18.02.2022 | 13:00

Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ суруналыыстарыгар сыаналаах бириистэри туттарыахтара

Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ суруналыыстарыгар сыаналаах бириистэри туттарыахтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куораттааҕы Дуума, өрөспүүбүлүкэ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна  инфокоммуникационнай технологияларга Министиэристибэтэ, «Сахапечать» СӨ САТ олохтоох салайыныыны сырдатыыга суруналыыстар ортолоругар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһу биллэрэллэр. Куонкурус Дьокуускай куораттааҕы Дуума 200, олохтоох бэйэни салайыныы 20 сылларыгар ананар. Бу туһунан Дьокуускай куораттааҕы Дуума пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Куонкуруска 2022 сыл кулун тутар ыйтан сэтинньигэ диэри бэчээттэммит, эфиргэ тахсыбыт үлэлэр кытталлар. Куонкурус сыала – өрөспүүбүлүкэ олохтоох бэйэни салайыынытыгар суруналыыстар болҕомтолорун тардыы, сөптөөх сырдатыыны көҕүлээһин. 
Кыайыылаахтар 8 номинациянан сүүмэрдэниэхтэрэ:
· «Сахалыы тылынан тахсар улуус (куорат) хаһыаттарын бастыҥ ааптара» – муниципальнай тиэмэҕэ суруллубут аналитическай уонна кыһалҕалаах матырыйааллар (үстэн итэҕэһэ суох ыстатыйа).
· «Нууччалыы тылынан тахсар улуус (куорат) хаһыаттарын бастыҥ ааптара» – муниципальнай тиэмэҕэ суруллубут аналитическай уонна кыһалҕалаах матырыйааллар (үстэн итэҕэһэ суох ыстатыйа).
· «Сахалыы тылынан тахсар өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын бастыҥ ааптара» – муниципальнай тиэмэҕэ суруллубут аналитическай уонна кыһалҕалаах матырыйааллар (үстэн итэҕэһэ суох ыстатыйа).
· «Нууччалыы тылынан тахсар өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын бастыҥ ааптара» – муниципальнай тиэмэҕэ суруллубут аналитическай уонна кыһалҕалаах матырыйааллар (үстэн итэҕэһэ суох ыстатыйа).
· «Интэриниэт-таһаарыы бастыҥ ааптара» – муниципальнай тиэмэҕэ суруллубут аналитическай уонна кыһалҕалаах матырыйааллар (үстэн итэҕэһэ суох ыстатыйа).
· «Бастыҥ телесуруналыыс» – телевидениеҕа муниципальнай тиэмэлээх биэриилэри түһүмэҕинэн таһаарбыт телесуруналыыска ананар (үстэн итэҕэһэ суох сюжет-репортаж эбэтэр интервьюлар, документальнай киинэлэр уо.д.а.).
· «Бастыҥ радиосуруналыыс» – радиоҕа муниципальнай тиэмэлээх биэриилэри түһүмэҕинэн таһаарбыт радиосуруналыыска ананар (үстэн итэҕэһэ суох биэрии).
· «Улуус (куорат) хаһыаттарын бастыҥ эрэдээксийэтэ» – олохтоох бэйэни салайыныы боппуруостарын бастыҥ сырдатыы иһин.
Куонкуруска кыттарга тэрийэр хамыыһыйаҕа матырыйааллары уонна сайаапканы ыытыы ирдэнэр. Сайаапканы кытта туттарыллар үлэ (сюжет, бэчээккэ тахсыбыт матырыйаал) ахсаана 10-тан элбэх буолуо суохтаах. 
Финалистар куонкурус түмүгүн үөрүүлээх таһаарыытыгар ыҥырыллаллар, түмүк итиннэ иһитиннэриллэр. Бары  финалистар сертификаттарынан уонна сыаналаах бириистэринэн (ноутбук, планшет, фотоаппарат, төлөпүөн, диктофон, офиснай тиэхиньикэ уо.д.а.) наҕараадаланаллар. Бастыҥ ааптардарга, эрэдээксийэҕэ, теле, радиосуруналыыска 30 000-тан 50 000 солкуобайга диэри сыаналаах бириистэр туттарыллыахтара. 
Билсэр төлөпүөн (4112) 34-41-35, электроннай почта yarovsms@mail.ru.
Куонкурус усулуобуйатын уонна балаһыанньатын кытта сайтка билсиэххитин сөп: http://yktgorduma.ru/news/1637

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...