19.05.2021 | 22:37

Өрүү сүрэхпитигэр иҥэн сылдьар

Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Бүгүн, ыам ыйын 19 күнэ – Бүтүн Арассыыйатааҕы Пионерия күнэ. 1922 сыллаахха оруобуна бу күн Комсомол Бүтүн Арассыыйатааҕы II-с кэмпириэнсийэтигэр пионер этэрээттэрин тэрийэр туһунан быһаарыныы ылыллыбыта. Итиэннэ 70-ча сыл, 1991 сыллаахха Сойуус ыһыллыар диэри, бэлиэтэммитэ. Пионерскай тэрилтэ чилиэннэринэн 200 мөлүйүөнтэн тахса 10-14 саастаах оҕолор буолан ааспыттара. 


Санаан көрүҥ, 200 мөлүйүөнтэн тахса киһи уот кыһыл хаалтыһы киэн тутта иилинэн, пионер күөстүү оргуйар көхтөөх олоҕун олорон ааспыт. Ол саҕанааҕы пионердар дьоллоох кэми бары да күндүтүк саныыбыт.
Уопсастыбаннай-политическай өттүгэр тохтуу барбакка, түгэнинэн туһанан, кылгастык санаан аастахха, кыһыл хаалтыһы миэхэ эһээ Ленин төрөөбүт күнүгэр үөрүүлээх линейкаҕа иилбиттэрэ. Долгуйуу, үөрүү, өрө көтөҕүллүү умнуллубат иэйиитэ кууспутун билигин да саныыбын. Дьиэбэр баран иһэн, аара суолга хаалтыспын тутан көрө-көрө айаннаабытым, тиийээт, киэн тутта сиэркилэҕэ көрүммүтүм, дьонум тэҥҥэ үөрбүттэрэ... 
 “Пионер күнэ” диэн тылы иһиттэхпинэ, сонно төбөбөр поход диэн тыл киирэр.  Бу күнү сылын аайы диэҥ далааһыннаахтык бэлиэтиир этибит. Үгэс быһыытынан ыһык-тайма буолан, үрүсээк сүгэн айылҕаҕа походтуу барарбыт. Ол кэтэһиилээх да күн этэ, кыһыны быһа дьиэттэн, оскуолаттан ырааппатах кыра дьоҥҥо. Билигин даҕаны харахпар ойуур ортотугар киэҥ алааска кутаа уот, пионер кэккэтигэр киирэн эрэр оҕолор кэчигирэһэн тураллара, бииргэ үөрэммит оҕолорум мэник-тэник сирэйдэрэ көстөн кэлэр. Ол саҕана улахан бобуу суох быһыылааҕа, бары кылааһынан тус-туспа кыра кутаа уоту уматан, ас буһарынан, хортуоппуй үтэн сиэн, астына-дуоһуйа аһыырбыт. Барарбытыгар учууталлар уоппутун уунан саба ыһан умуруорар этилэр. Ити күн төһөлөөх кутаа уот уматыллыбыта буолуой, ойуур баһаара тахсыбытын өйдөөбөппүн. Үтэн буһарбыт хортуоппуйбут минньигэһиэн, амтана билигин да биллэр курдук. Дэлби оонньоон-көрүлээн, сылайан-элэйэн дьиэбитигэр төннөрбүт. 


Биирдэ походтан дьиэлээн иһэн, учууталбытын кытта эбэни киирэн көрөн ааһыахха диэн буолла. Ол иннинэ эбэ мууһа хамсыы илик этэ. Биһиги биэрэккэ чугаһааппытын кытта, биһигини эрэ күүтэн турбут курдук, эбэ мууһа эстэн тоҕо барда. Тыас-уус, биһиги үөрүү-көтүү. Учууталбыт: “Оҕолоор, бу күнү өйдөөн хаалыҥ, муус эстэригэр түбэһэр сэдэх түбэлтэ”, – диэбитин мин билиҥҥэ диэри өйдүү сылдьабын. Кырдьык даҕаны, наһаа сөҕүмэр, кэрэ көстүү этэ. Кэнники улаатан баран түбэһэн көрө иликпин. 
Оскуола олоҕор куруук көхтөөхтүк кыттарым. Сыл аайы Герой Федор Попов аатын сүгэр пионерскай этэрээппит бэрэссэдээтэлинэн талылларым. Комсомол да буолан баран мэлдьи олох үөһүгэр этим. Ол, этэргэ дылы, олох атын история. 
Пионер күнэ, пионер буола сылдьыбыт олохпут кэрчик кэмэ, төһө да ааспытын иһин, өрүү сүрэхпитигэр иҥэн сылдьар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...