18.02.2024 | 12:00

«Үрүҥ илгэ»: эдэр худуоһунньук Семен Нучеканов быыстапката

Олунньу 8 күнүттэн “Худуоһунньук дьиэтэ” галереяҕа эдэр худуоһунньук Семен Нучеканов “Үрүҥ илгэ” ааптарыскай быыстапката арылынна.
«Үрүҥ илгэ»: эдэр худуоһунньук Семен Нучеканов быыстапката
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Семен Нучеканов 1991 с. Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр төрөөбүтэ. 2016 с. П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училищены, 2022 с. АГИКИ ойуулуур-дьүһүннүүр искусство факультетын “станковая живопись” хайысхатын бүтэрэн, билигин НХМ экспозиция-быыстапка салаатын үлэһитэ, маастар-кылаастары тэрийээччи. Семен сүрүн дьарыгыттан быыс булан, айымньылаах үлэтин умнубат.

Ол курдук, олунньу 8 күнүгэр “Худуоһунньук дьиэтигэр” Семен Нучеканов “Үрүҥ илгэ” бэһис тус быыстапкатыгар кэлиҥҥи үлэлэрин туруорбут. Эдэр худуоһунньугу НХМнааҕы кэллиэгэлэрэ, үөлээннээхтэрэ, доҕотторо уонна сүгүрүйээччилэрэ кэлэн эҕэрдэлээтилэр. Быыстапканы арыйар кыһыл лиэнтэни кырыйыыга НХМ научнай үлэһитэ Татьяна Басхарыдова уонна бэлиэ күн «буруйдааҕын» уһуйааччыта худуоһунньук Марианна Лукина кыттыыны ыллылар.

Быыстапка дьон интэриэһин тардар өрүтэ — худуоһунньук бэйэтин истиилэ хайдах уларыйбытын, сатабыла хайа диэки сайдыбытын кэтээн көрүөххэ сөбө буоллар. Ол курдук, үөрэппит кыһалара уонна биллиилээх маастар, уһуйааччыта Марианна Лукина эдэр худуоһунньук айар суолугар үтүө сабыдыалларын көрөөччү сэрэйэрэ чахчы.

Семен Нучеканов, худуоһунньук:

—Үлэм сүрүн тиэмэтэ — саха култуурата, истиилим — реализм: дьону, малы-салы, айылҕаны дьиҥ бэйэтинэн көрдөрө сатыыбын. Сөбүлүүр үлэм диэтэххэ, “Үрүҥ илгэ” хартыына — быыстапка саамай сүрүн тиэмэтэ. Манна уустуга диэн компоновкатын толкуйдааһын этэ, үрүҥ ас иһитэ барыта эҥкилэ суох буолбатах, онон-манан алдьаммыттааҕын көрдөрөн, дьиҥнээх олоххо баар иһиккэ маарыннаппытым. Ону таһынан олох саҥа үлэлэрбиттэн “Нарыйаана мэтириэтэ” диэни чорботуохпун сөп. Манна аныгылыы көстүүлээх, кырааскалаах баттахтаах, муодунай илин кэбиһэрдээх кыыһы былыргы саха дьахталларын мэтириэттэригэр ханыылыы тутан, биир хартыынаҕа икки кэми алтыһыннарарга холоннум. Салгыы мэтириэттэртэн сахалыы натюрмортары уруһуйдуурга көһөр санаалаахпын.

Татьяна Басхадырова, НХМ научнай үлэһитэ:

— Семен Семенович Петр Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училищены уонна Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна искусство институтун бүтэрбитэ. Онон быыстапка ыалдьыта худуоһунньук ураты лабораториятын уонна биллиилээх маастардар уус-уран үгэстэрин утумнааһыны бэлиэтии көрүөн сөп. Мин санаабар, быыстапка бэйэтэ — биир ый усталаах кыра олох. Итиэннэ бу быыстапкаҕа, ону сэргэ маастар-кылаастарга сылдьааччыларга мин ис сүрэхпиттэн ымсыырабын.

 

Юрий Спиридонов, Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга, “Үргэл” арт-галерея дириэктэрэ:

— Сэмэни өссө устудьуон эрдэҕиттэн билэбин уонна хас да сыл үөрэтэн турардаахпын. Хомойуох иһин, уһуйааччы быһыытынан көрдөххө, үөрэппит устудьуоннарбыт бары худуоһунньук буолбаттар. Ол сөп. Саҥа саҕалаан эрэр худуоһунньук бэйэтин суолун булунара олус уустук. Оттон Сэмэн бу мэһэйи ыарырҕаппакка, өссө устудьуон эрдэҕиттэн быыстапкаларын тэрийэн саҕалаабыта идэтигэр бэриниилээҕин көрдөрөр. Бастакы үлэлэрин биһиэхэ, “Үргэлгэ”, туруоран, дьон биһирэбилин ылан, билигин “Худуоһунньук дьиэтигэр” быыстапкалыыр таһымҥа тахсыбытыттан үөрэбин. Бу дьиэҕэ элбэх ааттаах-суоллаах худуоһунньук үөрэнэн, салгыы үлэлии-хамныы сылдьаллар.

Экспозицияҕа Семен Нучеканов саҥа үлэлэрэ — мэтириэттэр, натюрмортар уонна пейзажтар тураллар. Ону таһынан көрөөччүлэргэ анаан ааптар уруһуйга маастар-кылаастары ыытыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....