04.03.2022 | 14:00

Өрөмүөн үлэтэ кылгас болдьоххо ыытылынна

Өрөмүөн үлэтэ кылгас болдьоххо ыытылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Атыы-эргиэн экономическай колледжын өрөмүөннүүр, чөлүгэр түһэрэр үлэ кылгас болдьох иһигэр ыытылынна.  Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Бэдэрээтчит урукку Дьокуускайдааҕы атыы-эргиэн экономическай колледжын дьиэтигэр өрөмүөннүүр, чөлүгэр түһэрэр үлэни олунньу 18 күнүгэр түмүктээтэ, кинини кытта дуогабар 2021 сыл алтынньы 15 күнүгэр түһэрсиллибитэ. Ити туһунан кулун тутар 3 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенконы кытта өрөмүөн түмүгүн көрө сылдьан кэпсээтэ. Урукку колледж дьиэтэ быстах болдьоххо куораттааҕы 1 №-дээх орто оскуолаҕа бэриллэр. 
«Билиҥҥи кэмҥэ бэдэрээтчит тэрилтэ ыйыллыбыт итэҕэстэри туоратар. Маны сэргэ вентиляция уонна автоматическай буруоттан харыстыыр систиэмэлэр үлэлэрэ чопчуланар. Итини тэҥэ оскуолаҕа наадалаах технологическай тэриллэр кэлэллэр», – диэтэ куорат баһылыга.
Быстах кэмҥэ үлэлиэхтээх оскуола дьиэтин наадалаах тэриллэринэн тэтимнээхтик хааччыйаллар. Ол курдук, бастакы түһүмэҕинэн ирдэнэр тэриллэр олунньу 26 күнүгэр кэлбиттэрэ, иккис түһүмэх кэлиитэ кулун тутар ый бүтэһик күннэригэр күүтүллэр. Быйыл сааскы-сайыҥҥы кэмҥэ оскуола таһынааҕы территория тупсаран оҥоһуллуохтаах. 
Билиҥҥи кэмҥэ Роспотребнадзор Управлениетын исписэлиистэрэ оскуола үлэлиэхтээх дьиэтигэр салгын туругун, уу хаачыстыбатын бэрэбиэркэлээн чинчийиилэри ыыттылар, боротокуоллары биэрдилэр. Вентиляция систиэмэтэ үлэҕэ киирдэҕинэ Роспотребнадзор  исписэлиистэрэ салгын хайдах тарҕанарын бэрэбиэркэлиэхтэрэ. Чинчийии боротокуолларын уонна үлэ бүппүтүн туһунан аактаны туттаҕына оскуола салалтата дьиэни бас билии докумуонугар илии баттыахтаах. 
Санатар буоллахха, 1 №-дээх орто оскуола Ленин проспегын 32-гэр турар дьиэтэ 1941 сыллаахха тутуллубут. Прокуратура уонна суут дьаһалыгар олоҕуран, ити дьиэҕэ бөҕөргөтөр, чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытар табыллыбат. 
2022 сылга 1 №-дээх орто оскуола саҥа дьиэтин тутуу бырайыага саҕаланар. Дьаһалта уонна төрөппүттэр баҕа санааларын учуоттаан оскуола урукку миэстэтигэр тутуллара былааннанар. Ол эрэн оскуола иэнэ быдан улаатыаҕа, үөрэҕирии тэрилтэлэрин бары ирдэбиллэригэр эппиэттиир буолуоҕа. 
Манна даҕатан эттэххэ, оскуола саҥа дьиэтин тутуута өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын уорганын көрүүтүгэр сылдьар, тоҕо диэтэр урукку оннугар тутарга кэккэ уустуктар бааллар – олорор дьиэлэр чугас тураллар уонна тутууну ыытарга кыараҕас курдук.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....