15.05.2020 | 11:39

Роспотребнадзор сүбэлиир: Баһаар буруотуттан харыстанар ньымалар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саас, сайын ойуур баһаардара үксүүллэр. Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаата нэһилиэнньэлээх пууннарга баһаар буруота тарҕанар кэмигэр маннык дьаһаллары ылыҥ диэн сүбэлиир:

  • Төһө кыалларынан таһырдьа сылдьыыны аҕыйатыҥ, ордук куйаас күннэргэ буруо тарҕаннаҕына таһырдьа тахсымаҥ.
  • Оҕолор таһырдьа, спортивнай балаһааккаларга сылдьар кэмнэрин кылгатыҥ.
  • Элбэх ууну иһиҥ. Итии күннэргэ киһи тиритэр буолан организм уута түргэнник көҕүрүүр, ону толорон иһиэххэ наада.
  • Туһалаах туустары уонна микроэлеменнэри сүтэрбэт туһуттан, кыра туустаах, щелочьтаах ууну, кефири иһэр ордук туһалаах. Газированнай утаҕы күннээҕи аһылыктан суох гынар ордук.
  • Аһылыкка чэпчэки, иҥэмтиэлээх битэмииннэрдээх бородуукталары элбэтиҥ.
  • Физическэй ноҕоруусканы кыччатыҥ.
  • Буруо хойдор, өр турар кэмигэр тыынар уорганнары харыстааҥ – мааска, респиратор о.д.а. кэтиҥ. Таҥас маасканы, буруоттан үчүгэйдик харыстыырын туһугар, сиигирдэр табыгастаах. Түннүгү, ааны сииктээх таҥаһынан сабыҥ, кондиционеры туһаныҥ. Буруоттан ордук аҕам саастаахтар, кыра оҕолор уонна тыынар уорган ыарыылаахтар, аллергиялаахтар сэрэниэхтээхтэр.
  • Дьиэттэн буруо буортута тахсарын туһугар уунан сууйа-сото сылдьыҥ.
  • Буруо баар буолла да, киһи хараҕар көстүбэт кыра күл кыырпахтара киһи этигэр-сиинигэр хатаналлар. Ону ыраастыыр туһуттан күҥҥэ хаста да душтанар туһалаах.
  • Арыгы, пиибэ иһимэҥ, табахтаамаҥ.
  • Ыарыы сибикитэ билиннэҕинэ (сэниэҕит эстэр, мэйиигит эргийэр, тыыҥҥыт кылгыыр, сөтөл киирэр, утуйбат буолаҕыт) бырааска тиийиҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....