Үөрэҕирии Управлениета целевой бэлэмнээһин сакаасчытынан буолла
Дьокуускай куораттааҕы Үөрэҕирии Управлениетыгар педагогическай хайысхалаах идэлэргэ киириэн баҕалаах оскуоланы бүтэрбит оҕолортон целевой дуогабар түһэрсэргэ 60-тан тахса сайаапка киирбит.
Сүүмэрдиир куонкуруһу 38 киһи ааста. Кинилэр М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай, А.И.Герцен аатынан судаарыстыбаннай педагогическай, Уһук-Илиҥҥи федеральнай, Москватааҕы педагогическай судаарыстыбаннай уонна Сибиирдээҕи потребительскай кооперация универститеттарыгар үөрэниэхтэрэ.
Быйыл саамай абитуриеннар ордук киириэхтэрин баҕарар үөрэхтэринэн «История уонна обществознание», «Омук тыла», «Начальнай үөрэхтээһин» буолбуттар. Арыый аҕыйах сайаапка математическай уонна естественнай-научнай хайысхаларга киирбит.
Дьокуускай куораттааҕы Үөрэҕирии Управлениетын начаалынньыга Алексей Семенов, киин куоракка үөрэҕирии тэрилтэлэрэ күргүөмнээхтик тутуллан эрэллэринэн сибээстээн, педагогическай каадырдары бэлэмниир наадалааҕын бэлиэтиир. «Целевой дуогабар түһэрсибит абитуриеннар босхо үөрэнэр уонна киин куорат үөрэҕириитин тэрилтэлэригэр үлэлии киирэр кыахтаналлар. Кинилэр хаачыстыбалаах үөрэҕи ылан үчүгэй педагог буолан тахсалларыгар интириэстээхпит», – диэн бэлиэтээтэ Алексей Семенов.