РФ бырабыыталыстыбата үлэтэ суохтары регистрациялааһын судургу көрүҥүн уһатта
РФ бырабыыталыстыбата үлэтэ суохтары регистрациялааһын судургу көрүҥүн 2021 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри уһатта. Ол туһунан РФ бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ити туһунан уурааҕы бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин бигэргэттэ.
Былырыын киирбит бэрээдэгинэн, үлэтэ суох туһунан «Работа в России» сайт нөҥүө сайабылыанньа биэрэн учуокка туруохха сөп. Онно эбии судаарыстыбаннай өҥө портаалыгар баар тус кэбиниэт нөҥүө үлэтэ суох босуобуйатын оҥоттороллор.
Итинник регламент гражданнары дьарыктаах буолуу сулууспаларыгар сылдьартан босхолуур. Ону таһынан, үлэтэ суохтар ирдэнэр докумуоннары хомуйа сатаабаттар, бары сибидиэнньэлэр тустаах тэрилтэҕэ быһа автоматическай көрүҥүнэн киирэллэр.
2021 сылга үлэтэ суох ылар саамай үрдүк босуобуйата 12 130 солкуобай, алын кээмэйэ – 1500 солкуобай. Босуобуйа гражданин үлэтэ суоҕунан билиниллибит бастакы күнүттэн ааҕыллар.
Бастакы үс ыйга гражданин бүтэһик үлэлээбит тэрилтэтигэр орто хамнаһын 75%-на, ол эрэн 12 130 солкуобайтан тахсыбат суума төлөнөр. Кэнники үс ыйга орто хамнас 60%-на, ол эрэн 5000 солкуобайтан тахсыбат босуобуйа көрүллэр.