Үөрэх эйгэтигэр киирэр уларыйыылар
Үрүҥ көмүс мэтээл сөргүтүллэр
2023-2024 үөрэх дьылыгар урут баар буола сылдьыбыт үрүҥ көмүс мэтээл төннөр. Үрүҥ көмүс мэтээл 2014 сылтан тохтуу сылдьыбыта. «Үөрэххэ оһуобай ситиһиитин иһин» II-с истиэпэннээх үрүҥ көмүс мэтээл үөрэнээччи аттестатыгар икки эрэ “4”, уоннааҕыта “5” сыаналаах буоллаҕына туттарыллар.
Кыһыл көмүс мэтээл курдук үөрэххэ туттарсыыга эбии баал биэрэрэ-биэрбэтэ билиҥҥитэ чуолкайдана илик.
Үлэнэн иитии төннөр
Оҕо кыра эрдэҕиттэн үлэнэн иитиллэн тахсыахтаах диэҥҥэ сөбүлэһэҕит дуо? Билиҥҥи үйэҕэ илии-атах үлэтин оҥорордооҕор биир сиргэ олорон компьютердыырын ордорор оҕо үгүс.
Саҥа үөрэх дьылыттан уопсастыбаҕа туһалаах үлэ өйдөбүлэ киирэр – кылааһы, спортивнай саалалары сууйуу-сотуу, актовай саалалары бэлэмнээһин эбээһинэһэ оҕолорго сүктэриллиэн сөп. Үлэ ханнык көрүҥэ уопсастыбаҕа туһалаах буолуоҕун хас биирдии оскуолаҕа дириэктэр уонна кини солбуйааччылара быһаарыахтара.
ОБЖ оннугар дойду көмүскэлэ
«Основы безопасности и защита Родины» диэн саҥа биридимиэт сэрэхтээх буолуу, кутталлаах быһыыга-майгыга хайдах-туох дьаһаныы уонна патриотизм өйдөбүллэригэр билиини биэриэҕэ.
Үөрэнээччилэр дойдуга бэриниилээх буолуу уонна Ийэ дойдуну көмүскээһин тыыныгар сыһыарыллыахтара. Дойдуларын историятын, култууратын, үгэстэрин, дойдубут көмүскэлигэр үлэлиир сулууспалар тустарынан сиһилии информацияны үөрэтиэхтэрэ. Гражданин эппиэтинэһин үрдэтэр, төрөөбүт дойдуга патриоттуу сыһыаны иитэр биридимиэт быйылгыттан оскуолаларга киирэр.
Оскуолаҕа – Сүбэһит
Оскуолаҕа оҕону иитиигэ Сүбэһит ыстаата Арассыыйа 45 субьегар киирэн турар, бу саҕаланар үөрэх дьылыттан ол хамсааһыҥҥа өссө 35 регион кыттыһар.
Сүбэһит оскуолаҕа үөскүүр атааннаһыыларга, мөккүөрдээх түгэннэргэ оҕолорго, төрөппүттэргэ уонна учууталларга көмөлөһөр, тэрээһиннэри ыытар эбээһинэстэнэр.
Биир кэлим пуорма киириэҕэ
Эһиилгиттэн Арассыыйаҕа судаарыстыба ыстандаартыгар олоҕурбут биир кэлим пуорма киирэр. Бу пуорманы үс сыл устата тургутан көрбүттэр, оҕо кэтэригэр буортута суоҕун уонна табыгастааҕын, матырыйаала тыынарын иһин үрдүктүк сыаналаабыттар.
ГОСТ ыстандаартарыгар сөп түбэһэр таҥас кэмпилиэгэр куопта, булууһа, сэлиэт, бинсээк, кардиган, джемпер, сибиитэрэ, ырбаахы, бүрүүкэ, шортик киирэр. Уол, кыыс күннээҕигэ уонна үөрүүлээх быһыыга-майгыга кэтэр таҥаһа тус-туһунан буолар. Сыаната билиҥҥитэ биллибэт.
Идэни талыыга бэлэмнээһин
Балаҕан ыйын 1 күнүттэн идэҕэ эрдэттэн туһаайар дьарыктар нэдиэлэ аайы ыытыллар буолуохтара.
Былырыыҥҥы үөрэх дьылыгар киирбит “Суолталааҕы кэпсэтии” (“Разговоры о важном”) халыыбынан “Россия – мои горизонты” идэҕэ туһаайар дьарыктар ыытыллыахтара диэн суруйаллар. Базовай, сүрүн уонна үрдүкү таһымнарга арахсар – оскуола бэйэтэ мантан талар. 6-11 кылаастары хабар. Билиҥҥитэ регионнарга сүбэ (рекомендация) курдук ыыталаабыттар.
Төлөбүрдээх медицина
Терапевт быраас, наадата суоҕунан ааҕан атын исписэлиискэ салҕыы көрдөрүнэргэ ыыппатах буоллаҕына, киһи бэйэтэ босхо көрөр бырааска киирбэт буолуоҕа.
Медицинскэй сиэстэрэ ыарыһаҕы соҕотохтуу көрөрө-истэрэ быраас анааһынынан буолбакка, ыарыһах баҕатынан оҥоһулуннаҕына, төлөбүрдээх буолуоҕа.
Рейс иннинэ – доруобуйа туругун чинчийии
Сорох суоппардарга медицинскэй чинчийиини дистанционнай көрүҥүнэн ыытыахтарын сөп буолуоҕа.
Медицинскэй чинчийиини ыраахтан олорон барыыны, холобур, киһи олоҕор кутталлаах таһаҕаһы тиэйэр суоппардарга, көҥүллээбэттэр. Маны тэҥэ үлэ күнүн устата (симиэнэ кэмигэр) медицинскэй чинчийиини ааһыахха сөп буолар.
Вейп сыаната ыарыаҕа
Балаҕан ыйын 1-кы күнүттэн састаабыгар никотиннаах бородууксуйаны РФ Бырабыыталыстыбата быспыт сыанатыттан чэпчэкигэ атыылыыр бобуллар.
Таксиларга саҥа сокуон
Дьокуускайга такси сулууспатынан туһанар бу нэдиэлэттэн саҕалаан уустугурда – массыына аҕыйаата, сакаастаан баран өр да өр кэтэһиилээх буолла. Бу балаҕан ыйын саҥатыттан киирэр сокуонтан буолуон сөп диэн сабаҕалыыллар.
Сорох суоппардары тырааныспар инфраструктуратыгар эксээмэнниэхтэрэ, буруйу оҥоруу сорох көрүҥнэригэр сууттаммыт болдьохторо ааһа илик буоллаҕына, уруулга олороллоро бобуллуоҕа. Маны таһынан такси сулууспалара, пассажир эчэйдэҕинэ, малыгар хоромньу таҕыстаҕына, эппиэттиир буолуохтара.
Бу барыта боростуой дьоҥҥо охсуулаах буолуон сөп – такси сыаната биллэ ыарыаҕа.
Ырысыабынан бэриллэр эмп бэрээдэгэ
Провизордар ырысыабынан бэриллэр эми барытын кэтээн көрөр систиэмэҕэ бэлиэтээн иһэр эбээһинэстэниэхтэрэ. Оттон атыылаһааччылар ырысыаптарын анал былаанкаҕа быраас илии баттааһыннаах эрэ биэрэр буолуохтара.
Инбэлиит оҕолоохторго саҥа быраабыла
18 саастарын туола илик инбэлиит оҕолоохтор уочараттаах уоппускаларыгар эбии бэриллэр күннэрин мантан ыла мунньуохтарын сөп буолла. Муҥутаабыта 24 күҥҥэ диэри мунньан баран биир сырыыга туһанар кыахтаннылар – барыта төлөнөр.
Куйаар ситимигэр тарҕанар угуйук
2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн куйаар ситимигэр идентификатора суох угуйук (реклама) тарҕаныытын иһин ыстараап киириэҕэ.
Ыстараап кээмэйэ юридическэй сирэйдэргэ 200-500 тыһ. солк. тиийэр.