07.06.2024 | 12:00

Үөрэнээччилэр спартакиадалара

Үөрэнээччилэр спартакиадалара
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин спартакиадата бэс ыйын 6-10 күннэригэр спорт 29 көрүҥэр 35 улуустан 1700 оҕо кыттыылаах буолуоҕа. 

Бу туһунан билиһиннэрэр пресс-конференцияны Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирин солбуйааччы Альбина Аргунова, “Спортивные якутяне” Киин дириэктэрин солбуйааччы Александр Брызгалов уонна Спартакиада сүрүн судьуйата Юрий Балаганскай иһитиннэрдилэр. Спартакиада кыайыылаахтарыгар туттарыллыахтаах Кубоктар, мэтээллэр, спортсменнар экипировкалара көрдөрүлүннүлэр.

Александр Романович иһитиннэрбитинэн, Саха сирин үөрэнээччилэрин Спартакиадата коронавируһунан сибээстээн биэс сыл тохтотуллан баран, былырыын 2023 с. Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев дьаһалынан сөргүтүллүбүтэ. Оскуолаларга, улуустарга уонна өрөспүүбүлүкэ финалыгар үс түһүмэҕинэн ыытыллан, 63 тыһ. тахса оҕо кыттыыны ылбыта. Спартакиада сүрүн сыала-соруга: хас биирдии оскуолаҕа күрэхтэһии тыына биллэн, элбэх оҕо физкултууранан уонна спордунан дьарыктанарын, чөл, чэгиэн-чэбдик сылдьарын ситиһии. Билигин Спартакиада 29 көрүҥүттэн 20-чэтэ түмүктэннэ. Хаалбыт көрүҥнэр финаллара бэс ыйын 6 – 10 күннэригэр чэпчэки атлетикаҕа, көҥүл тустууга, боксаҕа, гиирэ спордугар, оҕунан ытыыга, мас тардыһыытыгар, дуобакка, саахымакка ыытыллыахтара. Күрэхтэһиилэр Дьокуускай куорат спорка эбийиэктэринэн, “Модун”, “Триумф”, Дуобат-саахымат дыбарыастарыгар, университет УЛК уонна тустууга саалаларыгар, Хатаска саҥа тутуллубут спорт комплексыгар, Музыка үрдүкү оскуолатыгар, Горнай улууһун Бэрдьигэстээх “Чыпчаал” стадионугар буолуохтара. Быйыл гиирэ спорда уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах адаптивнай спорт чэпчэки атлетикаҕа икки көрүҥэ эбиллэн биэрдилэр.

Бастаабыт хамаанда – 250 тыһ. солк., иккис, үһүс миэстэлэри ылаттаабыттар туһааннааҕынан – 150 уонна 100 тыһ.солк., спорт биирдиилээн көрүҥнэригэр чөмпүйүөн оҕолору бэлэмнээбит тренердэр 100 тыһ.солк. бириэмийэлэниэхтэрэ.

Оскуола оҕолорун ахсааннарынан түөрт бөлөх баар. Былырыын I бөлөххө  –Дьокуускай, Мэҥэ Хаҥалас, Сунтаар; II бөлөххө – Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү, Амма; III бөлөххө – Кэбээйи, Уус Майа, Булуҥ;  IV бөлөххө Эдьигээн, Өлөөн, Муома улуустара туһааннааҕынан бастакы, иккис, үһүс миэстэлэри ылаттаабыттара.

Спартакиада түмүгүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин хамаандалара сүүмэрдэнэннэр, Арассыыйа үөрэнээччилэрин спартакиадатыгар барыахтара. Ону таһынан биирдиилээн көрүҥнэр, итиэннэ ГТО многоборьетын кыайыылаахтара Арассыыйа үөрэҕин министиэристибэтин иһинэн спорт кулууптарын Бүтүн Арассыыйатааҕы түһүмэҕэр күрэхтэһиэхтэрэ. Бастыҥнар “Азия оҕолорун” Оонньууларыгар эмиэ кыттыахтара.

Өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин спартакиадатын үөрүүлээх аһыллыыта уонна сабыллыыта “Доҕордоһуу” болуоссатыгар буолуоҕа.

Түмсүүлээх, тэрээһиннээх, үчүгэй бэлэмнээх хамаандаларга ситиһии тосхойдун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...