28.12.2021 | 18:30

Үрдүк үөрэхтээх геологтары бэлэмнээһин 65 сыла

Ааптар: Константин СТРУЧКОВ, геология-минералогия билимин хандьытаата, ХИФУ дассыана, ИТФ геология салаатын 1972 сыллаах выпускнига
Бөлөххө киир

«Туймаадаҕа» (09.12) биллиилээх суруналыыс, бэчээт бэтэрээнэ Иван Борисов “Үүнүү-сайдыы кыһата” диэн СГУ тэриллибитэ 65 сыла туолбутун туһунан ыстатыйатын сэргээн аахтым.

“ ...Глухие края обживут,

Палатки поставят в музей,

И улицы здесь назовут,

По имени наших друзей...”

 

Кини  бэлиэтээбитин курдук, дойдубут үүнүүтүгэр-сайдыытыгар бу улуу суолталаах даатаны, киһи сөҕүөн иһин, өрөспүүбүлүкэ СМИ-лэрэ сырдаппатылар кэриэтэ. Мин Саха судаарыстыбаннай университетыгар 1974 сыллаахтан үлэлээбит киһи быһыытынан геологоразведочнай факультекка бииргэ үлэлээбит деканнарым туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.

Университет тэриллиитэ Саха сирин норуоттарын дьылҕатыгар суолтатын норуот “Саха Ломоносовынан” ааттаабыт учуонайа, устуоруйа билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, саха саарына Георгий Прокопьевич Башарин: “Университет – 20-с үйэ Саха сирин олохтоохторугар саамай сүдү, саамай күндү, саамай ытык бэлэҕэ...  Саха сирин кэлэр көлүөнэлэрэ биһиэхэ, 20-с үйэ дьонугар, кинини тэрийбиппит, сайыннарбыппыт иһин үйэлэр тухары махталлаах буолуохтара”, – диэн олус бэргэнник этэн хаалларбыта.

Саха сирэ араас сир баайдааҕынан аан дойдуга аатырар. Бу сир баайдаах сирдэри арыйыыга, туһалаах баайы чинчийиигэ, хостооһуҥҥа, саҥа куораттары, бөһүөлэктэри тутууга, сайыннарыыга эр санаалаах геологтар үгүс сыллаах үтүмэн үлэлэрэ, сыралара-сылбалара барбыта.  

Бүгүн сэбиэскэй геологтар өр сыллаах хорсун-хоодуот үлэлэрин түмүгэр Саха сирэ Аан дойдуга элбэх саппаастаах таас чох, ниэп-гаас, алмаас, кыһыл көмүс, хорҕолдьун, сүлүмэ, ураан, үрдүк сыаналаах сэдэх металлар уо.д.а. сир баайдааҕынан билиннэ, былдьаһыктаах бырта сыата буолар туруктанна. Суолу тэлээччи геологтар ааспыт ыллыктарыгар Саха сирин индустриальнай сайдыытын кииннэрэ: Алдан, Томмот, Мииринэй, Нерюнгри куораттар, Депутатскай, Баатаҕай, Уус Ньара, Хаандыга, Солнечнай, Удачнай, Айхал, Чернышевскай бөһүөлэктэр тутулуннулар. 

Университекка техническэй идэлэри баһылааһыҥҥа, үөрэтиигэ инженернэй-техническэй факультет тэриллибитэ. Факультет тутууга, хайа дьыалатыгар уонна геологияҕа салаалардааҕа. 1961 сыл сааһыгар судаарыстыбаннай экзаменационнай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Саха сирин территориятааҕы геология управлениетын (ЯТГУ) начаалынньыга И.А. Кобеляцкай 41 геология салаатын бастакы бүтэрээччилэргэ хайа инженер-геологын дьупулуомун туттарбыта.

1983 сыллаахха геология салаата геологическай (1987 сыллаахтан – геологоразведочнай) факультекка кубулуйбута. Бастакы деканынан саха бастакы техническэй интеллигенциятын биһигэ буолбут Ленинградтааҕы хайа институтун бүтэрбит техническэй билим хандьытаата Рево Миронович Скрябин талыллыбыта.

Скрябин Р.М.

Быйыл олунньу 16 күнүгэр 85 сааһын бэлиэтээбит Саха сирин үтүөлээх геолога, бэрэпиэссэр Р.М. Скрябин 1966-70, 1973-79 сс. инженернэй-техническэй, 1983-1992 сс. геологоразведочнай факультеттар деканнарынан үлэлээн, Саха сиригэр үрдүкү техническэй үөрэхтээһин атаҕар туруутугар, сайдыытыгар  сүҥкэннээхэй кылаатын киллэрбит ытык киһибит.

 Рево Миронович бүгүн даҕаны бэйэтэ тэрийбит сири үүттээн туһалаах баайдаах сирдэри үөрэтии, чинчийии кафедратыгар үлэлиир, XXI үйэ устудьуоннарын үөрэтэр, эдэр кэллиэгэлэрин баай уопутугар уһуйар.

Биһиги факультеппытын куруук кини курдук үрдүк билиилээх, патриоттуу санаалаах, үлэҕэ судаарыстыбаннайдыы сыһыаннаах, ханнык да ыарахантан чаҕыйбат мындыр, хорсун дьон салайбыттарын сөҕөбүн уонна кинилэргэ күүс-көмө буолбуппунан киэн туттабын.

Ол курдук, Рево Миронович деканныыр кэмигэр, М.С. Горбачев уларыта тутуута үрдүк үөрэхтээһини эмиэ таарыйбытын туһанан, “Экономика и управление горно-геологическим производством” диэн кафедраны арыйан, 1989 сыллаахха бу олус туһалаах идэҕэ бастакы устудьуоннары ылбыппыт. Ол кафедра тэриллии үс саамай ыарахан сылларын этэҥҥэ туораан атаҕар турбутун кэннэ, кини базатыгар 1992 сыллаахха туспа Экономическай факультет тэриллибитэ. Ол факультет бастакы выпускниктара биһиги үөрэххэ ылбыт оҕолорбут этилэр. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ экэниэмикэҕэ үрдүк үөрэхтээһин биһиги факультеппытыттан саҕаламмыта.

Колодезников И.И.

Улуу Сэбиэскэй Сойуус үрэллэн, ыһыллыы-тоҕуллуу сылларыгар факультеты 1965 сыллаах выпускникпыт, Саха сирин үтүөлээх геолога, геология-минералогия билимин дуоктара, СӨ академига, бэрэпиэссэр И.И. Колодезников салайбыта. Ол сылларга геология, хайа бырамыысыланнаһын салаалара улахан охсууну ылбыттара. Улахан эспэдииссийэлэр сабылланнар, эдэр исписэлиистэр үлэ булаллара уустугурбута. Геолог идэтин суолтата сыппаан, оҕолор үөрэххэ киириилэрэ быста намтаабыта.

1992-1994 сылларга сорох идэлэргэ уончалыы эрэ оҕону үөрэххэ ылбыппыт, биир преподаватель 5-6 эрэ устудьуону үөрэтэр быһыыта-майгыта үөскээбитэ. Бу ыар сылларга СГУ эдэр эрчимнээх ректора В.В. Филиппов мындыр быһаарыытынан биһиэхэ, билиҥҥи курдук, оптимизация ыытыллыбатаҕа, биир да үлэһит үлэтиттэн сарбыллыбатаҕа, кэлэктиип салгыы үлэлииригэр кыах бэриллибитэ. 1996 сыллаахха Игорь Иннокентьевич хорсун хардыы оҥорон, атын факультеттар саллан ылсыбатах “Электроснабжение” кафедратын биһиэхэ арыйарга этии оҥорбутун Василий Васильевич өйөөбүтэ. Онон энергетикаҕа үрдүк үөрэхтээһин Саха сиригэр эмиэ биһиги факультеппытыттан саҕаламмыта. 2000 сыллаахха ити кафедра туспа Энергетическэй факультекка кубулуйбута (билигин Физико-техническэй институкка баар).

Попов Б.И.

И.И. Колодезников кэнниттэн факультеты 1977 сыллаах выпускникпыт, РФ үрдүкү профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, геология-минералогия билимин хандьытаата Б.И. Попов салайбыта.  Борис Иннокентьевич деканныыр кэмигэр 2007 сыллаахха геология-минералогия билимин дуоктара, бэрэпиэссэр В.И. Жижин инновационнай бырайыага СГУ-га биир бастакынан РФ дойдуга үрдүк үөрэхтээһини сайыннарыыга гранын сүүйбүтэ. Ол грант киллэрбит үтүмэн харчытыгар элбэх аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир үөрэх-билим тэриллэрэ: поляризационнай микроскоптар, компьютердар, колонковай скважиналары үүттүүр «Боарт Лангир» фирма буровой тэрилэ, геофизика уонна гидрогеология ньымаларын прибордара, образецтары шлифовкалыыр станоктар, вездеход, мотордаах оҥочолор уо.д.а. атыылаһыллыбыттара, материальнай техническэй баазабыт бөҕөргөөбүтэ.

2011 сыллаахха кини Москватааҕы ньиэп-гаас вузтарын сөбүлэҥнэрин ылан, олох аныгы хаамыытыгар сөп түбэһэр “Нефтегазовай дьыала” кафедрата арылларын ситиспитэ, онон ньиэп-гаас үлэһиттэрин бэйэбитигэр бэлэмниир буоллубут.

Третьяков М.Ф.

Билигин факультекка 1999 сыл выпускнига, миигинниин биир кууруска үөрэммит доҕорум Халыма уола Феликс Третьяков уола геология-минералогия билимин хандьытаата Максим Третьяков деканныыр.

Эдэр декан ситиһиллибит үтүө үгэстэри үксэтэр-хаҥатар соруктаах, геологияҕа үрдүк үөрэхтээһини сайыннарыыга өссө үрдүк үктэллэри дабайар эр санаалаах, туох баар кыһамньытын ууран туран үлэлии-хамныы сылдьар. Киниэхэ уонна кэллиэгэлэрбэр айымньылаах үлэни, ситиһиилэри баҕарабын.

Түмүк. Ааспыт 65 сылга Саха сиригэр геология идэлэригэр уопсайа 3579 үрдүк үөрэхтээх исписэлиис: 2049 геолог, 553 гидрогеолог, 529 геофизик,  231 буровик инженердэр, 203 ньиэп-гаас бакалаврдара бэлэмнэннилэр. 

Факультет выпускниктара Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи эрэгийиэннэригэр уонна Саха сиригэр үлэлиир геология-хайа бырамыысыланнаһын кыахтаах тэрилтэлэригэр:  “АЛРОСА” АХ, “Газпром” ПАУо, “Роснефть НХ” ПАУо, “Полиметалл” ПАХ, “Сургутнефтегаз” ААУо, “ЯТЭК” ААУо, “Анаабыр алмаастара” АХ, “Сахатранснефтегаз” АУо уо.д.а. ситиһиилээхтик үлэлииллэр.

Кинилэр ортолоругар Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреаттара, РФ уонна СӨ үтүөлээх геологтара, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын, экэниэмикэтин, хайа бырамыысыланнаһын үтүөлээх үлэһиттэрэ, туһалаах баайдаах сирдэри арыйааччы үрдүк аатын сүгээччилэр, билим эйгэтигэр РНА 2 чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, СА 4 академига, 21 геология билимин дуоктара, 61 хандьытаата, оннооҕор СӨ 2 норуодунай суруйааччыта бааллар. Кинилэринэн киэн туттабыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....