18.06.2021 | 18:00

Өрөспүүбүлүкэҕэ 3 тыһыынчаттан тахса "Спутник V" вакцина кэллэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Суһал штаб биллэрбитинэн, Саха сиригэр 3300 устуука «Спутник V» вакцина кэлэн өрөспүүбүлүкэ биэс оройуонугар түҥэтилиннэ. 
Өрөбүл күннэргэ вакцинация пууннара өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн штатнай эрэсииминэн үлэлииллэр. Суһал штаб бүгүҥҥү брифинигэр доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова Саха сирин олохтоохторун коронавирус дьаҥыттан быһыыны ыларга ыҥырда. 
Манна даҕатан, Саха норуотугар биллэр, ытыктанар киһибит, духуобунас академига, норуот маастара Мандар Уус норуотугар туһаайбыт этиитин тиэрдиэҕи баҕарыллар.  
Ил Дархан Айсен Николаев маассабай вакцинация эрэ нэһилиэнньэ холбоһуктаах иммунитетын оҥоруоҕа диэн тылларын Борис Неустроев-Мандар Уус, норуот маастара өйөөтө. 
Кини этэринэн, хас биирдии киһи тутулуга суох уонна доруобуйата көҥүллүүр эрэ буоллаҕына вакцинация ыларын туһунан быһаарыныахтаах.
Вакцинация ылыах иннинэ медицинскэй бэрибиэркэ ааһыахха наада диэн этэр Мандар Уус.  
“Хас биирдии киһи, тус бэйэтэ быһаарыныахтаах, вакцинация ыларын ылбатын. Өскөтүн, киһи доруобай буоллаҕына вакцина ылыан сөп. Мин саныахпар, долгуйар, эбэтэр куттанар буоллаххытына медицинскэй бэрибиэркэ ааһар, анаалыс туттараргыт булгуччулаах. Мин бэйэм даҕаны ылыам этэ, хомойуох иһин доруобуйам көҥүллээбэт, ол иһин сатаан вакцина ылбаппын”, – диэн эттэ Мандар Уус.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....