02.07.2024 | 22:08 | Просмотров: 424

Өрөспүүбүлүкэҕэ ыһыы хампаанньата түмүктэннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 47618 га иэннээх сиргэ, эбэтэр былааннаммыттан 97% тыа хаһаайыстыбатын култуурата ыһылынна.

Туораахтаах култуура 1070 га иэннээх сиргэ ыһылынна, ол иһигэр сэлиэһинэй – 1648 га, дьэһимиэн – 2462 га, эбиэс – 6958 га, былаан 100% туолла.

Сүөһүгэ эбии аһылык 29 082 га иэннээх сиргэ ыһылынна, онтон биир сыллаах үүнээйи – 14 694 га, онтон хаалбыт иэн элбэх сыллаах үүнээйигэ ананна.

Оҕуруот аһыттан хортуоппуй 6 147 га иэннээх сиргэ ыһыллан, былаан 102% туолла. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар ыһар сирдэрин иэнэ – 2,6 тыһ. га.

Аһаҕас халлаан анныгар үүннэриллэр оҕуруот аһын ыһыыга 1319 га ананна, ол эбэтэр былааннаммыт 103% .

Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан 2030 сылга диэри ыһыы бааһынатын иэнэ 70 тыһ. га сиргэ диэри кэҥэтиллиэхтээх, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Эйфель башнятын игирэлэрэ
Сонуннар | 13.02.2026 | 20:30
Эйфель башнятын игирэлэрэ
 Сарсын, олунньу 14 күнүгэр, Дьокуускай куорат Сайсары күөлүгэр Эйфель башнятын үөрүүлээхтик арыйыы күүтүллэр. Түгэнинэн туһанан, «Киин куорат» Саха сиригэр бастакы Эйфель башнятын санаан ыларга сананна.
«Киин куорат» ааҕааччыларыгар Санаа быраас хоруйдуур
Тускар туһан | 13.02.2026 | 17:00
«Киин куорат» ааҕааччыларыгар Санаа быраас хоруйдуур
Эмчит үлэтэ ыараханын бары билэбит. Бу эйгэҕэ уһуннук, бэриниилээхтик үлэлээһин киһи  аайы бэриллибэт. Норуот билиниитин ылбыт эмчит Санаа быраас тэттик суруйууларын куйаар ситиминэн куруук кэтэһэллэр.
Күннэй ыҥырыынан тоҕо ыллаабатын быһаарда
Дьон | 12.02.2026 | 10:27
Күннэй ыҥырыынан тоҕо ыллаабатын быһаарда
Күннэй «Киин куорат» ааҕааччыларыгар тоҕо ыллаан бүппүтүн, туолбут баҕа санааларын, айар үлэ ыһыллар төрүөтүн, покер абылаҥын, аны уон сылынан бэйэтин хайдах көрөрүн кэпсээтэ, кэрэ буолуу кистэлэҥнэрин арыйда.
Тайах хаарын ыраастаары, 30 км айанныыр Аркадий Попов
Сонуннар | 17.02.2026 | 11:22
Тайах хаарын ыраастаары, 30 км айанныыр Аркадий Попов
"Киин куорат" Дьокуускайтан Горнай улууһун киинигэр киириигэ турар аарыма тайахтаах стеланы хаардыыр Аркадий Попову кытта билистэ.