16.05.2021 | 17:49

Роман Дмитриев

Эдьигээннээҕи эрдэҕэс сааһа
Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

Киирии тылы суруйааччы дьиэтээҕи архыыбыттан хаартыскаҕа: 1966 с. Эдьигээн. Роман Дмитриев (уҥаттан иккис) төрөөбүт улууһугар бастакы чемпионнааһына.   Гавриил Дмитриев (уҥаттан төрдүс) дойдутугар хаһыс да төгүлүн тэҥнээҕин булбатаҕа. 

Роман Михайловиһы араас эйгэ мэлдьи сүгүрүйэ ахтабыт. Баара буоллар дэһэбит. Ордук “Роман Дмитриев” диэн аан дойдутааҕы турнир ыытыллар кэмигэр. Быйылгы түһүлгэни Москваҕа ыытаары соруммуттара. Мин үөрэ, сэргии истибитим. Чугастыы кырдьыбыт, мөлтөөбүт доҕотторо иһирэх тыллары этиэхтэрэ, киин сир өссө киэҥ эйгэҕэ таһаарыа дии санаабытым. Ол эрээри сордоох дьаҥ көбөн, көһөрөн, хата, ытыктабыла бэрдинэн аҕыйах сиртэн кэллэллэр да, Дьокуускайга ыытылынна. Уолаттар кумирдарын көбүөрүгэр сырыы ахсын буоларын курдук муҥнарынан киирсэн, албан аатын наһаа түһэн биэрбэтилэр.

Эһиил Роман Дмитриев Мюнхеҥҥа саха биир саамай үөрүүлээх күнүн оҥорбута 50 сылын туолуо. Ол кэм үчүгэй да этэ –  Юрий Гагарин куйаары арыйан кэлбитин курдуга.

Мин  бастакы олимпийскай чемпиоммут уонна кини убайа ССРС икки төгүллээх чемпиона, сахаттан үһүс аан дойдутааҕы таһымнаах маастарбыт Гавриил Дмитриев, доҕордоро Николай Захаров-Сахаачча  тустарынан улахан үлэни бэлэмнии сылдьабын. Ити сураҕы истэн онтон-мантан ахтыылары, хаартыскалары ыыталлар. Бэйэм ирдэһэн видеоҕа да устабын. Ол оннук көмө оҥороллор. 

Үксүн наар бииргэ үөрэммиттэрэ ханна баалларын, сүнньүнэн  төрөөбүт сирдэригэр, Дьокуускайга олорооччулары ыйаллар. Бу эрдэҕэс сааһын иһирэхтик ахтыбыт Василий Бурнашев кэмбиэрдээх суругун Бааттаах Боппуок–Александр Попов (өссө элбэх киһи А.Попов диэн билэр) Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыттан булан аҕалла. Кинилэргэ махтал! Маннык өссө кэллэр.

Умнуллубат улахан киһи

 

Мин, Бурнашев Василий Трифонович, 1951 сыллаах төрүөхпүн. Оҕо сааһым Өлүөнэ өрүс кытылыгар турар Эдьигээҥҥэ ааспыта. Аҕам СМУ-1 диэн тутуу тэрилтэтигэр болуотунньуктаабыта, улахан оскуола, балыыһа тутуутугар сылдьыбыта. Биригээдэҕэ кырдьаҕастара этэ. Ийэм дьиэ хаһаайката. Биһиги ыал кытыл үрдүгэр Набережная  уулусса 6 №-дээх дьиэтигэр олорорбут. Оттон 9-с нүөмэрдээх дьиэҕэ – Дмитриевтэр.

Онон мин оҕо сааһым үс ини-бии Ганя, Рома, Сеня Дмитриевтэри  кытта ааспыта. Улаханнара Ганя боксанан дьарыктанар разрядтаах уол, бэйэтэ элбэх табаарыстаах, дьоһун киһи этэ.

Биһиги, уолаттар, сүөһүтэ суох ыал оҕолоро буолан, оҕус сиэтэр, от үлэтэ диэни билбэккэ улааппыппыт.

Аны санаатахха, оччолорго син сайдыылаах эбиппит. Мин аҕам фанера сирэйдээх теннис остуола оҥорон, Сеня, Рома буолан сөбүлээн оонньуурбут. Солдатов Кимаҕа бильярд баара, онно киирсэрбит.

Оччолорго почта үчүгэйдик үлэлиирэ –  теннис наборун, фонарик, жилка, крючок, теннис шарига уо.д.а. сакаастаан ыларбыт. Иркутскайтан, оҕо сылдьан эстиэнкэ, небитка, лапта,  оонньуу суруйтаран ыларбыт. Биһиги убайбыт Ромаҥҥа Николай II манньыата баара, онно ымсыырар этибит. Кини биһиэхэ хамандыыр, мин адъютант буоларым. Биһиги диофил хаатын хаппаҕар, уокка сибиниэһи уулларан кутан полтинник манньыат оҥосторбут. 6 уол наар бииргэ сылдьарбыт. Аҕа саастаах Рома бас-көс киһибит буолара. Икки сыл аҕа. Кини түргэнник толкуйдуур, сытыы, дьоҕурдаах этэ. Онтуката тустарыгар да көмөлөстөҕө.

Сайын тыаҕа тахсан эриэхэлиирбит, сугуннуурбут, дьэдьэнниирбит (олус минньигэс) уонна биир сиргэ улахан штабтаах этибит. Күһүн Стрекаловка үрэҕэ турар “Салехард” эргэ быраҕыллыбыт бааржаҕа саабылалаһа оонньуурбут. Өрүс тоҥуута көнө сиргэ хаар күрдьэн балаһаакка оҥостон хоккейдыырбыт. Тыаттан талах быстан клюшка оҥосторбут. Шаайбабыт камбала кэнсиэрбэ бааҥката буолара. Оччолорго токур төбөлөөх хаҥкы бачыыҥкалар суохтара. Хамандыырбыт сылбырҕа, имигэс, сытыы, булугас-талыгас Рома –  уол оҕото. Кинини холобур оҥосторбут.

Саас кэлэн сыта үчүгэйин! Хайыһар саҕаланара. Сыыртан хайыһарынан түһэрбит – биир дьарыкпыт. Рома обургу толкуйунан сыыр анныгар трамплин оҥосторбут. Икки буочуканы туруоран, иккини сытыары ууран баран (киэһэ) хаарынан көмөн, тас өттүнэн инчэҕэй хаарынан таптайан тоҥорорбут. Оһуобай буолара. Дьэ, уонна ким ырааҕы ыстанарыгар күрэхтэһэрбит.

Саас өрүс кытылыгар туллуктуурбут. Иккилии буолан. Төгүрүк гына хаар тэпсэн, онно күл, буор, сылгы сааҕа кутан хараардарбыт. Сылгы маҥан кутуругунан хатан оҕуур оҥосторбут. Хаптаһыҥҥа алта устуука. Ону чараас гына хаар кутан баран, эбиэс кутарбыт. Дьэ уонна сарсыарда эрдэ киирэн көрөрбүт. “Оо, баар бөҕө!” диэн буолара (түөрт-алта). Улахан булчут курдук туттуу-хаптыы кытаанах. Дьиэбитигэр таһааран тута үргүүрбүт уонна хоспоххо мунньан уурарбыт. Бастакы маайга диэри мунньарбыт. Төһө буолбутунан эмиэ күрэхтэһэрбит. Аны тыаҕа куруппааскыга оҕуурдуурбут. Онон көхтөөх, барыга-бары дьоҕурдаах оҕолор этибит. Сайын үтүөтэ сөтүөлээн, балыктаан биллибэккэ ааһара. Улахан уолаттар экспедицияҕа үлэлэһэ бараллара. “Техучаастак” диэн тэрилтэҕэ катерга мотуруоһунан киирэллэрэ. Онно биһиги ымсыырарбыт эрэ.

Өрүскэ кытыыга дебаркадер баара. Онтон уоран да буоллар, үөһэттэн ыстанан сүүрүгү таҥнары ким уһун тыыннааҕый диэн умса оонньуурбут. Итиннэ бары кыттарбыт, дьарыкпыт биһиги эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буоларбытыгар туһалаабыта.

Оччолорго Эдьигээҥҥэ райпоҕа икки грузовой массыына баара, матасыыкыл диэн олох суоҕа. Хата, ыал аайы мотуордаах оҥочолоохторо (“Вихрь”, “Москва”).

Мин аҕам оҕонньор оҥочотугар “Волна” диэн иннигэр аата сурулла сылдьара. Дьэ уонна Мохначевскай Коляҕа баара. Онно бары мустан, өйүө-тайаа ылынан балааккалаах тэйиччи баран балыктыырбыт. Бастыҥ булпут – улахан сордоҥ. Ону Рома иһин хайытан, быһаҕынан туора-маары сотон тиэрэн баран хатарара. Ол сөбүлүүр аспыт. Онон оҕо сылдьан атах сыгынньах өрүс кумаҕар көрүлээбит оҕолорбут.

1964 сыллаахха Эдьигээҥҥэ спорт маастарыгар кандидат Николай Габышев кэлэн тустуу секциятын аспыта. Онтон биһиги хаалыахпыт дуо? Суруйтаран киэһэ аайы (субуотаттан ураты) кулуупка секцияҕа сылдьар буолбуппут. Тустууга бастакы улахан күрэхтэһиибин умнубаппын.  Онно Эдьигээн, Тиксии, Өлөөн оҕолоро кэлбиттэрэ. Ону бэҕэһээҥҥи курдук өйдүүбүн (хомолтолоох да буоллар). “На ковер вызываются борцы легкого веса Вася Бурнашев – красный угол!” – диэтилэр. Атахпар кыһыл таҥас бааана туран көрбүтүм, утарсааччым – Тиксии уола, нуучча. Быдан баһыйтаран кыайтарыы буолла. Иккис эргииргэ Заровняев Вованы, бэйэм уолбун, сэнии санаан, харса суох киирэн албас оҥороору тиэрэ баран түстүм. Инньэ гынан кыайтаран туораатаҕым дии.

Ол күрэхтэһиигэ биэс уол бэйэлэрин ыйааһыннарыгар бастаабыттара. Рома онно таһыччы этэ. Габышев ити биэс уолу салгыы дьарыктаабыта. Рома миигин сэмэлээбитэ. Ол баара.

Роман онтон куорсун анньынан, салгыы дьарыктанан, аан дойдуга биллэр тустуук буола үүннэҕэ дии саныыбын.

Мин аҕам 1965 сыллаахха 60 саастааҕар биэнсийэҕэ тахсан, дойдутугар Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыгар көһөн кэлбиппит. Эдьиийим куоракка олорор буолан, мин Дьокуускай 2-с нүөмэрдээх оскуолатыгар салгыы үөрэммитим. Онтон училищеҕа киирбитим. Оччолорго Роман Чурапчыга спорт оскуолаҕа кэлбит этэ.

Биир сайын Роман Забайкальеҕа сулууспалыы сылдьан, кинилэр чиэстэрин көмүскүү, Манчаары күрэхтэһиитигэр кэлэн олус үчүгэйдик бастаан барбыта. Онно пааркаҕа күүлэйдээбиппит, оҕо сааспытын ахтыбыппыт. 2003 сыллаахха Майаҕа Чечняҕа өлбүт уолбар кыбартыыра күлүүһэ ыла киирэ сылдьан, Романы ол тэрээһин малааһыныгар көрсүбүтүм. Оччолорго Майаҕа спорт комплекса аһыллыбыта. Онно делегацияҕа баара. Табаҕаҕа баарбын истэн үөрэн, кыбартыыра ылбыппынан эҕэрдэлээбитэ. Ассамблеяҕа олорон сэһэргэспиппит. Ол биир дойдулаахпын, убайбын, хамандыырбын бүтэһик көрсүһүүм эбит.

Мин сахаттан бастакы олимпийскай чемпиону кытта биир иһиттэн аһаан, бииргэ хоонньоһон утуйан, оҕо сааспын бииргэ атаарбыппынан киэн туттабын уонна астынабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....