21.10.2023 | 10:00

Үөрүүнү-көтүүнү үйэтитэр Клара Гаврильева

Уруу хаартыскалара — ыал олоҕор үйэ-саас тухары хаалар үтүө өйдөбүнньүк. Бу эйгэҕэ үлэлиир фотограф туохха үөрэниэхтээҕий уонна ханнык ыарахаттары көрсөрүй? Ол туһунан эдэр фотограф Клара Гаврильеваны кытта кэпсэттибит.
Үөрүүнү-көтүүнү үйэтитэр Клара Гаврильева
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Дьону хаартыскаҕа түһэрэрбин ордоробун

2014 сыллаахха, 7 кылааска үөрэнэ сырыттахпына төрөппүттэрим төрөөбүт күммэр фотоаппарат бэлэхтээбиттэрэ. Ол күнтэн ыла хаартыскаҕа түһэрэн саҕалаабытым. Бастаан утаа кылааска бииргэ үөрэнэр оҕолорбун, доҕотторбун түһэрэр этим.

Оскуолаҕа ыытыллар тэрээһиннэри түһэрэр эрдэхпинэ дьон мөссүөннэрин үйэтитэрбин ордорорбун өйдөөбүтүм. Киһи хайдах хамсанарын, сирэйэ-хараҕа, сэбэрэтэ уларыйарын кэтээн көрөн түһэрэр бэйэтэ уратылаах, аптаах курдук. Үчүгэйэ диэн, сатабылгын салгыы тупсаран иһэҕин.

Ол сыл сайын мин биир биллэр фотографка көмөлөһөөччү быһыытынан үлэлээбитим, уруулары үйэтиппиппит. Кини хайдах үлэлиирин көрөн-истэн, элбэххэ үөрэммитим. Уруу дьоро күнүн үйэтитэр фотограф тоҕо элбэҕий диэтэххэ, дьон таптаһан сүрэхтэрин холбуур, маннык үөрүүлээх түгэн дьон олоҕор хаһан баҕарар баар буолуо.

Үлэбин саҥа саҕалаан эрдэхпинэ, килийиэннэрим: “Үөрэхтээххин дуо?” —диэн ыйытар этилэр. Онон бу идэҕэ үөрэммэтэхпиттэн элбэхтэ бэйэбин хомуруйан ылбытым. Фотографтар атын куораттарга, тас дойдуларга эрэ үөрэнэллэрэ буолуо дии саныырым. Билигин санаан көрдөххө, бары интэриниэттэн көрөн эбэтэр атын фотографтартан үөрэнэллэр эбит. Мин билэрбинэн, анал үөрэхтээх аҕыйах, улахан аҥаардара бэйэм курдук куурустарга, маастар-кылаастарга билиилэрин хаҥаталлар.

Кими да кумир оҥостубаппын, ырыаһыт да, артыыс да буоллун. Ол эрээри атын дьон хаартыскаларын көрөн туох эмит интэриэһинэйи, кэрэни  буларбын сөбүлүүбүн. Фотограф элбэх: анал идэтийбит дьон, ойоҕос дьарыгырааччылар да бааллар. Хас биирдии ааптар бэйэтин сэҥээрээччитин булар дии саныыбын.

Билигин 3№-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһаҕа пресс-сэкирэтээринэн үлэлии-хамсыы сылдьабын. Ол да буоллар өрөбүллэргэ быыс булан, сакаас ылабын. Сонуннары суруйууну, хаартыскаҕа түһэриини дьүөрэлиибин. Манна фотограф быһыытынан үлэлиирим эмиэ табыгастаах буолан, улахан ыарахаттары көрсүбэппин.

Үтүө да, мөкү да өрүтэ үгүс

Бу 9 сыл устата араас барыта буолан ааспыта. Биллэн турар, дьону кытта алтыһар, барыларын кытта биир тылы булан үлэлиир уустук. Күнү быһа үлэлиигин, сүүрэҕин-көтөҕүн. Бу доруобуйаҕа олус ыарахан үлэ, ол иһин үгүс фотографтар бу эйгэҕэ толору, өр кэмҥэ үлэлээбэттэр.

Эдэрдэри, кинилэр чугас дьоннорун, аймахтарын кытта күнү быһа кэпсэтэ-кэпсэтэ, кэтээн көрө-көрө хаартыскаҕа түһэрэҕин. Оннук биир күн иһигэр 5000 хаартыска тахсар, аны барытын наардаан, тупсарыы түбүктээх үлэтэ саҕаланар. Барытын хос көрүөххүн наада, тугу эрэ тупсаран, сороҕун сотторон, үлэ бөҕөтүн үлэлээн, ыал буолбут эдэрдэргэ туттаран баран, туох дииллэрин кэтэһэҕин.

Аны туран тус олоххор буолар бырааһынньыктары үгүстүк көтүтэҕин. Уруу үксүн өрөбүллэргэ ыытыллар, онон бэйэҥ дьиэ кэргэҥҥин кытта бырааһынньыктаабакка, атын дьон үөрүүлэрин-көтүүлэрин түһэрэ сылдьаҕын. Бу уйулҕа өттүнэн ыарахан. Дьиэ кэргэммин кытта алтыһарым аҕыйыыр, кинилэр нэдиэлэни быһа үлэлииллэр, онтон өрөбүллэригэр мин үлэлиибин.

Ол да буоллар, бу идэ үтүө өрүтэ да элбэх. Бырааһынньыктаабат да буоллаххына, син биир дьону кытта тэҥҥэ үөрэҕин, сырдыгынан туолаҕын. Мин ыалдьыттар ыллыылларын-үҥкүүлүүллэрин, ыҥырыллыбыт ырыаһыттар кэнсиэрдэрин көрөн дуоһуйабын.

Эдэрдэргэ бэлэм хаартыскалары биэрбитиҥ кэннэ кинилэр эйиэхэ махтаналлара, үчүгэй сыанабылы биэрэллэрэ – бэйэтэ туспа үөрүү, дьол.

Таптыыр дьарыгым буолан, үлэбин син биир чэпчэкитик ылынабын. Сөбүлүүр идэҕинэн үлэлиир буоллаххына, оннооҕор мөкү өрүттэри үчүгэй курдук көрөҕүн.

Бу идэ тулууру эрэйэр. Дьону кытта алтыһаргын сөбүлээбэт уонна бу үлэни сатаан кыайбат буоллаххына,  бу эйгэҕэ киириэҥ да суоҕа.

Туох да уратылара суох

Билиҥҥи кэмҥэ хас биирдии киһи смартфоннаах. Сорох смартфоннар фотоаппарат саҕа кыахтаах камералаахтар. Сатаан туттар киһи мобилограф буолуон сөп. Саха сириттэн үрдүк таһымҥа сыанабыл ылбыт үлэлэр да бааллар. Холобур, фотограф Василий Баранов смартфонугар видео устубутун “Apple” хампаанньа бэйэтин Инстаграм (РФ территориятыгар бобуулаах социальнай ситим) страницатыгар таһаарбыта. Итинник ураты толкуйдаах, саҥа тренди эккирэтэр түргэн-тарҕан буолуохха наада.

Ону таһынан билигин рилсмейкердэр диэн саҥа, фотографтан, видеографтан ураты идэлээх дьон баар буоллулар. Кинилэр смартфон көмөтүнэн видео устубуттарын уруу бүтүүтэ барытын таҥан, үлэлэрин утары бүтэрэн сакаасчыкка ыытан кэбиһэллэр. Онтон эдэрдэр бырааһынньык кэннэ социальнай ситимнэргэ урууларын видеоларын тута таһаараллар.  Мин саҥа саҕалыырым саҕана урууларга фотографтар эрэ үлэлииллэрэ. Билигин уруу аайы үстэн тахса киһи үлэлиир: фотограф, видеограф, рилсмейкер. Ардыгар биир идэлээхтэр солбуйса сылдьан биир бырааһынньыкка үлэлиэхтэрин сөп.

Оттон смартфон эрэ көмөтүнэн түһэриэххин баҕарбат буоллаххына, саамай сүрүнэ — фотоаппарат ылан хаартыскаҕа түһэриэххин сөп. Ханнык баҕар фотоаппарат буолуон сөп. Онтон салгыы сатабылгын сайыннарар буоллаххына, күүстээх объектив, вспышка уонна да атын эбии туттар тэриллэри ылан техническэй өттүнэн сайдан иһэҕин.

Мин санаабар, үлэ хаачыстыбалаах буоларын туһугар хаартыска тупсарыытыгар болҕомтоҕун ууруоххун наада. Онуох туох да уустуга суох. Ютубка араас үөрэтэр видео элбэх, бэйэҥ даҕаны  араас эффектэри туруоран, хайдах буолан тахсарын өйдөөн көрөн үөрэнэҕин.

Саха сиригэр хаартысканан суруналыыстыка хайысхата сайдыахтаах

Арай атын хайысхаҕа көһөр буоллахпына, фотосуруналыыстыкаҕа, документалистикаҕа көһүөм этэ. Ити олус ыарахан идэ, тоҕо диэтэххэ дьон араас кыһалҕаҕа түбэспитин сатаан көрдөрүөххэ наада. Мин, холобур, оннукка билигин уйулҕа өттүнэн бэлэмэ суохпун. Билигин барыта үөрүү-көтүү, уруу, бырааһынньык хаартыскалара. Оттон социальнай фотосуруналыыстар да, документалистар да буоллуннар, хаартыска эрэ көмөтүнэн атын дьоҥҥо туох кыһалҕа, иэдээн баарын көрдөрөллөр. Холобур, ыарыһах киһини түһэрэр буоллахтарына, бэйэлэрэ бу киһи хайдах турукка сылдьарын эмиэ сатаан өйдөөн, бэйэлэригэр ылынан уопсастыбаҕа тиэрдэллэр. Фотосуруналыыстар олоҕу ис-иһиттэн көрөллөр. Мин итинник курдук профессионал буолуом этэ диэн баҕа санаалаахпын.

Саха сиригэр фотосуруналыыстыка балаһыанньата уустук. Туспа оннук хайысха суоҕа хомотор. Исписэлиис  аҕыйах, тарбахха баттанар СИА үлэһиттэрэ бааллар. Холобур, фотосуруналыыстар, мээнэ түһэрэн эрэ кэбиспэккэ, отчуот эрэ курдук оҥорбокко, бэйэлэрин хаартыскаларыгар эбии ыстатыйа суруйаллара буоллар,  үчүгэй буолуо этэ.

Чуолкай сыалы туруоруна иликпин. Арай өссө элбэх сакааһы толорон, сатабылларбын салгыы чочуйан иһэр былааннаахпын. Эппитим курдук, фотосуруналыыстыка эйгэтигэр үлэлиэм этэ, сурунаалларга, интэриниэт-таһаарыыларга фотосуруналыыс буолуохпун баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...