Үрүҥ илгэни үрүлүтээччилэр, эмис эти дэлэтээччилэр
Саха омук, саха норуота биир өйдөбүлү кытта быстыспат ситимнээх - хонуу аайы хороҕор муостаах хотоҕостуу субуллара, сыһыы аайы сыспай сиэллээх сыбыытыыра. Күн бүгүн ити өйдөбүлү, үтүө үгэһи тутуһааччы лаппа аҕыйаата. Бүгүн Хатас нэһилиэгэр сүөһүлээх, сылгылаах дьон окко киириэх иннинэ мустан, сиэри-туому оҥорон, бэйэ-бэйэҕэ үтүөнү-кэрэни, ситимнээх ситиһиини баҕарсан, алгыс тылын истэн, ылынан, дуоһуйа кэпсэтэн, сэһэргэһэн барбыттарын туһунан суруйуом. Тэрээһиҥҥэ дойдуга буола турар быһыы-майгы, ирдэбил быһыытынан, аҕыйах киһи муһунна. Сүрүн сыалбыт, эппитим курдук, кыстыкка бэлэмнэнии үлэтэ этэҥҥэ баран, аҕыс ыйдаах аам- даам аргыарга, тоҕус ыйдаах томороон тумаҥҥа, сэттэ ый сэллээбэт тымныыга хороҕор муостаах сыалаах, сымнаҕас күөх оттоох, тотор аһылыктаах буоларыгар, хотоҥҥо киириигэ торолуччу уойалларыгар аламаҕай санаалаах, ылбаҕай тыллаах алгыс нөҥүө көрдөһүү, тылы-өһү тиэрдии буолар. Үйэлэри туораан кэлбит үгэспитинэн түүнү үрдүбүт, арыылаах алаадьынан, үрүҥ илгэнэн айах туттубут. Дьэ уонна саха дьонун сиэринэн сэһэргэстибит. Ыйытыгым маннык этэ - сүөһүнү ииттии киһиэхэ тугу биэрэрий (үп-харчы эрэ өттүнэн буолбакка), баар ыарахаттары, уустуктары хайдах чэпчэтиэххэ, тугу гыныахха сөбүй?
Үөрүөм туһугар, "үрүҥ-хара", "үтүө-мөкү" диэн, ыйааһыҥҥа туруордахха, үрүҥэ, үтүөтэ үгүөрү буолан биэрдэ. Сүөһүнү ииттии киһиттэн сааһыламмыт санааны, наардаммыт, күнэ-дьыла, этэргэ дылы, чаһы курдук бэрээдэктэммит эрэсиимнээх үлэни эрэйэр. Кырдьыга да оннук, сүөһүнү аһын-үөлүн, аһатыытын таба туттахха эрэ, бэйэ (ыал) хааччыныыны ааһан, дохуот ылыахха сөп. Сүөһүнү хаһан даҕаны соҕотох киһи ииттиммэт, сүөһү ииттэр дьон баһыйар үгүс өттө ыаллар. Ол аата сүөһү ииттээччи ыал күүстээх санаалаахтар, эркин курдук эрэнэр, өйөнөр дьонноохтор, оҕолоохтор, уруулаахтар, дьиэлээхтэр-уоттаахтар. Онтон судаарыстыбаннай бэлиитикэ биир сүрүн сыала соруга - ыал дьоно туруктаах, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх буолуута дии. Онон сүөһү ииттэр ыал судаарыстыба өйөбүлүн ылыахтааҕа дьэҥкэ буолан тахсар. Александра Владимировна Соболева: "Сүөһүнү ииттии наһаа эппиэтинэстээх, кытаанах диссипилиинэлээх буолуоххун наада. Үчүгэй, үөрэтиллибит, биһиги усулуобуйабытыгар сөптөөх адаптацияны барбыт боруода буолуон наада. Уонна маннык санаалаахпын - хотоммут, сүөһүнү көрөргө-истэргэ сөптөөх, аныгы олоххо эппиэттиир, үлэни чэпчэтэр араас мезанизациялаах, саҥа-сонун технологиянан эдэр ыччаты, кэлэр көлүөнэни интэриэһиргэтэр, умсугутар буолуон баҕарабын", - диир.
Александра Петровна Осипова: "Александраны олох толору өйүүбүн, өйдүүбүн. Бэйэм кыра эрдэхпиттэн сүөһүлээх-астаах ыалга улааппытым, уонна ол үгэһи күн бүгүҥҥүгэ диэри тутуһабын. Бэйэ этэ, үрүҥ аһа куруутун сандалыгар баар буолара бэрт бөҕө буоллаҕа дии. Сүөһү көрөр буоламмыт турабыт-олоробут, кэлэбит-барабыт, куруутун тугу эрэ толкуйдуу-тобула сатыыбыт. Атыннык эттэххэ, олох тыгыалас тымырын тутан олоробут. Ол, биллэн турар, киһини бэрээдэктиир, ирдиир, эппиэтинэстиир. Кэргэмминээн Николайдыын сүбэбитин холбоон, ньир-бааччы олоробут. Үүт туттараммыт, күннээҕи түбүкпүт дохуот буолан кэлэриттэн үөрэбит. Пенсиялаах дьоҥҥо бэртээхэй эбилик дии саныыбыт".
Акулина Андреева: "Сүөһүлээх-астаах буоламмыт, эппиэтинэскэ ылыммыт оҕолорум куруутун аһыыр астаахтар, үрүҥ аһы быспаппыт. Төрүт аспыт доруобуйабытыгар улахан суолталаах, ону ордук чуолаан бу кэлиҥҥи сылларга эппитинэн-хааммытынан биллибит".
Агафья Черноградская: "Бастатан туран, бүгүҥҥү алгыскыт, кэпсэтиигит, сэһэргэһиигит иһин махтанабыт. Сүөһү тутар ыал тус бэйэлэрин эрэ иннилэригэр үчүгэй буолбатах. Ол кинилэр оҕолорун, сиэннэрин , чугас дьоннорун доруобуйаларыгар үчүгэй - "Здоровая нация - здоровое государство" диэн баар дии. Араас бырагыраамалар, бырайыактар бааллар, олору сатаан, табыгастааҕын көрөн туһаныахпытын наада. Үүтү туттарыы, мин санаабар, биир таба тайаныллыбыт бырагыраама. Бу бүгүҥҥү тэрээһин да көрдөрөрүнэн, сүөһүлээх-сылгылаах ыал этин-аһын дьаһанан төгүрүк сыл, этэргэ дылы, ол-бу химията суох, натуральнай, дьиҥ бэйэ оҥорон таһаарбыт үрүҥ астаах, эттээх даҕаны. Саха дьоно эти күн аайы да салгыбакка сиэн сөбүн бары билэбит".
... Дьэ, ити курдук бэртээхэй кэпсэтии таҕыста. Биллэн турар, барыта эриэ-дэхси буолбатах, мунар-тэнэр, сороҕор муннукка да анньыллар боппуруостар, түгэннэр бааллар. Ол - олох хаамыыта. Кэпсэтиибит түмүгэр аны күһүн, от үлэтэ үмүрүйдэҕинэ, нэһилиэкпит киинигэр ''Күөх сирэмҥэ'' сүөһүлээх дьоҥҥо аналлаах быыстапка, дьаарбаҥка ыытыах буоллубут. Онно өссө элбиэхпит диэн эрэл санаабыт улахан.
Тэрээһин режиссера бу туһунан видео-матырыйаал бэлэмнии сылдьар. Ону күүтэбит.