04.08.2022 | 14:00 | Просмотров: 765

Үөрэх дьылын көрсө 38 оскуола өрөмүөннэниэҕэ

Саха сирин үөрэнээччилэрэ саҥа үөрэх дьылын өрөмүөннэммит, саҥардыллыбыт оскуолаларга көрсүөхтэрэ. Бу туһунан СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйылгы үөрэх дьылыгар 15 улуус уонна Дьокуускай куорат 38 оскуолаларыгар хапытаалынай өрөмүөн ыытылларын туһунан өрөспүүбүлүкэ премьера Андрей Тарасенко профильнай биэдэмистибэлэри кытта мунньах түмүгүнэн иһитиннэрдэ.

«Үөрэх саҕаланыар диэри өрөмүөн үлэтэ түмүктэниэхтээх, тутуу матырыйаалларын хомуйуу, үлэ хаачыстыбатын бэрэбиэркэлээһин ыытыллыахтаах. Ил Дархан Айсен Николаев бэрээтчиттэргэ өрөмүөнү тэтимирдэр соругу туруорарга уонна үлэ хаачыстыбатыгар болҕомтону уурарга сорудахтаата», – диэтэ Андрей Тарасенко.

Балаҕан ыйыгар диэри өрөмүөн Алдан, Амма, Булуҥ, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Муома, Нам, Ньурба, Өймөкөөн, Сунтаар, Томпо, Уус Алдан, Хаҥалас улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка түмүктэниэхтээх. Билигин оскуолалар бэлэмнэрэ ортотунан 82%.

Улахан болҕомто Булуҥ улууһун Тиксиитээҕи 1 №-дээх оскуолаҕа ууруллар, итиннэ эбийиэк  баара-суоҕа 39% бэлэмнээх. Премьер туһааннаах министиэристибэлэргэ суһаллык бэдэрээтчит тэрилтэни уларыталларыгар сорудахтаата.

Билиҥҥи туругунан өрөмүөн үлэтэ 25 муниципальнай тэриллии уонна уокуруктар 58 эбийиэктэригэр ыытыллар, итинтэн сороҕо быйыл, сороҕо 2023 сылга түмүктэнэр. Икки сыллаах бырагыраамаҕа өрөмүөнү сэргэ малынан, тэрилинэн хааччыйыы киирэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.