02.07.2024 | 22:08 | Просмотров: 506

Өрөспүүбүлүкэ 10 оройуонугар Өлүөнэ өрүс күнүнэн субуотунньуктар ыытылыннылар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

От ыйын 2 күнүгэр Өлүөнэ өрүс күнүнэн ыытыллыбыт экологическай субуотунньуктар чэрчилэринэн 130 куул бөх хомулунна.

Тэрээһин дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээһининэн олоххо киирэр «Экология» нацбырайыак «Арассыыйа уута» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйатын иһинэн ыытылынна.

Биллэрин курдук, Өлүөнэ өрүс өрөспүүбүлүкэ уон оройуонунан ааһар: Ленскэй, Өлүөхүмэ, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Дьокуускай, Нам, Уус Алдан, Кэбээйи, Эдьигээн уонна Булуҥ. Ааттаммыт оройуоннар бары бу күн субуотунньукка таҕыстылар.

Дьокуускай куоракка буолан ааспыт субуотунньукка уопсастыбаннас,Росприроднадзор Саха сиринээҕи управлениетын, Росрыболовство Илин-Сибиирдээҕи территориальнай управлениетын, Национальнай баан, Сбербаан, «Ленарегионводхоз» филиалын үлэһиттэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Тэрийээччилэр — экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, Росводресурс управлениета —
экологическай субуотунньук кыттыылаахтарыгар махталларын биллэрэллэр, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Хаартыска: экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.