23.04.2020 | 11:38 | Просмотров: 961

Өрөспүүбүлүкэ күнүн онлайн бэлиэтиибит

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Муус устар 27 күнүгэр бэлиэтэнэр Өрөспүүбүлүкэ күнэ онлайн эрэһиимҥэ барар буолла. Дьиэттэн тахсыбакка олорон музейдары "кэрийиҥ", театрга "сылдьыҥ".

Хотугулуу Илиҥҥи федеральнай университет https://s-vfu.ru , Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академията https://ysaa.ru, СӨ Национальнай библиотеката https://nlrs.ru о.д.а үөрэхтээһин тэрилтэлэрин сайтарыгар онлайн лиэксийэлэр, кинигэ быыстапкалара, күрэхтэр, викториналар ыытыллыахтара.

Муус устар 20-30 күннэригэр

Онлайн театрдар

Саха драматическай театра  www.sakhateatre.ru сайтыгар У.Шекспир “Илиир Хоруол”, “Тиит”; И.Гоголев “Кэрэ көмүскэлигэр”; У.Избеков “Сыгый Кырынаастыыр” испэктээктэрин көрдөрөр.

Олоҥхо театра www.olonkhotheatre.ru:  “Удаҕаттар”, “Дьырыбына Дьырылыатта”, “Ойуун түүлэ”, “Ала Булкун”.

С.А.Зверев-Кыыл Уола аат. Национальнай үҥкүү театра www.dancesakha.ru этнобалет уонна испэктээктэр:  “Киһи”,  “Легенда о северной звезде”, “Дети белого солнца”, “Куллустай Бэргэн”.

Ньурба норуодунай театра www.nurbateatr.ru: “Оҕо куйуурдуу турара”.

“Туймаада” вокальнай ансаамбыл онлайн кэнсиэртэрэ www.tuymaada.ru: “Три тенора”, “Поговори со мною, мама”, “Ой, да не вечер”.

Эстрада театрын кэнсиэртэрэ www.sakhaestrada.ru: “Ырыам кута”, “Тыыммын ылан тыыҥҥар холбоо”.

Муус устар 27 күнүгэр

Онлайн музейдар

Саха өрөспүүбүлүкэтин уопсастыбаннай уона политическай лидердэрин пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу.

Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр телевизионнай марафон “Саха” НКИХ ханаалыгар, сайт: http://nvk-online.ru

Ем.Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр музей www.yakutmuseum.ru:  “Саха АССР төрүттэниитэ” онлайн быыстапка.

Бары социальнай ситимнэргэ хомус тардыытыгар флеш-моб:  #ГимнЯкутииНаХомусе

Национальнай художественнай музей www.sakhamuseum.ru: “Моя республика – моя гордость” онлайн быыстапка.

“Арассыыйа – мин историям” музей-комплекс www.myhistorypark.ru, www.instagram.com/myhistory_ykt: “Саха АССР үөскээһинэ” онлайн-экскурсия.

П.А.Ойуунускай аат. Литературнай музей http://sakhalit.com : “Ойуунускай уонна Национальнай байыаннай оскуола” видеоконференция.

СӨ судаарыстыбаннаһын историятын музейа (Нам улууһа) www.yakutmuseum.ru: “Муус устар 27 күнэ – Саха өрөспүүбүлүкэтин күнэ” виртуальнай быыстапка.

И.Н.Барахов аат. судаарыстыбаннас музейа (Үөһээ Бүлүү улууһа) www.instagram.com/isidorbarahovmuseum : 1933 сыллаахха тахсыбыт, И.Барахов илдьэ сылдьыбыт Ем.Ярославскай “История ВКП(б)” кинигэтин  туһунан виртуальнай быыстапка.

“Таатта” литературнай-художественнай музей-заповедник www.museumtaatta.ru : “Худуоһунньук И.П.Попов айар үлэтигэр П.А.Ойуунускай уобараһа” виртуальнай быыстапка.

Өлөөн историко-этнографическай музейа http://olenekmuseum.ucoz.com: “Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутааттара, Ил Түмэн дьокутааттара” онлайн быыстапка.

Бырааһынньыктааҕы виртуальнай кэнсиэр http://ddnykt.ru

“Мин дойдум” квиз-оонньуу: www.instagram.com/mimol_ykt

Сахалыы киинэлэр: https://sakhamovie.ru

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.