04.03.2021 | 13:19

Үөрэххэ туттарсарга эбии баалы хайдах ылыахха сөбүй?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэргэ биир да баал улахан оруолу оонньуур. Бүддьүөттэн үбүлэнэр миэстэҕэ илин-кэлин түсүһүү ордук тыҥааһыннаах буолар. Үөрэххэ туттарсыыга БКЭ баалыгар эбии баалы ылыахха сөбүн билэҕит дуо?

  • Туйгун сыаналаах аттестаттаах буоллаххытына (1-тэн 10 баалга тиийэ ылыахха сөп).

Аттестаккытыгар барыта “5” сыана турар буоллаҕына «За особые успехи в учении» мэтээл ылаҕыт уонна үөрэххэ туттарсарга эбии баал аахсаҕыт.

  • Түмүктүүр өйтөн суруйууга (1-тэн 10 баалга тиийэ).

Ханнык үөрэх кыһата төһө баалы эбэрин киһи билигин чуолкай эппэт эрээри, олоххо маннык баалы эбии баар суол.

  • Спортсменнарга эбии баал (1-тэн 10 баалга тиийэ).

Олимпиада, Параолимпиада уонна Сурдолимпиада чемпионнара физкультура хайысхатынан үөрэтэр үрдүк үөрэх кыһаларыгар эксээмэнэ суох быһа киирэллэр. Ону тэҥэ сорох үөрэх кыһаларыгар спортка чаҕылхай ситиһиилэр иһин эбии баал аахсыаха сөп.

  • ГТО кыһыл көмүс значога 5 баалы биэрэр.
  • Волонтердар хамсааһыннарыгар кыттыы иһин эмиэ баал эбиллэр (1-2 баал). Үөрэххэ тутарсыаххыт иннинэ кыччаабыта 4 сыл волонтердаабыт буолуохтааххыт.
  • Олимпиадалар уонна айар үлэ куонкурустара (1-тэн 10 баалга тиийэ эбэтэр эксээмэнэ суох быһа киириэххэ сөп). Олимпиадалар хас да көрүҥҥэ арахсаллар. Сорох олимпиадалар үөрэххэ туттарсыыга ааҕыллыбаттар, сорохтор 100 баалы биэрэн БКЭ-тэн босхолуохтарын сөп.

Айар үлэ куонкурустара талбыт идэҕит хайысхатынан буолуохтаахтар. Холобур, дизайнер, модельер идэтигэр куонкуруска кыайан үөрэххэ быһа киириэххэ сөп. Ону тэҥэ программированиеҕа, наука араас хайысхаларыгар маннык куонкурустар үгүстэр.

Ханнык баҕарар үрдүк үөрэх кыһата сыллата бэйэтэ туспа ирдэбиллэри олохтуур. Докумуоҥҥутун туттарыаххыт инниттэн баҕарар хайысхаҕытынан үөрэх кыһаларын үөрэтэ сылдьыҥ. Ону тэҥэ ханнык усулуобуйаҕа эбии баал аҕылларын туоһулаһыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....