02.04.2020 | 11:05

Өрүү түмсүүлээх буолуоҕуҥ!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

*Гороховтар доҕотторо Варвара, Алексей Калининскайдар

Кулун тутар 12 күнүгэр "Сэргэлээх уоттара" КК "Эн саҥаҥ – музыка кэриэтэ" диэн поэт Христофор Горохов-Элгэстэй хоһоонун тылларынан сүрэхтэммит аһымал санааланыы кэнсиэрэ буолан ааста. Биллэрин курдук, Христофор Горохов Дьокуускай куорат өрөгөй ырыатын хоһоонун ааптара.

– Хас биирдии киһи бу Орто туруу бараан дойдуга Дьылҕа Хотун ыйааҕынан икки күн сүгэһэрдээх түһэр үһү. Биир күнэ аламай сырдык буолар үһү, иккис күнэ – түлэй түүн курдук хап-хара. Биһиги ийэбит Екатерина Михайловна-Чөмчүүк быйыл хара күнэ хантан эрэ халтырыйа-халтырыйа хааман истэҕинэ, кыыһа Лена уонна уола Миша ийэлэрин ол кыһалҕаттан быыһаан ылар туһугар туруммуттара. Элбэх ырытыы, сүбэлэһии түмүгэр Соҕуруу Корея Сеул куоратыгар Кёнгхи аатынан университет доруобуйаҕа киинигэр эмтэтэ киллэрбиттэрэ. Кёнгхи доруобуйа киинин профессордарын, быраастарын консилиумун быһаарыыларынан Екатерина Михайловнаны икки ый устата эмтээн үтүөрдүөхпүт диэн тылларын биэрбиттэрэ. Ол этии, күн бүгүн хаамыытыттан көрдөхпүнэ, туолуох курдук.

Ийэбитин олох иһин охсуһууга саҥа кынаттаары, санаатын күүһүрдээри, кулун тутар 12 күнүгэр Дьокуускайдааҕы “Сэргэлээх Уоттара” Култуура киинигэр аһымал киэһэтин ыыттыбыт. Киин дириэктэрэ, 40-тан тахса сыл алтыспыт доҕорбут Светлана Рафаиловна Никифорова, үлэлиир кэлэктиибин тылыгар киллэрэн, муҥура суох улахан үлэни-хамнаһы ыытта. Саха норуодунай артыыстара Екатерина уонна Алексей Егоровтар эмиэ улахан дьайыыны оҥордулар, тэрийистилэр. Кинилэр 30-тан тахса сыллааҕыта “Мин эйиэхэ ырыа бэлихтиим» диэн хоһооммор ырыа айан, Саха сиригэр киэҥник тарҕаппыттара. Бу соторутааҕыта Сунтаар сиригэр гостуруоллаан кэлбит СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Исай Брызгалов: “Христофор, “Эйиэхэ мин ырыа бэлэхтиим” хоһооҥҥор cунтаардар 14 ырыаны айан ыллыы сылдьаллар. Ити ырыаҕар улуус аайы аата-ахса биллибэт элбэх ырыа айыллыбыт эбит”, - диэн этэн турар. Бу Аһымал кэнсиэркэ эриэккэс куоластаах Алена Яковлева-Дива ити ырыаны аҕатын Сергей Попов мелодиятыгар олус таһаарыылаахтык ыллаата. Көрөөччүлэр ытыстара хабыллыар диэри таһыннылар. Лена Монастырева “Пионерскай саһарҕа” позывнойа буолбут “Оҕо сааһым сарсыардата” диэн ырыатын бэлэхтээтэ. Режиссер, сценарист, поэт дууһалаах Варвара Иннокентьевна Калининская аһымал киэһэтин сценарийын олус иһирэхтик суруйбутун Саха араадьыйатын диктора, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Альбина Афанасьевна Тарабукина ис-иһиттэн иэйэн-куойан ыытта. Истээччилэрин, көрөөччүлэрин олуһун диэн астыннарда. СӨ норуодунай артыыһа Владимир Татаринов «Оҕо сааһым музыката” диэн ырыатын иэйэн туран ыллаата. Мин Владимир Семеновиһы кытары Үөһээ Дьааҥы улууһугар, биэс Бүлүү бөлөх улуустарынан эргийэ сүүрдэн, элбэхтик дьону-сэргэни кытары көрсүбүппүт, олус үтүө дууһалаах, сырдык санаалаах кэрэмэс кэрэ киһи. Аһымал киэһэни үҥкүү бөлөхтөрө, бэрт элбэх ырыа толорооччулар кэрэхсэбиллээхтик киэргэттилэр. Хампаһыытар Алексей Кириллович Калининскай салайааччылаах Хатастааҕы култуура киинин кыргыттарын ансаамбыллара киһи дууһатын уйадытан, олус да истиҥ иэйиилээхтик ыллаатылар.

Көрөөчүлэр ортолоругар Саха сирин “Үрүҥ Уолана” диэн ааттаммыт чулуу спортсмен, Дьааҥы киһитэ Уйбаан Уйбаанабыс Горохов кэргэнинээн Светлана Еремеевналыын бааллара, Саха сирин биллиилээх суруналыыһа Егор Егорович Сибиряков кэргэнинээн, СӨ, Арассыыйа үтүөлээх бырааһа Иван Иванович Местников кэлбиттэрэ биһигини астыннарда. Манна Наталья Ситникова икки балтыларынаан, Дьааҥы Табалааҕыттан Эльвира Эверстова, убайым Дмитрий Петрович Горохов кыргыттара, Екатерина Михайловна аймахтара, бииргэ үөрэммит кылааһынньыктара, бииргэ үлэлээбит коллегалара бааллара сүрэхпин үөртэ. Хаҥалас улууһун култууратын салайааччыта Сахая Владимировна Громова култуура үлэһиттэрин халыҥ халҕаһатын илдьэ киирбитэ кэрэхсэбиллээх. Наталья Тимофеевна Федорова салайааччылаах Хаҥаластар ыччаттарын өрөгөй ырыата өрө көтөҕүллүүлээхтик толорулунна, Л.В. Харитонова салайааччылаах “Утум” ансаамбыл, Тиит Арыыттан Екатерина Ефремова уонна кини салайар ансаамбыла ыллаан иэйдилэр-куойдулар. Покровскай куорат 1№-дээх орто окуолатын дириэктэрэ Спиридон Спиридонович Шишигин итии-истиҥ тылларын Екатерина Михайловна-Чөмчүүккэ анаата уонна “Хомуспут дьүрүһүйэр тойуга дойдугуттан бар дьонуҥ баҕа санааларын тиэртин” диэн төлөпүөн нөҥүө устууларын ыытта. Оскуола 5-с кылааһын үөрэнээччилэрэ салайааччы Е.А.Степанова “Ырыа күн аргыстаах”, “Оҕо сааһым сарсыардата” диэн ырыалары олус тахсыылаахтык толордулар.

Тэрилтэ салайааччылара, ансаамбыллар, онтон да атын элбэх киһи тыл эттэ уонна көмө харчыларын туттардылар.

Онон, Аһымал киэһэтигэр ыллаабыт-туойбут, үҥкүүлээбит-битийбит, тыл эппит дьон бары Екатерина Михайловна үтүөрэрин туһугар кыһыл көмүс далаһа уурдулар, мин кинилэргэ барҕа улахан махталбын тиэрдэбин. Олохторугар дьол тосхойдун, өрүүтүн ситиһиилээх, баай байылыат олоххо олордуннар диэн алҕыыбын, - диэн махталын тиэрдэр Христофор Горохов–Элгэстэй, поэт, суруналыыс, суруйааччы. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Верхоянскай куорат, Үөһээ Дьааҥы, Хаҥалас улуустарын, Элгэс нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, киин куорат өрөгөй ырыатын тылын ааптара.

Христофор Горохов-Элгэстэй үгүстэн үгүс ырыа буолбут хоһооннордоох поэттартан биирдэстэрэ. Поэт аан бастаан ырыа буолбут хоһооно “Уол ырыата” олоҕун улахан тапталыгар, кэргэнигэр Екатерина Михайловнаҕа анаммыта:

Кыламаҥҥар күн үҥкүүлүүр

Кыраһыабай да кыыскын,

Ханнык уолан дьолун түстүүр

Аналыгар сылдьаҕын?..

Саха кыыһын кэрэ сэбэрэтин, Далбар Хотунун олоҕун аргыһа Екатерина Михайловна үтүө, кэрэ мөссүөнүгэр, мааны майгытыгар суулуу тутан айан таһаарбыт хомоҕой хоһоонноро итинэн бүппэт. “Доҕорбор, аналбар, харысхалбар, көмүскэлбэр, кэргэммэр...”, “Эн баар буолаҥҥын бу барыта баар...” о.д.а. олоҕун тухары салҕанан кэллэ.

Христофор Петрович уонна Екатерина Михайловна быйыл ыал буолбуттара түөрт уон сылын туолар, уоллаах кыыс оҕолорунан, сиэннэринэн олохторун көмүс чороонун толороллор.

Екатерина Михайловна туһунан кэпсии түстэххэ, кини Тиит Арыы орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрээт, икки сыл сопхуоска үлэлээбитэ. Онтон Ленинград куоракка Герцен аатынан пединститут физико-математическай факультетын үөрэнэн бүтэрбитэ. Учууталынан Дьааҥы оройуонугар Табалаахха, Хаҥалас оройуонун Булгунньахтааҕар, Покровскай куорат 1 №-дээх оскуолатыгар сынньалаҥҥа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Ону таһынан ИЗО, черчение, технология, музыка учууталларын методическай холбоһугун салайааччытынан талыллыбыта. Кини талааннаах, дьоҕурдаах оҕолорго "Чөмчүүк" диэн түөрт хайысханан дьарыгырар студияны тэрийбитэ: сахалыы моһуоннаах тигии, оҕуруонан тиһии, баайыы, сувенирдары оҥоруу.

2013 с. “Оҕуруонан оҥоһуктар” диэн уһуйааччыларга, дьарыктанааччыларга анаан сүбэлиир-амалыыр кинигэ таһааттаран бэлэхтээбитэ.

Екатерина Михайловна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, үрдүк категориялаах учуутал, педагог-маастар, үлэ бэтэрээнэ.

Христофор Петрович төһө да доруобуйатынан оҕустардар, сыл аайы саҥа кинигэни ааҕааччыларыгар бэлэх уунар, ону таҥастаан таһаарыыга Екатерина Михайловна ылсан үлэлэһэр. Бу сотору сонеттарын барытын түмэн, биир улахан кинигэ бэчээккэ тахсаары бэлэмнэнэн сытар. Ити курдук кинилэр айар аартыктара саргылаах, дабайар дабааннаах, ситиһэр үрдэллээх.

Екатерина Михайловнаҕа баҕа санаабытын тиэрдэбит, бар дьонуҥ алгыһа, сырдык санаата, өйөбүлэ, таптала сабардаабыт ыарахаттары ырааҕынан кыйдаатын диэн туран, олоҕуҥ аргыһын тылларынан алгыыбыт:

Мин модун санаалаах киһибин,

Сыл бары көстүүтүн сүгэбин,

Ньыгыл таас кэриэтэ киппэбин,

Суулларыа суоҕа тыал – билэбин (Христофор Горохов).

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....