Реабилитация элбэҕи быһаарар
Икки сыл устата дьаҥҥа ытарчалыы ылларан олордубут, үгүс дьоммутун сүтэрдибит, ону кытта элбэх киһи ыарахан ыарыы кэннэ чөлгө түһэргэ, урукку олоҕу салҕыырга реабилитация суолтатын саҥа өйдөөбүт курдук буолла.
Сүрэҕи, тымыры барытын таарыйар ыарахан ыарыы кэннэ, холобур, коронавирус, инсульт, араас эчэйии кэнниттэн реабилитация хайаан да ыытыллыахтаах. Ол туһунан бэс ыйыгар буолан ааспыт «Современные возможности медицинской реабилитации пациентов различного профиля» диэн научнай-практическай конференция кыттыылаахтара хорутуулаахтык кэпсэттилэр. Конференция 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа 90 сылын чэрчитинэн ыытылынна.
Саха сиригэр Татарстан күннэрэ ыытыллыбыттарынан сибээстээн, киэҥ эйгэҕэ, көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэринэн, суруналыыстар көмөлөрүнэн информацияны тарҕатар сыаллаах олус туһалаах конференцияҕа Татарстан өрөспүүбүлүкэтиттэн профессор, Казаннааҕы медицина академиятын реабилитологияҕа уонна спортивнай медицинаҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, медицина наукаларын доктора, реаниматолог Резеда Бодрова, Татарстан доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтин рефлексотерапияҕа кылаабынай исписэлииһэ, Казань медицинскэй академиятын доцена Гузель Каримова кытыннылар. Татарстаҥҥа чөлүгэр түһэрии терапията сүҥкэн сайдыылаах, ол иһин Уһук Илин региоҥҥа сүбэ-ама биэрэр, уопут атастаһар быраактыканы киллэрэн эрэллэр.
Оттон Саха сириттэн СӨ доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтин ыстааты таһынан сүрүн гериатра, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3-с нүөмэрдээх клиническэй балыыһа кылаабынай бырааһа, медицина наукаларын доктора Ольга Татаринова, бу балыыһа эмтиир-реабилитациялыыр киинин сэбиэдиссэйэ Наталия Дмитриева, отделениелар сэбиэдиссэйдэрэ Анна Макарова у?????онна Туяра Ощепкова кыттыыны ыллылар.
Реабилитологтары бэйэбит бэлэмнээн таһаарабыт
Ольга Татаринова, үгүс киһиэхэ өрүһүлтэ буолбут быйыл 90 сааһын туолар клиническэй балыыһа үлэтин сырдатта.
Кинилэр 3 хайысханы тутуһан үлэлииллэр:
– тус (персонализированнай) эмтээһин;
гериатрия, аҕам саастаахтарга көмө;
чөлүгэр түһэрии (реабилитация).
Ыарыһаҕы чөлүгэр түһэрии үлэтин Реабилитация киинин нөҥүө тэрийэллэр. Реабилитациялыыр кииннэргэ ирдэбил улаата турар. Ол курдук, саҥа технологиялары туһаныы, исписэлиистэри саҥа ньымаларга үөрэтии, идэтийбит каадырынан хааччыллыы, сөптөөх дьиэни-уоту тэринии барыта үрдүк таһымнаах буолуохтаах.
Резеда Бодрова – Казаннааҕы медицина академиятын реабилитологияҕа уонна спортивнай медицинаҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, медицина наукаларын доктора, реаниматолог:
— Биһиги реабилитациянан дьарыктанар алта тэрилтэ үлэтин билистибит. Чөлүгэр түһэрии сайдыытын ырытыстыбыт. Саха сирин быраастара харахтара уоттааҕын, үлэлэригэр бэриниилээхтэрин хайҕаатыбыт. Реабилитацияҕа билиҥҥи кэмҥэ улахан болҕомто ууруллар, инникитин судаарыстыба өттүттэн өйөбүлү ылыахпыт, саҥа оборудованиенан, технологияларынан хааччыллыахпыт.
Маны таһынан Гузель Марсовна акупунктура, иннэлээһин туһунан кэпсээтэ. Кытай методиката Арассыыйаҕа киирбитэ 60-70 сыл буолбут, академияҕа кытары үөрэтиллэ сылдьар эбит. Дьиҥэ маныаха маарынныыр ньымалар араас норуоттарга өбүгэлэриттэн бэриллэллэр. Холобур, сахаларга түөннээһин баар – ыалдьар туочукалары илбийэн, сылытан эмтээһин.
Саха сиригэр реабилитация сайдыытын, тугу ситиспитин кэпсээтилэр. 2021 сылга стационар 10 сылын бэлиэтээбит эбит. Бастаан тымыр киинин ыарыһахтарын кытта үлэлээн, 25 куойкаттан саҕалаабыттар. Билигин кииҥҥэ 60 миэстэлээх, ол иһигэр: 30 – киин ниэрбэ ситиэмэтэ кэһиллибит ыарыһахтарга, 30 – соматическай ыарыылаахтарга (ол иһигэр коронавирус ыарыытын кэннэ эмиэ эмтэнэллэр).
Пандемия кэмигэр Реабилитация киинин инфекционнай стационар оҥорбуттара. Коронавирустаабыт дьону 9 ый устата эмтээбиттэр. Онтон салҕыы коронавирус кэннэ дьону чөлүгэр түһэриинэн, инсульт уонна инфаркт кэннэ эмтээһининэн дьарыктаналлар.
Киин быраастара саҥа реабилитолог-исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарбыттар. Онон реабилитология курдук аныгы хайысхаҕа саамай элбэх идэтийбит исписэлиис 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһаҕа баар буолла.
Улахан болҕомто ууруллуоҕа
2022 сылтан саҥа федеральнай бырайыак олоххо киирбит. Хас биирдии региоҥҥа медицина көмөтүнэн чөлүгэр түһэриигэ бырагыраамалар бигэргэммиттэр, бу хайысханан 2030 сылга диэри үлэлиэхтэрэ. Онон кэлэр үс сыл устата көмөнү оҥорууга уларыйыылар, саҥардыылар киирэллэрэ күүтүллэр.
Суруналыыстар Татарстантан кэлбит ыалдьыттары Саха сиригэр оҥоһуллар үлэни бэйэлэрин киэнин кытта тэҥнээн көрөргө ыҥырдылар. Онуоха ыалдьыттарбыт «эһиги олорор усулуобуйаҕыт ураты буолан, чыҥха атын үлэ оҥоһуллар” диэн бэлиэтээтилэр. Ыарыһаҕы эмтиир стандарт биир, ол эрэн олорор усулуобуйаны көрөн көмө киһиэхэ туһуланара, уратытык тэриллэрэ – олох ирдэбилэ. Улуустааҕы балыыһаларга реабилитологтар наадалар, телемедицина сайдара табыгастаах буолуоҕун туһунан эмиэ этилиннэ.
Ольга Татаринова “Өйдөөх палаата” туһунан кэпсээтэ. Манна олох хамсаабат буолбут киһи кыра наадатын туораттан көмөтө суох бэйэтэ оҥостор кыахтааҕын эттэ. Экраны хараҕынан көрөн, түннүгү, ааны арыйыахха, сабыахха, тэлэбииһэри, уоту холбуохха, араарыахха сөп эбит. Хаампат дьон палаата иһигэр өһүөҕэ иилиллэр систиэмэ көмөтүнэн “хаамыахтарын” да сөп эбит. Хаһан эрэ оннук палаата Саха сирин балыыһаларыгар баар буолуоҕа диэн эрэнэрин биллэрдэ.
Үрдүк квалификациялаах быраастарга суруналыыстар элбэх ыйытыыны биэрдилэр. Холобур, “Саха сиригэр чөлүгэр түһэриини сайыннарыы кэскилэ хайдаҕый?” диэҥҥэ биһиги усулуобуйабыт уратытын учуоттуохтаахпыт өссө биирдэ этилиннэ. Холобур, суола суох Арктическай улуустарга миэстэтигэр реабилитациялыыр кыах тэриллиэхтээх диэн санаалаахтар. Онуоха телемедицина төһүү күүс буолуохтаах. Өрөспүүбүлүкэ кииннэриттэн исписэлиистэр улуус ыарыһахтарын эмтииргэ көмө буолар кыахтаахтар.
Кэлиҥҥи кэмҥэ инсульт эдэримсийбитэ эмиэ ахтылынна. 18-таах оҕолор кытта инсуллаан сууллар түбэлтэлэрэ баар. 30-40 саастаахтар даҕаны ахсааннара элбээбит. Эдэр дьон ыарыы охсуутуттан сатаан хаампат, саҥарбат, күннээҕилэрин да дьаһаммат буолуохтарын сөп.
Ыарахан ыарыы кэннэ киһи атаҕар турарыгар, урукку олоҕун хаачыстыбалаахтык салҕыырыгар үгүһү дьиэ кэргэнэ, чугас дьоно быһаараллара эмиэ этилиннэ. Ыарыһаҕынан дьарыктанар, санаатын сырдыкка салайан биэрэр буоллахтарына, чөлүгэр түһүү түргэтиирэ биллэр.
Ольга Татаринова этэринэн, чөлүгэр түһүү терапияттан чыҥха атын. Киһи хас биирдии уорганын үлэтин, бэйэтин кыаҕын 10-тан тахса шкаланан бэрэбиэркэлииллэр. Онон цифровизация киирэрэ булгуччулаах буолан тахсар.
***
Ыарахан ыарыыттан өрүтүннүгүт да үтүөрдүбүт диэн олорон хаалымаҥ, реабилитация элбэҕи быһаарар кыахтаах, урукку олоххо төннөргө сүрүн көмө буолар суол.
Сүрэх, тымыр ыарахан ыарыытын кэннэ реабилитацияны ааһарга аан маҥнай олорор сиргитинэн поликлиникаҕа тиийиэхтээххит. Быраастар салгыы маршрутизация оҥорон ыыталлар. Улуус балыыһалара эмиэ маннык быһыылаахтык үлэлииллэр.