Өрөспүүбүлүкэ былааһа коронавирус саҥа дельта штамма булуллубутун эттэ
Бүгүн суһал штаб мунньаҕар Саха сирин кылаабынай санитарнай бырааһа Маргарита Игнатьева өрөспүүбүлүкэҕэ COVID-19 ыалдьыбыт дьон ортотугар дельта штамма («индийскэй» диэнинэн биллэр) булуллубутун эттэ.
«Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ британскайы сэргэ коронавирус индийскэй штамма баара билиннэ», - диэбит кылаабынай санитарнай быраас.
Саха сиригэр ыараханнык ыалдьыбыт дьон ахсаана элбээбит – 75, олортон 19 киһи тыҥа искусственнай вентиляциятын аппараатыгар холбонон сытар.
Өрөспүүбүлүкэ 11 оройуонугар коронавирустан нэһилиэнньэ улахан дьонун ортотугар 50%-тан аҕыйах киһи быһыыны ылбыт. Ил Дархан этэринэн, сорох оройуоннар урут кэлбит вакциналарын да туттан бүтэрэ иликтэр эбит. «Итинник улуустарга коронавируһунан ыалдьыбыт киһи ахсаана элбээбитин көрөбүт», - диир өрөспүүбүлүкэ баһылыга.
Саха сиригэр британскай штамм аан бастаан муус устар ыйга баара биллибит. Дельта штамма саҥа булулунна диэн этэллэр өрөспүүбүлүкэ былаастара.
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ коронавирус дьаҥынан ыалдьыы 99 түбэлтэтэ регистрацияланна, онтон 51 Дьокуускай куоракка.