16.06.2021 | 15:00

Өрөспүүбүлүкэ ойуур баһаардаах 6 оройуонугар уустук балаһыанньа салҕанар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ойуур баһаардарыгар Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар, Өймөкөөн, Уус-Майа уонна Томпо улуустарыгар уустук балаһыанньа оннунан хаалар. 
Ойууру авиациянан харабыллыыр сулууспа иһитиннэрбитинэн, региоҥҥа 16 ойуур баһаара баар. Ааспыт суукка иһигэр 5 баһаар умуруорулунна. Онно 908 киһи уонна 106 тиэхиньикэ үлэлээтэ. 18 патруллуур-хонтуруоллуур бөлөх 256 киһиэхэ баһаартан сэрэхтээх буолуу туһунан бэсиэдэ ыытта, уонтан тахса киһини ойуурга киллэрбэтэ. 
Регион нэһилиэнньэлээх пууннарыгар буруону кэтээн көрүү тиһигин быспакка ыытыллар. Гидрометеосулууспа Дьокуускайдааҕы салаата уонна Роспотребнадзор иһитиннэрбиттэринэн, суукка иһигэр 4 оройуон территориятыгар салгын 9 боруобата оҥоһуллубут, ханна да нуорманы таһынан үрдүгү көрдөрбөтөх.  

 «Ойуур баһаардарыгар Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар, Өймөкөөн, Уус-Майа уонна Томпо улуустарыгар уустук балаһыанньа оннунан хаалар. Итиннэ 23 тыһыынчаттан тахса гектардаах сиргэ баһаар 10 көрдүгэнэ регистрацияламмыта. Кылаабынай управление сүрүн күүһэ нэһилиэнньэлээх пууннары көмүскүүргэ уонна ойуур баһаарын умуруорар үлэлэри салайыыга туһуламмыта. Арассыыйа ЫБММ авиацията уонна аэромобильнай бөлөҕө кыттыһарга бэлэм», - диэтэ СӨ ЫБМ кылаабынай управлениетын начальнига Павел Гарин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...