Рейтиннээх куоластааһыҥҥа Дьокуускай куораттан 52 тыһыынча кэриҥэ киһи кыттыбыт
Кулун тутар 15 – муус устар 30 күннэригэр 14.gorodsreda.ru балаһааккаҕа ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы рейтиннээх куоластааһыҥҥа Саха сириттэн хаһааҥҥытааҕар да элбэх – 125 156 киһи кыттыыны ылла, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Ол иһигэр Дьокуускай куораттан былырыыҥҥытааҕар икки төгүл элбэх – 52 271 киһи куоластаабыт (2023 сыл – 29 679 киһи).
Ол курдук, «Куорат сиригэр нэһилиэнньэҕэ табыгастаах эйгэни тэрийии» бырайыагынан кэлэр 2025 сылга федеральнай киинтэн үбүлэнэн тупсарарга былааннанар уопсастыбаннай туоналары талар күрэххэ Саха сирэ 67, ол иһигэр Дьокуускай куорат 5 бырайыагынан, кытынна: Гагарин аатынан сквер, Щорс күөлүн кытыла, Сэргэлээх күөлүн кытыла (ДСК оройуона), Теплай күөл кытыла, «Ытык сир» паарка (Новопортовской оройуон).
Дьокуускай куораты таһынан куоластааһыҥҥа Томмот, Алдан, Аллараа Кураанах, Сангаар, Айхал, Чернышевскай, Беркакит, Чульман, Хаандыга, Мохсоҕоллоох, Уус Майа бөһүөлэктэрин, Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү, Хоро, Үөдэй, Нам, Мукучу, Кэбээйи, Ленскэй, Бороҕон, Таатта, Чурапчы нэһилиэктэрин, Нерюнгри, Ленскэй, Мииринэй, Удачнай, Ньурба, Өлүөхүмэ, Покровскай, Бүлүү куораттар бырайыактара киирбитэ. Оттон куоластааһыҥҥа Дьокуускай куорат (52271), Нерюнги (9502), Ньурба (7776), Мииринэй (7245) уонна Ленскэй (4 688) олохтоохторо ордук көхтөөх кыттыыны ылбыттарын ыйаллар. Маны таһынан волонтердар үлэлэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук, быйыл аҥаардас волонтердар көмөлөрүнэн 79097 куолас киирбитин санаталлар.
Муус устар 30 күнүгэр биллибитинэн, Дьокуускай куоракка кыайыылааҕынан 22 711 куолаһы хомуйбут "Ытык сир" паарка тахсыбыта. Санатар буоллахха, былырыын кыайбыт Федор Попов аатынан сквер дизайн-бырайыага 9148 куолаһы хомуйбута.
«Куорат сиригэр табыгастаах эйгэни тэрийии» федеральнай бырайыагынан ыытыллар рейтиннээх куоластааһын түмүгүнэн Дьокуускай куоракка араас сылларга Таалай күөл, «Ворота Якутска» сквер, Учуутал бульвара, Сири оҥорооччулар сквердэрэ (Дзержинскэй уул.), Дьаамсыктар сквердэрэ, Тыыл үлэһиттэрин скверэ тутуллубуттара. Былырыын Сайсары күөл кытылын уонна Ийэ скверин тупсарыы саҕаламмыта, быйыл Федор Попов аатынан сквери тутуу саҕаланыаҕа.