РФ ЫБММ Бе-200ЧС сөмөлүөттэри көмөҕө ыытта
Саха сиригэр ойуур баһаардарынан балаһыанньа уустугуран, Арассыыйа ЫБМ миниистирэ Евгений Зиничев быһаарыытынан эбии икки Бе-200ЧС амфибия-сөмөлүөттэр кэлэр буоллулар.
Ол курдук салгын суудуната Мирнэй куоракка Красноярскайдааҕы авиационнай-быыһыыр киинтэн кэлэр, итини сэргэ өссө биир сөмөлүөт Ростов-на-Дону авиационнай-быыһыыр киинтэн кэлэрэ күүтүллэр.
Билиҥҥи туругунан региоҥҥа ойуур баһаардарын умуруоруу салҕанар. Уустук балаһыанньа Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Мирнэй, Горнай, Кэбээйи, Ньурба, Өлүөхүмэ, Өймөкөөн, Уус-Майа, Томпо, Таатта, Хаҥалас уонна Сунтаар оройуоннарыгар оннунан турар, ити сирдэргэ 187 ойуур баһаардарын көрдүгэнэ баар. Нэһилиэнньэлээх пууннары көмүскүүргэ Арассыыйа ЫБММ аэромобильнай бөлөҕө үлэлэһэр.
Саха сирин территориятыгар баһаары умуруорууга икки тыһыынчаттан тахса киһи уонна 270 тахса тиэхиньикэ, ону сэргэ авиация үлэлииллэр.