Өрөбүл күннэргэ доруобуйа дьаарбаҥкатыгар кыттыҥ
Ыам ыйын 22-23 күннэригэр Дьокуускайдааҕы Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар коронавирус дьаҥыттан вакцинация ыытыллыа.
1 №-дээх поликлиника куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын өрөбүл күннэргэ, ыам ыйын 22-23 күннэригэр, Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар коронавирус дьаҥын утары быһыы туруорарга ким баҕалааҕы ыҥырар.
Маны сэргэ босхо чинчийиилэр, ол курдук сүрэх, саахарнай диабет, сэллик ыарыыларын бэрэбиэркэлээһин буолуоҕа.
Комплекснай чинчийиигэ ЭКГ, ФЛГ, хааҥҥа саахар таһымын бэрэбиэркэлээһин, харах дабылыанньатын кээмэйдээһин, кардиолог, терапевт быраастар консультациялара уонна вакцинация киирэр.
Доруобуйа дьаарбаҥката уонна вакцинация ыытыллар сирэ пааркаҕа киирэр киин аарка хаҥас өттүгэр, паарка дьаһалтатын дьиэтигэр, сарсыарда 10 чаастан киэһэ 18 чааска диэри буолуоҕа. Көһө сылдьар ФЛГ кэбиниэтэ күнүс 14 чаастан 18 чааска диэри үлэлиэҕэ.
Пааспаргытын, СНИЛС уонна медицинскэй полискытын илдьэ тиийэргитин умнумаҥ. Коронавирустан вакцинация эрэ көмөлөһөр кыахтаах диэн медиктэр санаталлар.
Ыам ыйын 20 күнүгэр коронавирус дьаҥынан 110 киһи ыалдьыбыта бэлиэтэммитэ. Ол иһигэр 67 – Дьокуускай куоракка.
Суукка иһигэр лабораторияларга 3575 чинчийии оҥоһуллубут.