Өрүһүнэн сырыы тохтуура чугаһаата
Муус устар 13 күнүттэн Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан Өлүөнэ өрүһү туоруур “Халыма” федеральнай кыһыҥҥы суолга 30 туоннаҕа диэри таһаҕас уйуга намтыыр.
Бу күнтэн 20 туоннаҕа диэри хааччах Бүлүү уонна Алдан өрүстэргэ киллэриллэр диэн “Бүлүү” Упрдор ФКУ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бу Бүлүү өрүһү туоруур 660 килэмиэтир (Үөһээ Бүлүү), 807 км (Күндээдэ), 956 км (Устье) уонна 1049 км (Кириэстээх) “Бүлүү” суолугар уонна Алдан өрүскэ Хаандыга – Мэҥэ Алдан “Халыма” суол 365 килэмиэтиригэр.
“Өрүс суолларынан кыһыҥҥы сырыы сабаҕалааһын быһыытынан муус устар 19 күнүгэр сабыллыа”, – диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
Маныаха суоппардары көҥүллэммит уйугу тутуһан айанныылларыгар ыҥыраллар.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



