11.06.2021 | 10:29

Рекорд үөһэ рекорд!

Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

Аатырбыт дэгиттэр спортсмен  Василий Николаев кэриэһигэр атах оонньууларыгар өрөспүүбүлүкэ чемпионата элбэх саҥа рекордааҕынан историяҕа киирдэ. Өрөбүллэргэ  «Туймаада» стадиоҥҥа 13 улуус,   Дьокуускай, ХИФУ,   АГАТУ ааттарыттан 40 спортсмен  кытынна. Биир  ыйынан  Манчаары оонньуулара буолаары турарынан, спортсменнар эрчиллиилэрин күүһүрдүбүттэрэ ырааттаҕа.  

ЯПК 1 кууруһун устудьуона, сабыылаах сиргэ күрэхтэһиигэ өрөспүүбүлүкэ рекордсмена  Валерия Олесова үс көрүҥ түмүгүнэн дьахталларга бастаата, өрөспүүбүлүкэ рекордарын таблицатыгар аатын үстэ суруйтарары ситистэ: 20-гэр диэри саастаахтарга суумаҕа (66 м 74 см),  кылыыга (24 м 75 см), ити кылыйыыта 23-гэр диэри саастаахтар рекордарын эмиэ куоһарда. 

Саастаахтарга урукку рекордсмен Виталий Васильев (Ньурба) утарсааччыларыттан ойуччу ыраах түһүтэлээтэ. Үс көрүҥ сууматыгар чугастааҕыттан 5 аҥаар миэтэрэ чорбойдо.

Эр дьоҥҥо  25 күрэхтэһээччиттэн 14-дэ маастар.

Ыстаҥаҕа  Кай Адамов өрөспүүбүлүкэ рекордун ааһа түһэн уруйданна –  47 м 43 см тиэртэ.

 “Куобахха” Тааттаттан Андрей Васильев бэйэтин өрөспүүбүлүкэтээҕи  рекордун ыраатыннарда – 43 м 16 см!

Эрэл Тихонов 41м 25 см куобахтаан,  23-гэр диэри саастаахтарга өссө биир рекорду эбэн биэрдэ!

Троеборье сууматыгар  муҥутуур кыайыылааҕынан  Кай Адамов буолла – 133 м. Киниттэн миэтэрэттэн кыра ордугунан хаалан, Андрей Васильев (131 м 70 см),  Ньургун Сокольников (129 м 50 см) үһүс миэстэлэргэ таҕыстылар. Сокольников барыта үс рекордун соргуланна: 20-гэр диэри ыстаҥаҕа  — 45м 49 см, «куобахха» — 38 м 90 см уонна троеборьеҕа — 129 м 50 см

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....