Роспотребнадзор эбийиэктэри бэрэбиэркэлээтэ
Роспотребнадзор Управлениета уһун өрөбүллэргэ киин куоракка уонна Жатайга 84 атыы-эргиэн, аһылык, тырааныспар уонна сынньалаҥ эбийиэктэрин бэрэбиэркэлээтэ. Итинтэн 31-гэр (37%) санитарнай быраабылалары кэспиттэр. Бу туһунан биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ол курдук, «Блин House» кафеҕа (Каландаришвили уул., 7), KFC (Ломоносов уул., 47 уонна Дзержинскэй уул., 65), «Шашлыкофф» гриль-баарга (Октябрьскай уул., 20/1А), «Travelers coffee» кофейняҕа (Дзержинскэй уул., 26/4 уонна Ленин пр., 6/1), 17 №-дээх оптуобуска (алта ИП), «Овощи-Фрукты» (ИП Гусейнов, ИП Махмудова, ИП Мамасобиров) киоскаларга коронавирустан быһыыны ылбатах үлэһиттэр бааллара билиннэ.
Эмиэ итинник балаһыанньа Жатай бөһүөлэгэр «Альянс» (ИП Минибаева) уонна «Вам к нам» (ИП Смирнов) маҕаһыыннарга үөскээбит.
«„Карлсон“ дьиэ кэргэн кафетыгар, „Крыша“, „Вино и Мидии“ рестораннарга („Общепит Медиа“ ХЭТ), Чернышевскай уулуссатыгар баар кууһунан атыылаһар баазаларга — 11 №-дээх павильон (ИП Гасымов), „Панда“ маҕаһыын (ИП Ушницкая), 14 №-дээх павильон (ИП Семенов), „Сахабакалея“ (ИП Маншуков, ИП Ильина, ИП Колесник, ИП Кириллова) — дьиэ иһигэр салгын рециркулятордара туруоруллубатахтар эбэтэр ситэри таҥыллыбатахтар», — диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
Итини сэргэ, бааһынай ырыынагар 17 предприниматель уонна юридическэй сирэй сарсыарда үлэһиттэрин температуралын кээмэйдээбэттэрэ, үлэлиир сирдэрин дезинфекциялыыр сириэстибэлэринэн убуоркалаабаттара биллибит.
Итини таһынан, социальнай дистанцияны тутуһуу бэлиэлэрэ суох, дезинфекциялыыр суурадаһыннары сыыһа-халты тутталлар, убуорка ахсаанын, болдьоҕун бэлиэтиир сурунааллара суох эбит.
Бэлиэтэммит санитарнай быраабылалары кэһии түмүгүнэн административнай дьыалалар көбүтүллүбүттэр, боротокуоллар Дьокуускай куораттааҕы суут көрүүтүгэр бараллар.