ҮРДҮК ҮӨРЭХХЭ БАЛАҺЫАННЬА «БАЙЫАННАЙ”
Быйыл үрдүк үөрэххэ туттарсыыга кэккэ уларыйыылар киирдилэр. Бу түгэн хас биирдии оскуоланы бүтэрээччини долгутар.
ХИФУ-ГА САҤА УЛАРЫЙЫЫЛАР
Дойду ханнык баҕарар үрдүк үөрэҕин кыһата кэлэр сыллааҕы үөрэх тутулун, быраабылатын, болдьоҕун алтынньы ыйга бигэргэтэр. Ааспыт сыл күһүнүгэр бу туһунан биһиги эмиэ суруйан турабыт эрээри, оччолорго коронавирус өрө туруохтааҕын ким даҕаны билбэт этэ.
М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет тутар хамыыһыйата иһитиннэрбитинэн, быйыл тутуу ньымата уонна болдьоҕо уһаан биэрбит.
ТУТТАРСЫЫ БЭС ЫЙЫН 20 КҮНҮТТЭН
Ол курдук, докумуоннары бэс ыйын 20 күнүттэн туталлар. РФ наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтин бирикээһигэр ыйылларынан, докумуону бүтэһик БКЭ түмүгэ тахсыбыта 23 күн ааспытын кэнниттэн тутан бүтэллэр. Ол эбэтэр, сокуоҥҥа уларытыылары киллэрбэтэхтэринэ, ааспыт сыл курдук от ыйын ортотугар диэри тутуохтарын сөп.
БАРЫТА ИНТЭРИНИЭТИНЭН
Ааспыт сылга диэри ХИФУ тутар хамыыһыйытыгар абитуриент үксэ докумуонун эт атаҕынан тиийэн туттарбыт буоллаҕына, быйылгыттан электроннайынан эрэ туттарар кыахтаах.
Манна хас биирдии үөрэххэ туттарсар киһиэхэ “тус кэбиниэт” диэн үлэлиэҕэ. “Тус кэбиниэккэ” киирэн, сканируйдаммыт докумуоннаргын угаҕын, сайабылыанньаҕын эмиэ сканируйдаан ыытаҕын. Орто үөрэҕи, оскуоланы бүтэрбит туоһу докумуоҥҥун олох-дьаһах оҥкулугар түспүтүн кэннэ, кэлин туттарыаххын сөп.
Биир өттүнэн ылан көрдөххө, олус судургутук толкуйдаабыттар. ХИФУ сэттэ этээһигэр киирэҥҥин муммаккын, уһун уочаракка турбаккын, тириппэккин-хоруппаккын, ньиэрбэҕин бараабаккын. Ол эрээри үөрэххэ туттарсар киһи «абитура” диэни билбэккэ хаалара хомолтолоох быһыы буолсу.
ЭКСЭЭМЭННЭР ЭМИЭ ОНЛАЙН
Быйылгыттан саҕалаан университет ыытар эксээмэннэрэ эмиэ ыраахтан олорон оҥоһуллуохтара. Маннык эксээмэннэри сүнньүнэн орто анал үөрэх кэнниттэн туттарсааччылар туттараллар. Кинилэр орто үөрэҕи бүтэрбити туоһулуур диплом эрэ тутуурдаах кэлэллэр, ол инниттэн ханнык үөрэххэ киириэхтэрин баҕаралларыттан булгуччулаах эксээмэннэри хайаан даҕаны ааһаллар. Университет быйыл скайп, зуум о.д.а. сыһыарыыларынан эксээмэннэри тутар былааннаах. Физкультура институтугар туттарсааччылар кыахтарын, күүстэрин, эт-хаан өттүнэн төһө сайдыбыттарын эмиэ интэриниэтинэн хамыыһыйаҕа туттараллара күүтүллэр.
ОНТОН ЭКСЭЭМЭНИ ХАЙДАХ ТУТТАРАБЫТ?
Буоларын саҕаны университет тутар хамыыһыйата тустаах бэлиэтээһиннэри, ыйынньыктары таһаарыаҕа. Манна даҕатан эттэххэ, сыллата 1 500 кэриҥэ киһи орто анал үөрэх кэнниттэн туттарсан киирэр. Быйыл даҕаны бачча сыыппараны кэтэһэллэр. Эксээмэннэргэ уларыйыы тахсыыта барыта сайтка угуллар, онон сайты кэтиэххэ наада.
САҤА ИДЭ ХАЙЫСХАЛАРА
Олохпут хайдах уларыйар да, сонно тута саҥа идэлэри олоххо киллэрэргэ күһэллэллэр. Сыл ахсын ХИФУ-га хас даҕаны саҥа идэни киллэрэллэр. Кэнники бириэмэҕэ IT-га уонна цифровой хамсааһыннарга сыһыаннаах элбэх идэ баар буолбута. Быйылгы үөрэх дьылыгар, холобура, Автодорожнай факультетка, Физико-техническэй институкка уонна Мииринэйдээҕи политехническэй институкка (филиал) саҥа идэлэр киирэри тураллар эбит. Хас биирдии салааҕа Арассыыйа судаарыстыбатын көрөр босхо миэстэлэрэ аһыллаллара күүтүллэр.
БКЭ-ҔЭ ЭБИИ БААЛ ЭБИЛЛЭР
Оскуоланы бүтэрээччи, орто анал үөрэх кэннэ туттарсааччы үөрэҕэр тус ситиһиилээх буоллаҕына, биир кэлим эксээмэнин түмүгүнэн көрөн, үөрэххэ киирэригэр эбии баал сурунуон сөп. Холобура, быйылгы туттарсыыга ХИФУ-га 170-ча кэриҥэ тус ситиһиини учуоттууллар. Бу туһунан элбэх киһи билбэт буолуохтааах.Онон, болҕойуҥ!!!
- Үөрэҕэр ситиһиилээх, бастыҥ көрдөрүүлээх үөрэнээччи эбии баал сурунар. Оскуоланы “кыһыл көмүс” мэтээлинэн эбэтэр орто анал үөрэҕи туйгун сыананан бүтэрбиттэргэ – 5 баал, “үрүҥ көмүс” мэтээлгэ 3 баал эбиллэр.
- Университет ыытар араас хабааннаах олимпиадаларыгар кыттыы. Арассыыйа таһымнаах олимпиадаларга миэстэлэспит буоллаххына, өссө элбэх баал эбиллэр. Кыайыылаах-хотуулаах, куруук бастакы миэстэлээх күрэхтэһээччи буоллаххына, өссө эбии баал тэбэр.
- СӨ Ил Дарханын стипендиата буоллаххына – эмиэ баал ылаҕын.
- СӨ Наукаларын Аччыгый академиятын дьиҥнээх чилиэннэригэр 5 баал эбиллэр, чилиэн-кэрэспэдьиэннэргэ – 3 баал. Манна туоһулуур суругу көрдөрөр булгуччулаах.
- Аан дойдуга тиийэ араас хабааннаах научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ, экспэдииссийэлэргэ миэстэлэспит оҕоҕо эмиэ баал суруллар. Маны таһынан Саха сиригэр миэстэлэспит буоллаххына, эмиэ хапсаҕын. Онон оҕолору кыра саастарыттан наукаҕа сыһыарар инникилээх.
- Физкультура, спорт институтугар туттарсааччыга ситиһиилээх буоллаххына – эмиэ баал.
- ГТО-ҕа эмиэ туспа баал көрүллэр.
- “ВорлдСкиллс”, “Выбор проф. Якутск”, волонтер уонна уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанар буоллаххына – өссө эбии баалы сурунаҕын.
Эбии баал сурулларын наадатыгар 8-с кылаастан ыла миэстэлэһиилэргин барытын учуоттуур ирдэнэр. Онон хайаан даҕаны быйылгы, сибиэһэй сертификат буолуо суохтаах. Бу үөһэ ыйыллыбыт ирдэбиллэр ХИФУ-га эрэ сыһыаннаахтар буолбатахтар, ханнык баҕарар үрдүк үөрэх кыһатыгар сөп түбэһэллэр!
ТУТТАРСААЧЧЫГА СҮБЭЛЭР
- Муус устар 27 күнүттэн ОТР судаарыстыбаннай ханаал сарсыарда аайы
"Моя школа России" диэн 9, 11 кылаас үөрэнээччилэригэр телевизионнай уруоктары ыытар. Дистанционнай үөрэхтээһин бу кыаҕын ордук кытыы сытар, интэриниэтэ суох оскуолалар туһаныахтарын наада.
- Бу ссылканан киирэҥҥит: https://fipi.ru/ege/videokonsultatsii-razrabotchikov-kim-yege биир кэлим эксээмэҥҥэ (БКЭ) чуолаан хонтуруоллуур-кээмэйдиир матырыйаалга (КИМ) туох уларыйыылар киирбиттэрин разработчиктартан видеоконсультация ылыаххта сөп.
- Исписэлиистэр ФИПИ (Федеральный институт педагогических измерений) сорудахтарынан дьарыктаныҥ диэн сүбэлииллэр. ФИПИ оҥорор сорудахтара сорохторо эксээмэҥҥэ киирэр. Онон булгуччу үчүгэйдик көрүҥ!
- Манна: https://fipi.ru/o-nas/novosti/metod-rekomend-dlya-vypusknikov-po-sam-podgotovke-k-ekzamenam-2020 ФИПИ, туттарсааччылар бэйэлэрэ бэлэмнэнэллэригэр методическай рекомендациялары бэчээттээн саҕалаата.
БАРЫ КҮҮҺҮ – БОЛҔОМТОҔО!
Эксээмэн чугаһаата, онон оттомноох буол. Бу ыарахан кэмҥэ үөрэххэ киирии хайдах быһыылаахтык ааһарын тымтыктанан көрбүт суох. Эрдэттэн тустаах докумуоннаргын баратын электроннай барыйааҥҥа көһөрө сырыт, тигинээн кэлбитин кэннэ ууга-уокка түспэт курдук дьаһан. Үөрэхтэн маппатыҥ туһугар ХИФУ саайта тугу таһаарарын кэтии сырыт, бүгүн-сарсын туох уларыйыы киириэҕин ким даҕаны билбэт.
Күндү ааҕааччым! Эксээмэн барыта оскуолаҕа үөрэппит бырагыраамаҕар олоҕурар. Биир кэлим эксээмэҥҥин ситиһиилээхтик туттаран, баҕарбыт үөрэххэр киирэргэр баҕарабын!