Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа ПЦР-лаборатория арылынна
Суһал медицинскэй көмө киинигэр – Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа бактериологическай лаборатория баазатыгар ПЦР-лаборатория арылынна.
Онон балыыһаҕа полимеразнай цепной реакция технологиятынан киэҥ хабааннаах чинчийиилэри, ол иһигэр саҥа коронавирус дьаҥын быһаарар кыахтаннылар. Ити ыарыһахха чопчу диагноһы туруоран тута эмтииргэ төһүү күүс буолуоҕа.
«Бу ньыманы киллэриигэ бэлэмнэнии 2020 сылтан саҕаламмыта. Балыыһа салалтата уонна лабораторнай сулууспа специалистара СанПиН бары ирдэбиллэригэр эппиэттиир гына хостору бэлэмнээн, үрдүк технологиялаах тэрили атыылаһан, кадрдары бэлэмнээн сүҥкэн үлэни оҥордулар. Бактериолог-быраастар уонна лабораннар ПЦР-ньыманан үлэлииргэ Москваҕа Роспотребнадзор эпидемиологияҕа институтун баазатыгар үөрэннилэр. Итини таһынан, биһиги Москва клиникаларын бөдөҥ ПЦР-лабораторияларын баазаларыгар стажировкалары барбыппыт», – диэн кэпсиир клиническэй микробиология (бактериология) лабораториятын сэбиэдиссэйэ Степанида Шамаева.