Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр – 16 мэтээл!
Зеленоград куоракка дуобакка кулгаахтарынан итэҕэстээхтэргэ Арассыыйа чемпионата Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр түмүктэннэ. Ити бырааһынньыкпыт быйыл дьаҥ мэһэйинэн оччо бэлиэтэммэтэр даҕаны, сахалар син биир дууһабыт өрө көтөҕүллэр. Бэлиэ күммүтүгэр (хамаанданан кыайыыларга барыларыгар ааҕа эмиэ мэтээл иилиллибитин өссө аахпакка туран) 16 мэтээлинэн наҕараадаланан өрөгөйдөөтүлэр.
Хамаанда салайааччыта, гроссмейстер Петр Ушницкай бэйэтэ 64 харахтаах дуобакка сүрүн уонна түргэнник оонньооһуннарга бастаан, үөрэнээччилэригэр үтүө холобур көҕүлээтэ! Петр курдук итинник бастаабыт түһүлгэлэригэр Европа уонна аан дойду чемпионнара Сайыына Юнчанова 64 харахтаахха түргэн оонньууга, Александр Ефимов 100 харахтаахха сүрүн күрэхтэһиигэ бастаатылар. Юнчанова өссө 64 классическай уонна 100 харахтаах сүрүн күрэхтэһиилэригэр үрүҥ көмүс мэтээллэри ылла. Александр 64 харахтаах уонна 100 харахтаах сүрүн чемпионаттарыгар эмиэ иккис миэстэлэргэ тахсыбыта. Саха сирин делегацията Арассыыйаҕа хамаанданан кыһыл көмүс кубогын, нуучча дуобатыгар үрүҥ көмүс кубогын күөрэччи көтөхтүлэр.
Хамаанда салайааччыта, гроссмейстер Петр Ушницкай: “Кыайыыбытын өрөспүүбүлүкэҕэ кэһии курдук аныыбыт!”— диэтэ.