Өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн сонуннар
Саха сирин боксаҕа оскуолатын иитиллээччилэрэ Арассыыйа таһымнаах күрэхтэһиилэртэн мэтээллэри аҕаллылар.
Ол курдук, Москва аннынааҕы Серпухов куоракка Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы 77 сылыгар аналлаах ыам ыйын 8 күнүгэр түмүктэммит Бүтүн Арассыыйатааҕы боксаҕа турнирга Саха сирин боксаҕа оскуолатын иитиллээччитэ Назар Андреев 80 кг Санкт-Петербург, Краснодар боксердарын 5:0 итэҕэтиилээхтик хотуталаан, салгыы финалга Челябинскайтан Виталий Котовы эмиэ 5:0 баһыйан, эрэллээхтик кыайда уонна кыһыл көмүс мэтээли сэргэ 400 тыһ. солк. суумалаах сертификатынан наҕараадаланна.
Маны сэргэ икки спортсмеммыт эмиэ сөҕүмэр ситиһиилэннилэр – Валерий-Талбан Егоров 48 кг Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир үрүҥ көмүс мэтээлин ылары ситистэ уонна 200 тыһ. солк. кээмэйдээх сертификатынан наҕараадаланна, 51 кг Николай Григорьев боруонса мэтээлгэ тигистэ уонна 100 тыһ. сертификаты тутта!
Москваҕа “Лужники” стадиоҥҥа буолан ааспыт 20 тыһыынча кыттааччылаах полумарафоҥҥа Уус Алдан быһый ыччата, Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын уонна Манчаары оонньууларын кыайыылааҕа Артур Бурцев 5 км кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистэ. Сардаана Трофимова 21 км алтыс буолла.
Ыам ыйын 19-20 күннэригэр Москваҕа аан дойдутааҕы Поддубнай Тустууга Лигатын 10 омук дойдулара кыттыылаах көҥүл тустууга көбүөрүгэр саха бөҕөстөрө тахсыахтара. Аан дойду уонна Европа боруонса призера Арыйаан Тютрин 57 кг, Европа чемпионатын үрүҥ көмүс медалиһа Ньургун Скрябин 65 кг кыттыыны ылыахтара.
Ыам ыйын 22 күнүгэр Дьокуускай куорат “Дойду бүттүүнэ биир тэтимҥэ” (“Моя страна в одном ритме”) девизтээх Бүтүн Россиятааҕы “ЗаБег” аатынан сүрэхтэммит VI полумарафоҥҥа кыттыһыаҕа. Россия 85 регионнарын киин куораттара Москва бириэмэтинэн сарсыарда 9 чааска бары биир тэҥҥэ стаартыахтара. Дойду 11 часовой пояһын сүүрүүнү таптааччылара, холобур, Дьокуускай куорат олохтоохторугар күнүс 3 чааска стаарт бэриллиэҕэ. “Забег” полумарафон үөрүүлээхтик аһыллыыта “Юность” стадиоҥҥа буолуоҕа. Күргүөмүнэн сүүрүү Ойуунускай – Каландрашвили уулуссалар силбэһиилэриттэн саҕаланар уонна “Юность” стадион, “Триумф” спорткомплекс иннилэринэн “Гимеин” диэки тиийэн баран төннөн кэлэллэр. Трасса уһуна кэлэ-бара 2,5 км. Полумарафон буоларынан 21,5 км, 10 км, 5 км, 2,5 км уонна оҕолорго 1 км араас дистанциялар бааллар. Хас биирдии кыттааччы биэтэккэ кэллэҕинэ кыраһыабай оҥоһуулаах, суруктаах-бичиктээх мэтээл ылыаҕа. “ЗаБег” сүүрүүгэ кыттыбыттар аан дойду рекордун олохтоспуттарынан ааҕыллаллар. Бу полумарафон Камчаткаттан Калиниградка диэри фан-зонанан киэргэтиллибит спорт чаҕылхай бырааһынньыга! Баҕалаахтар кыттыҥ! Аан дойду рекордун олохтоһуҥ! Спорт фестивала эн киин куоратын ортотугар. “ЗаБег” эн уонна хас биирдиибит туһугар!