Рекламаны көҥүлэ суох сиргэ ыйыыр бобуулаах
Административнай хаамыыһыйаҕа иһитиннэрбиттэринэн, буруйу оҥороччууларга ууруллубут ыстараап уопсай суумата 149 тыһ. солк. буолла. Хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Феликс Антонов анала суох сиргэ рекламалары килиэйдээһин административнай буруйу оҥорууга тэҥнэнэрин тоһоҕолоон бэлиэтиир. Биллэриилэри мээнэ килиэйдээһин, сокуоҥҥа олоҕуран, вандализм буолар.
“Вандальнай биллэриилэри көҥүлэ суох сиргэ ыйыыр дьон куорат уопсай көстүүтүн буорту гыналлар, ол аата кинилэр информационнай бөҕү элбэтэллэр. Куоракка биллэриилэри ыйыыр сыалай хампаанньалары ыыталлар, ол кэнниттэн муниципальнай сулууспалар, дворниктар, куорат олохтоохторун суотугар, балары ыраастыырга күһэллэллэр.
Бииллэриилэри ыйыыр дуоскалары элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр подъезтарыгар Салайар хампаанньалар ыйыыллар. Онтон атын сиргэ рекламаны килиэйдиир бобуулаах”, - диир Феликс Антонов.
2021 сыллааха Куорат дууматынан ылыллыбыт быраабылаҕа олоҕуран, биилэриилэри уонна онтон да атын реклама бородууксуйатын анал информационнай истиэндэлэргэ, дуоскаларга эрэ ыйаныахтаах.
Административнай хамыыһыйа сэрэтэр:
- листовкалары, былакааттары, афишалары уонна онтон да атын рекламаны анала суох сиргэ ыйаабыт биирдиилээн дьонтон, хас биирдии биллэрии аайы 1000-3000 солк. ыстараап көрүллэр.
- Дуоһунастаахтартан: 3000-30000 солк.
Юридическэй сирэйдэртэн: 30 000 – 100 000 солк.
Буруйу оҥоруу иккистээн хатылыннаҕына ыстараап:
- биирдиилээн киһиттэн: 3000-5000 солк.
- Дуоһунастаахтартан: 30 000 – 50 000 солк.
- Юридическэй сирэйдэртэн: 100 000 – 500 000 солк.