10.09.2021 | 11:30

Өрөспүүбүлүкэтээҕи национальнай художественнай музейга быыстапка аһылынна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куорат төрүттэммитэ 389 сылын көрсө өрөспүүбүлүкэтээҕи национальнай художественнай музейга «Регион 14» диэн быыстапка аһылынна. Ол туһунан тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
«„Регион 14“ бырайыак көрөөччү болҕомтотугар Сибиир кырдьаҕас куораттарыттан биирдэстэрэ – Дьокуускай куорат уобараһын дьүһүйбүт саха маастардарын оҥоһуктарын таһаарда.  Куорат төһө даҕаны историческай дьүһүнүн уонна былыргы архитектура эбийиэктэрин сүтэрбитин да иһин, худуоһунньуктар уулуссалары, тэрилтэлэри, саҥа тутуулары, ааһар дьону да көрөн айар тыыннара аһыллан күүрээннээхтик үлэлииллэр», – диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
Ити курдук, экспозиция киинигэр куорат тиэмэтигэр уонна индустриальнай көстүүгэ анаммыт үлэлэр – Афанасий Осипов «Окраина города Якутска» (1997), «На окраине города» (1999) уонна Петр Ласс «Якутск строится» (1970) хартыыналара  бааллар. 
«Регион 14» быыстапка музей иккис уонна үһүс этээстэригэр алтынньы 10 күнүгэр диэри үлэлиир.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...