14.08.2024 | 13:43

Үөрэх тэрилтэлэригэр үлэ күөстүү оргуйар

Үөрэх тэрилтэлэригэр үлэ күөстүү оргуйар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куораттааҕы үөрэх управлениета иһитиннэрэринэн, Дьокуускайга үөрэх тэрилтэлэригэр Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама (ППМИ) чэрчитинэн кэккэ эбийиэктэргэ үлэ күөстүү оргуйар. Ол курдук, уһуйаан уонна оскуола тиэргэннэрэ, балаһааккалара тупсарыллаллар, таһынааҕы сырдатыы үлэтэ ыытыллар, тэрил-тээбирин ылыллар.

Быйыл киин куоракка үөрэх тэрилтэлэригэр бу бырагыраама иитинэн 31 мөл. солк. тахса суумалаах 14 бырайыак олоххо киирэр. Былааннаммыт үлэ барыта ыйыллыбыт болдьоҕунан уонна графигынан оҥоһуллар.

Ол курдук, 89 №-дээх «Парус» уонна 102 №-дээх «Подснежник» уһуйааннарга туустаах хостор баар буоллулар. 24 №-дээх «Сардаана»  уһуйаан педагогтарын уонна төрөппүттэрин көҕүлээһиннэринэн  Губинскай уокурук 203-с дьоҕус түөлбэтигэр Иитээччи скверин тупсарыы иккис түһүмэҕэ ыытыллар. Маны сэргэ, 9 №-дээх «Якутяночка», 10 №-дээх «Туллукчаан», 14 №-дээх «Журавлик», 82 №-дээх «Мичээр» уһуйааннарга, Табаҕа орто оскуолатыгар, «IT-куб» цифровой үөрэхтээһин киинигэр уонна Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар территорияны тупсарыы үлэтэ салҕанар. Итини таһынан, «Юнармия дьиэтин» илин өттүн саҥардаллар, П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын агропааркатыгар хаххалыыр оҥоһуу туруора сылдьаллар. Табаҕаҕа 103 №-дээх «Родничок» уһуйааҥҥа «Росточек» кэбиниэккэ интерактивнай уонна мультимедийнай тэрил-тээбирин саҥардыллыаҕа, ону таһынан кырачааннары суол быраабылаларыгар үөрэтэр балаһаакка оҥоһуллуоҕа.

Ити курдук, үөрэх тэрилтэлэригэр саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнэнии күргүөмнээхтик ыытыллар.    

 

Хаартыска: t.me/yaguo_official

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...