06.08.2021 | 11:30

Өрөбүл күннэргэ үгэс буолбут оскуола дьаарбаҥката саҕаланар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын 7 күнүттэн балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри Комсомольскай болуоссакка үгэс буолбут оскуола дьаарбаҥката саҕаланар. 2021-2022 үөрэх дьылыгар бэлэмнэнэн канцелярскай табаардар, оскуолаҕа кэтэр пуорма, атах таҥаһа уонна да атын үөрэххэ наадалаах табаардар баар буолуохтара.
СӨ предпринимательствоҕа, атыыга уонна туризмҥа Министиэристибэтин иһитиннэриитинэн, атырдьах ыйын 4 күнүнээҕи туругунан кыттыан баҕалаах предпринимателлэртэн 114 сайаапка киирбит. 
Дьаарбаҥка чэрчитинэн аһымал уонна экологическай аахсыйалар ыытыллыахтара. Атырдьах ыйын 20 күнүттэн 29 күнүгэр диэри «Помоги пойти в школу» аһымал аахсыйаҕа ким баҕалаах – атыылааччылар да, атыылаһааччылар да кыттыахтарын сөп. Хомуллубут оскуолаҕа туттар табаардар тиийиммэт уонна элбэх оҕолоох ыалларга көмө быһыытынан бэриллиэхтэрэ. 
Дьаарбаҥка саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри «Собираемся в школу с заботой о природе» макулатура хомуйааһыныгар экологическай аахсыйа ыытыллыа. Тэрээһин кыттыылаахтара кумааҕыны аҕалан туттарыахтара. 
Коронавируснай инфекцияны тарҕаппат сыалтан, мааска кэтэр, дистанцияны  тутуһар, дезинфекциялыыр сириэстибэлэри туттар эрэсиим күүһүрүө.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...