08.07.2021 | 13:00

РФ спордун миниистирэ Олег Матыцин Манчаары Оонньууларыгар кэллэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

РФ спордун миниистирэ Олег Матыцин «Манчаары Оонньуулара» спорт национальнай көрүҥнэригэр XXI Спартакиада үөрүүлээх аһыллыытыгар кытынна. 
«РФ спордун министиэристибэтин аатыттан эһигини «Манчаары Оонньуулара» спорт национальнай көрүҥнэригэр XXI Спартакиада үөрүүлээх аһыллыытынан эҕэрдэлиирим миэхэ улахан чиэс уонна үөрүү. Бастатан туран Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатыгар, тэрийэр кэмитиэккэ, Горнай оройуонун олохтоохторугар, оройуоннар бэрэстэбиитэллэригэр маннык уустук кэмҥэ Оонньууларга бэлэмнэммиккитигэр уонна кэлбиккитигэр махталбын тиэрдэбин», - диэтэ Спартакиада үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыытыгар  Олег Матыцин. 
Кини Саха сирин бырабыыталыстыбата ыытар бэлиитикэтин бэлиэтээтэ. «Бүгүн эһиги дьоллоох сирэйгитин, күрэхтэһэр баҕаҕытын, дойдугутунан киэн туттаргытын көрөбүт. Ол иһин өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата спортка, култуураҕа, үөрэҕириигэ ытыктабыллаах сыһыан политикатын ыытара туһалааҕар эрэллээхпит», - диэн миниистир эбэн эттэ. 
Спартакиада буолар кэмэ Токиоҕа ыытыллыахтаах Олимпийскэй  Оонньууларга бэлэмнэниини кытта сөп түбэспит. «Биһиги Олимпийскэй Оонньуулар буолуохтарын иннинэ сүдү суолталаах кэмҥэ көрүстүбүт. Манна кэлэн иҥэриммит эниэргийэбитин биһиги, Олимпиадаҕа бэлэмнэнии штабын салайааччылара, спортсменнэргэ тиэрдиэхпит. Олимпийскай оонньууларга бэлэмнэнии уонна күрэхтэһии кэмигэр биһиги хамаандабытын өйүүргүтүгэр эрэнэбин. Эһиэхэ доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, өрөспүүбүлүкэҕэ чаҕылхай кыайыылары баҕарабын», - диэн түмүктээтэ Олег Матыцин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...