13.06.2024 | 14:36

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар ойуур баһаардарынан ыксаллаах быһыы-майгы олохтонно

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар ойуур баһаардарынан ыксаллаах быһыы-майгы олохтонно
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 11 күнүттэн Дьокуускай куоракка уонна өрөспүүбүлүкэ кэккэ улуустарыгар ойуур баһаардарынан сибээстээн ыксаллаах быһыы-майгы биллэрилиннэ.
Санатар буоллахха, ыам ыйын 6 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолуу эрэсиимэ олохтоммута.
Онтон бэс ыйын 11 күнүттэн Ил Дархан ыйааҕынан Алдан, Амма, Дьааҥы, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Өлүөхүмэ, Муома, Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри, Нам, Сунтаар, Орто Халыма, Томпо, Таатта, Хаҥалас, Уус Алдан оройуоннарыгар уонна Дьокуускай куоракка ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ олохтонно. 
Бэлиэтээн эттэххэ, сыл саҕаланыаҕыттан ойуурга уоттан сэрэхтээх буолуу быраабылатын кэһии 80 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ. 
ЫБММ министиэристибэтин Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, сезон саҕаланыаҕыттан 145 тыһ. гектар иэннээх сиргэ 170-тан тахса ойуур баһаара бэлиэтэммит. Бэс ыйын 13 күнүнээҕи туругунан Томпо оройуонун нэһилиэнньэлээх пууннарын уонна экономика эбийиэктэрин уоттан харыстыыр аналлаах Арассыыйа ЫБММ Бе-200 амфибия-сөмөлүөтэ үлэлиир. Авиалесоохрана чахчытынан, бу күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар уопсайа 100 тыһ. гектардаах сиринэн 50 ойуур баһаара күүдэпчилэнэр. Ордук уустук балаһыанньа Томпо, Кэбээйи, Алдан, Нерюнгри уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар турар, манна 36 бааһар 96 тыһ. гектар сиринэн тайыыр. 
«Нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабат. Кураанах этиҥнэр содулларыгар суукка иһигэр 9 ойуур баһаара эбилиннэ. Уоту кытта охсуһууга 82 киһи эбии туруорулунна», - диэн иһитиннэрэр ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын начаалынньыга Павел Гарин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....