «ыалдьар» буоллаҕа. Онон үлэ тохтообокко, хайаан да салҕаныан наада. Манна даҕатан эттэххэ, Учуутал бульвара тутулларыгар биһигини ыксатан, ситэри хастарбатахтара. Саха култууратын 13-с үйэтинээҕи араҥатыгар тиийбиппит, ону көмтөрөн кэбиспиттэрэ. Хайыахпытый, бүттэхпит дии.
А.К.: – Ити улуустарынан сылдьан үлэлииргитин кэпсээтиҥ. Урукку дьон археологическай хаһыылары соччо сөбүлээбэттэрэ, сорохтор аньыыргыыллара. Олохтоох нэһилиэнньэ кэлин үлэ суолтатын өйдүүр буолла дуо?
Р.Б.: – Бастаан саҕалыырбар бэйэм дьонум олох утараллар этэ. Оччоттон элбэх сыл аастаҕа, кэнники кэмҥэ дьон-сэргэ өйдөөн эрэр. Биһиэхэ сакаас бөҕө киирэр. Холобур, Тулагы Киллэм нэһилиэгэ бэркэ дьаһаммыта. Кыраайы үөрэтээччилэрэ туруорсан, ыҥыран үлэлэппиттэрэ. Биһиги, мырааҥҥа тахсаат, тута «поселение» булбуппут. Инньэ гынан «История Якутии» кинигэ бастакы туомугар киирэн хааллылар. Намнар эмиэ дуогабар түһэрсибиттэрэ, онно бензоколонка таһыгар 11-с үйэтээҕи саха култуурата көһүннэ. Эмиэ кинигэҕэ киирдилэр. Итини таһынан, абыйдар, усуйааналар ыҥыраллар. Көр, култуура нэһилиэстибэтин суолтатын өйдүүр, харыстыыр дьон кэлэр кэскил туһугар ити курдук дьоһуннук дьаһаналлар.
***
Розалия Иннокентьевна кэпсээнин киһи төһө баҕарар истэ олоруох курдук. Археология курдук ыарахан, ол эрээри умсугутуулаах идэни баһылаабыт тумус туттар киһибитигэр саха култууратын, историятын үөрэтэр, чинчийэр, үйэтитэр үлэҕэр ситиһиилэри, саҥа арыйыылары баҕара хаалабыт.