12.03.2020 | 09:34

Роман Дмитриев. Мэлдьи илэ баар

Ааптар: Уйбаан Ушницкай
Бөлөххө киир

 

Саха театрын сценатыгар арай... Роман Дмитриев илэ хааман киирэн кэллэ. Саалаҕа толору мустубут көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр.

Бу “Сулус буолан умайдын” испэктээкилгэ Роман Дмитриев сиппит сааһын оруолун толорооччу – Василий Сорокин. Сирэйинэн олимпийскай чемпиоммутугар олус да майгынныыр эбит. Прическатын бэркэ оҥорбуттар, Таҥаһын таппыттар. Оттон боччумнаахтык туттуутун, ыллыктаахтык саҥарарын кыайа тутан оонньоото.

Эдьигээн куорат мэрэ курдук түбүктээх үлэтин быыһыгар Василий Сорокин анаан бэлэмнэммит. Аны урут тустубут буолан, тустууну ымпыгын- чымпыгын тиийэ бэркэ билэр эбит.

Испэктээкилгэ олус баҕалаах уолчааҥҥа Ньургуҥҥа (Айал Софронов) туһалаах сүбэлэри биэрдэ, тактика кистэлэҥнэрин ырытта. Албас комбинацияларыттан саҕалаан, түмүгэр тиэрдиигэ тиийэ илиитин-атаҕын, сиһин, сүнньүн хайдах хамсаныахтааҕын тутуһан-хабыһан быһаарда. Роман дьон көрдөстөҕүнэ улахамсыйбат идэлээҕэ. Иһиттэн бэйэтэ санаатыттан эмиэ туһалааҕы оҥоро сылдьара.

Атын түгэҥҥэ киэбирбит холуочук ыарахан ыйааһыннаах Альберт (Аполлон Степанов) киэптээбитигэр, партерга үлэлээ диэн баран, көмүскэнии, утары быраҕыы араастарынан кэһэтэн үөрэттэ.

Атын оруоллары самодеятельнай артыыстар диэтэххэ, оҕолуун, улахан дьоннуун бэркэ толордулар. Итиччэ ыраах, уустук суоллаах эдьигээннэр  УАЗиктарынан элбэх да буолан кэлбиттэрин хайгыах эрэ кэриҥнээхпит.  

Испэктээкил (сценарист -- Айсен Дойду, режиссердар – Туйаара Егорова, Михаил Апросимов) сюжета көрдөөх түгэннэрдээҕэ сэргэхситэр. Ордук философията баһылаабыта толкуйдатар. Сцена аан бастаан оҕолор оонньуу сылдьалларыттан саҕаланар. Дмитриевтэр кыра уоллара Сеня (оруолу толооччу – Руслан Винокуров) барыларыттан кыра да, туохха барытыгар күрэхтэһиигэ хаалсыбат, сытыы-сылбарҕа. Кини  улахан убайа Гаанньа (Эрхан Константинов) кутаа отто олорор. Бииргэ төрөөбүттэрэ Роман бу күннэргэ ССРС оҕолорго спартакиадатыгар бастаан, сотору бу Бэстээҕэр кэлиэхтээҕин кэтэһэн, этин, балыгын ахтыбыта буолуо диэн, уокка үтэр.

Ол кэмҥэ Охоноон оҕонньор (Михаил Ефимов) кэлэр. Төрөөбүт арыыларыттан балыктаан, Күөх Боллох бэрсибититтэн үөрэн иһэр эбит. Гаанньаҕа хатыыс туттарар. Муударай кырдьаҕас оҕолор тааһы өрүскэ төһө ыраах элитэргэ күрэхтэһэллэрин көрбүт. Эбэ ыраас салгынынан, уутунан, балыгынан-куһунан уйгулуурун, ханна баҕарар тиэрдэр суол буоларын кэпсиир. Ону-маны быраҕар, сыыһырдар табыллыбатын, махтаныах, хомотумуох тустаахтарын быһаарар. Кытылын ыраастыы сылдьалларыгар сүбэлиир.

Ол кэмҥэ Рома (оҕо сааһын оруолун толорооччу -- Владимир Сивцев) кэлэрин кытта, үөрэ-көтө, куустуһа-аймана көрсүһэллэр. Рома барыларыгар Москваттан аҕалбыт кэһиитин түҥэтэр. Кыһыл көмүс мэтээли аҕалбытынан, Охоноон өссө кыайыы кынаттаныаҥ, олимпийскай чемпион буолуоҥ диэн өтө көрүүлээхтик этэн, улахан хатыыһынан наҕараадалыыр. Ол ыралара туоларыгар кутааны күөдьүтэн  алгыс оҥорор.

Бу өтө көрүүнү, алгыһы, наҕарааданы, ас, дойду, доҕоттордуун көрсүһүү сэниэ биэрэрин өйдөппүтүн, Охоноон чахчы ойуун курдук эбит диэн итэҕэлгэ сыһыаран, Роман мэлдьи саныы сылдьар. Кэлин, аатыран баран, ити  ытыктыыр кырдьаҕаһын анаан көрсүһэн, кини тыла туолуоҕар мэлдьи  эрэммитин, ол кыайыыларыгар улаханнык көмөлөспүтүн билинэн, ис сүрэҕиттэн махтанар. Итинэн кини үтүөнү оҥорбуттарга, кырдьаҕастарга, итэҕэлгэ  сыһыана көстөр.

Оҕото күрэхтэһииттэн кэлбитигэр ахтан көрсүбүт уола былаат кэһиититтэн үөрдэр да, баҕар, оһолломмута буолуо диэн ийэ долгуйуута кылгас түгэҥҥэ эмиэ итэҕэтиилээхтик киирбит.

Иккис түһүмэххэ Роман аатыран, дойдутун-дьонун умнубакка, Саха сирэ, дьоно сайдарыгар, дьокутааттыыр үлэлэригэр көмөлөһүннэрэрэ көстөр.

Сцена түгэҕэр декорация оннугар маҥан таҥаска испэктээкил саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри Эдьигээн, Элиэнэ, Бэстээх Эбэлэр кэрэ айылҕалара,   Дмитриевтэр хаартыскалара, Роман тустуулара көрдөрүллэ турдулар.

Тиһэххэ кини Тенгрианствоны билинэргэ көҕүлээн оҥорторбут докумуона, ону өйөөбүт Ил Түмэн дьокутааттарын илии баттааһыннара, итиннэ сокуон ылынары өйүүргэ Арассыыйа бэрэсэдьиэнигэр Владимир Владимирович Путиҥҥа суруга көрдөрүллэн, үйэлээх үлэтин кэрэһилээтилэр.

Түмүккэ, Эдьигээҥҥэ тиийэ сылдьар кэрэспэндьиэн Ньукулай (Иван Саввинов) дьикти тааһы булан кэлбитин кэпсээн, дьону барытын түмэ тардар. Өрүскэ сөтүөлүү сылдьан уу анныгар дьикти ырыаны иһиттим диир. Анаан иһиллээтим, бу таас ыллыыр. Ону уу анныттан кумахха сытарын бу ылан аҕаллым, диэн болҕомтону ордук күүһүрдэр.

Бары ылан сыныйан көрөллөр.

-- Бу итэҕэл тааһа эбит. Эдьигээнтэн көстүбүтэ дьикти. Бу сулус буолан умайдын, -- диэн өрө туппутунан Элиэнэ кытылыгар тиийэн үрдэл үрдүгэр тахсан пааматынньыкка кубулуйан, тааһын туппутунан аҥаар илиитин тустууга кыайбыттыы өрө далбаатыы уунан финал былаһын тухары хамсаабакка турда. Тустуук уолаттар убайдарын чыпчаалларга угуйуутугар үрдүккэ тахсарга дьулуһа сценаны эргийэ сүүрдүлэр.

Сценаҕа бары кыттааччылар ыһыахха кэлэрдии киирэн истилэр. Сцена туолла.

Хор Роман Дмитриев туһунан ырыаны гимнии сахалыы, нууччалыы уонна английскайдыы толордо. Быһатын эттэххэ, испэктээкил табылынна.

Николай Николаевич Константинов – СӨ үтүөлээх тренерэ, Роман Дмитриев аатынан мусуой салайааччыта:

--Василий Сорокин сотору 50 сааһын үбүлүөйдүөхтээх. СПТУ-14 үөрэнэ сылдьан миэхэ тустуунан икки сыл дьарыктаммыта. Ромаҥҥа уруккуттан майгынныыр этэ. Балайда тустуох быһыылааҕа, оһоллонон хаалбыта. Роман аҕатынан эһэтин кыыһа Роза Романовна Томскаяны кытта Бэстээх үбүлүөйүгэр Эдьигээҥҥэ бара сылдьан, Варвара Никаноровна Аполлонова хоһоонун ааҕыыттан маннык испэктээкили туруорарга санаа үөскээбитэ.

Роза Романовна Томская

--Ити ырыа гимн курдук испэктээкили силигин ситэрдэ дии. Үс тылынан кэлин саханы аар-саарга аатырда дуораһытыа. Никаноровна Гавриил Дмитриевтыын бииргэ үөрэммит. Кини Роман Дмитриев туһунан урут эмиэ пьеса суруйбута кинигэнэн тахсыбыта. Бу испиэктээкил сурулларыгар ол эмиэ олук буолбута. Хоһоон тылбаастаныытыгар, музыка айдарыытыгар, аранжировкаҕа сүүрдүбүт-көттүбүт аҕай. Түгэнинэн туһанан Никаноровнаҕа, музыкатын айбыт Александра Никифороваҕа, Дьокуускайдааҕы педколледж кэлэктиибигэр, дириэктэр Надежда Павловна Мурукучаеваҕа, эр дьон уонна уолаттар хордарын туруорбут Альбина Афанасьевна Плескаяҕа,  хору салайбыт, нууччалыы тылбаас оҥорбут  Владимир Семенович Жирковка, кинилиин ырыаны чочуйсубут Николай Алексеевич Михеевка, английскайдыы тылбаастаабыт Виктория Георгиевна Филипповаҕа уо.д.а аймахтар ааттарыттан махталбын биллэрэбин.

Алексей Филиппович Матвеев – Сахабэчээт үлэһитэ:

-- Эдьигээннэр бу испэктээкилгэ сүүрбэччэ буолан, сорохтор арыый эрдэ кэлбиттэрэ. Мин кинилэр улуустарын хаһыатыгар редактордыыр кэммэр театральнай туруорууларга оонньуур этим. Ол иһин, бырайыас ыараханынан, доҕоруҥ Василий оруолугар оонньуоҥ диэн ватсабынан кэпсэппиттэрэ, текспин ыыппыттара. Дьокуускайга баар эдьигээттэр, кинилэрдиин доҕордоспут, онно үлэлии, олоро сылдьыбыт дьон төһө кыалларынан көмөлөһөр иэстээхпит. Дьокуускайтан иккиэ буолан, ити пиво таһар уол оруолун толорооччулуун, үс күн репетициялаан кыттынныбыт.

***

Испэктээкил кэнниттэн хас да хонон баран сүрүн оруолу толорооччу Эдьигээн мэрэ Василий Николаевич Сорокины көрүстүм.

-- Хайа, уларыйан хаалбыккын дии.

-- Ээ, Ромаҥҥа майгыннаары баттахпын үүннэрбитим. Кырыттардым. Уонна мин баттахпын уҥа диэки анньабын, Ромаҥҥа майгыннаары хаҥас анньыммытым.

--Дьэ, тустууну, Романы бэркэ билэр эбиккин.

--Оҕо эрдэхпиттэн тустар этим да. Майаҕа Василий Петрович Уваровка икки сыл, Дьокуускайга Николай Николаевич Константиновка биир сыл эрчиллибитим. Оҕолорго “Урожай” уопсастыбаҕа, атын да өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирдарга хаста да бастаан, соҕуруу бараары гынным да, оһоллонон хааларым. Соҕуруу биирдэ эрэ бара сылдьыбытым. Чебоксарыга “Трудовые резервы” уопсастыба күрэҕэр бэһис буолтум. Аармыйаҕа барар сылбыттан улаханнык эчэйэн, тустууттан тэйэргэ күһэллибитим. Кэлин ЯПУ, СГУ үөрэнэ сылдьыахпыттан наарталары үрдүнэн ойуунан дьарыктаммытым. Маастары толорбутум. Рекордсмен буола сылдьыбытым.

-- Дмитриевтэри кытта уруккуттан алтыспыт быһыылааххын.

-- Оннук. Олох оҕо эрдэхпиттэн. Оскуолаҕа барар-кэлэр суоллара дьиэм аттынан ааһар. Төрдүскэ үөрэнэ сылдьан мас хайытаары сүгэбин дүлүҥҥэ саайан баран кыайан араарбакка муҥнана турарбын Гаанньа Дмитриев көрөн, кэлэн арааран, маспын барытын силлиргэччи хайытан ааспыта. Бырааттарын Русланы кытта, киниттэн балыс да буолларбын, доҕордоспутум. Роман курдук холку-наҕыл этэ. Ити оруолу толорорбор ону саныырым туһалаата. 2000-2004 сылларга улууспар спорт салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим. Ити кэмҥэ Роман Михайлович элбэхтэ кэлэ сылдьыытын тэрийиигэ эппиэттээх буолан, балайда алтыспытым. Кини аатынан турнир ыыппыппыт.

2004 с. төрөөбүт Баахынайбар Лииндэ нэһилиэгэр, Романнаах оскуолаҕа маҥнайгы кылааска киирбит сирдэригэр, баһылыгынан талыллан үлэлээбитим. Онтон 2007 с. Эдьигээн куоратын  баһылыгын быыбарыгар туруорбуттара. Онно үһүс болдьохпун үлэлии сылдьабын.

Театральнай туруорууну саҥа дьыл иннинэ икки нэдиэлэ курдук бэлэмнээн, бастаан Эдьигээҥҥэ премьералаабыппыт. Онно эмиэ сорох кырдьаҕастар ытаабыттара. Бу Михаил Апросимов чочуйуутунан балайда уларытыллан турда.

-- Кини Щепкин аатынан училищеҕа үөрэнэр кэмигэр Роман мэлдьи кэлэрин туһунан сүрдээх үчүгэй ахтыы суруйбута.

-- Киниэхэ уонна театр дириэктэрэ Анатолий Павлович Николаевка, бары көмөлөспүт дьоҥҥо улахан махталбытын хаһыатынан тиэрт.

***

Роман кыайыылара, олоҕо, үлэтэ уонна үйэтиппит тааһа дьону-сэргэни сулус буолан үрдүктэн үрдүккэ угуйа турдун!  Владислав Коротов хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...