Өрөспүүбүлүкэҕэ 50 тыһ. дуоза «Спутник Лайт» вакцина кэлэрэ күүтүллэр
Өрөспүүбүлүкэҕэ коронавирус дьаҥын утары 50 тыһ. дуоза «Спутник Лайт» вакцина кэлэрэ күүтүллэр. Ол туһунан регионнааҕы суһал штаб салайааччытын солбуйааччы Ольга Балабкина эпидемиологическай быһыы-майгыны сырдатар брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
«Ревакцинация тэрээһиннэригэр киириэхпит, оптуорунньукка-сэрэдэҕэ 50 тыһ. дуоза «Спутник Лайт» вакцина кэлэрэ күүтүллэр», – диэтэ кини.
Ревакцинацияны алта ый анараа өттүгэр «Спутник V» эбэтэр «ЭпиВакКорона» вакциналар икки компоненнарын ылбыт дьон ааһыахтарын сөп. Биир компоненнаах «Спутник Лайт» вакцинаны коронавируһунан ыалдьан баран үтүөрбүт уонна быһыыны аан бастакы төгүлүн туруортарар дьон ылыахтарын сөп.
Итини таһынан, суһал штаб салайааччытын солбуйааччыта ыраах нэһилиэнньэлээх пууннарга ыытыллар үлэ туһунан иһитиннэрдэ.
«Ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга, санавиация күн-дьыл туругунан кыайан тиийбэт кэмигэр үлэбитин телемэдиссиинэ консультацияларын өттүнэн күүһүрдэн биэрдибит. Сорох оройуоннарга сөмөлүөт көппөт буолан вакцинаны ыытар кыахпыт суох. Атырдьах ыйын 17 күнүгэр Абый уонна Ленскэй оройуоннарыгар вакциналаах анал эриэйсэ көтүөҕэ», – диэтэ Ольга Балабкина.