25.06.2020 | 12:31

Пульмонолог быраас Мария Саввина: “Коронавирус кэннэ тыҥа чөлүгэр түспэт”

Пульмонолог быраас Мария Саввина: “Коронавирус кэннэ тыҥа чөлүгэр түспэт”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

“Кыһыл зонаҕа” үлэлии сылдьар дьону кытта үһүс кэпсэтиибит тахсар. Эмчиттэр кэллиэгэлэригэр махтаналлар уонна бар дьону харыстанарга сүбэлииллэр. Сэрэтэр үлэни ыытыы эмтиирдээҕэр судургу буоларын нэһилиэнньэҕэ өйдөтүөххэ наада диэн санааны тиэрдэллэр.

Мария Борисовна Саввина – Дьокуускайдааҕы клиническэй балыыһа пульмонолог бырааһа:

– Биһиги коронавируһу утары ураты эрэсиимнээх үлэбит дьаҥ тарҕаныаҕыттан, кулун тутартан саҕаламмыта.

Үлэбит хайысхата тосту уларыйда диэххэ сөп. Сэбиргэхтэппит киһи элбэх. Билигин, холобур, 24 ыарахан туруктаах ыарыһах баар.

Киирэр киһи ахсаана элбэх буолан, өрөбүлэ суох кэриэтэ, сарсыарда 8 чаастан киэһэ олох хойукка диэри үлэлиибит. Күн аайы ыалдьыбыт дьон утары киирэ турар, ону кытта үтүөрэн тахсааччы да баар буолар.

Күнү быһа харыстанар көстүүмнэрбитин кэппитинэн сылдьабыт. Тыынарга, хамсанарга-имсэнэргэ уустуктардаах. Күнүскү симиэнэ 8-тыы чаас көстүүмнээх үлэлиир, түүҥҥү симиэнэ 16-лыы чаас сылдьар. Биһиги үлэбит ыараханын иһин, биһиэхэ сытар ыарыһахтарбытыгар өссө уустук балаһыанньа үөскүүр. Бу ыарыы кинилэргэ уйулҕа өттүнэн кытта олус охсуулаах диэн бэлиэтии көрөбүн.

– Кэллиэгэлэриҥ туһунан кэпсээ.

– Биһиги – биир хамаанда буолан, кутталлаах ыарыыны утары туруммут дьоммут. Идэбит ирдэбилинэн, олоххо бэриллибит сүрүн эбээһинэспитин толоро сылдьабыт.

Миигин кытта тэҥҥэ бары  араас идэлээх быраастар үлэлии сылдьаллар. Эндокринологтар, гепатологтар, инфекционистар, кардиологтар, пульмонологтар  бааллар. Бары суһаллык  эбии идэтийиини ааһан, коронавируһу утары үлэҕэ эбии үөрэнэн инфекционист-пульмонолог курдук үлэлиибит.

Персонал үксэ гостиницаларга олохсуйбута. Дьиэ кэргэттэрин, оҕолорун-урууларын көрсүбэтэхтэрэ иккис-үһүс ыйыгар баран эрэр.

Үлэлиир усулуобуйаҕыт хайдаҕый?

– Аһынан хааччыллыыбыт үтүө – итии аһылык, эбиэт аҕалаллар. Үлэлиир усулуобуйабыт куһаҕана суох, барыта санитарнай ирдэбиллэргэ эппиэттиир. Ыарыыга сыстыбат туһугар бэрээдэги барытын тутуһабыт, күүскэ харыстанабыт.

– Бу ыарыы киһи тыҥатыгар туох содуллааҕый? Тыҥа хас эрэ бырыһыана өлөр дииллэрэ кырдьык дуо? Онтон чөлүгэр толору түһэр дуо?

– Коронавируснай инфекция олус ыарахан. Тыҥаҕа чахчы ынырык содуллаах ыарыы. Бу вирустан сылтаан “вирусная пневмония” диэн үөскүүр. Көннөрү сэбиргэхтэтиигэ майгыннаабат, күүскэ киирэр.

Ыарыһахтарбыт “Острый респираторный дистресс синдром взрослых”  диэн олох кутталлаах турукка киирэллэр. Оннук туруктан таһаарар уустуктардаах буолар. Ол иһин реанимацияҕа элбэх киһи сытар. Сорохтор тыҥалара куһаҕаннык үлэлиир, ол иһин анал аппараакка холбуубут.

Наһаа күүстээх эмтэринэн эмтэнэллэр, көннөрү ыарыыга туттуллубат күүстээх, сыаналаах антибиотиктары ылаллар. Иммуноглобулинынан иммунитеттарын үлэлэтэ сатыыбыт, о.д.а. эмтиир ньымалары туһанабыт.

Бу ыарыы көннөрү пневмония курдук, антибиотигынан эмтэннэххэ ааһан, тардан хаалбат. Бэйэтин кэнниттэн фиброз хаалларар, ол аата тыҥа чэрдийэн хаалар.

Ыарахан туруктаах дьон тыҥалара бүүс-бүтүннүү сүһүрүөн сөп – онуоха киһи тыыннаах хаалара да боппуруос. Тыҥа 74-94 бырыһыанын сиир ыарыы эбит. Ол иһин коронавирус содула улахан диибин. Тыҥа чэрдийбит чаастара хаттаан үлэлээн кэлбэттэр, киһи инникитин тыынара ыарыыр, салгына тиийбэт буолар. Ол иһин киһи доруобуйатыгар, олоҕун хаачыстыбатыгар сүрдээх дьайыылаах вирус буолара билиннэ. Нэһилиэнньэҕэ итинник диэн быһааран биэрэр, сөптөөх информацияны тиэрдэр бэрт буолуо этэ. Көннөрү грипп, ОРВИ курдук киирэр ыарыы диир сыыһа. Коронавирустаабыт киһи эмтэнэрэ, онтон өрүттэрэ уһун-киэҥ болдьохтоох.

Биһиги ыарыһахтарбыт үксүлэрэ “респираторнай өйөбүл” диэҥҥэ наадыйар ыарыһахтар буолаллар. Ол аата кислородунан эбии тыыннарабыт.

– Коронавирустан харыстаныы саамай туһалаах ньымата, эн санааҕар, тугуй?

–  Дьиэ кэргэн иһигэр сутуллан, хантан сыстыбыттара биллибэт дьон киирэр буоллулар. Ол аата ыарыы биһиги тулабытыгар көҥүл көтө сылдьар.

Саамай сүрүнэ – кэлбэккэ-барбакка, биир сиргэ олорон бэйэ изоляциятын тутуһуохха наада. Биһиги дьоммут халлаан сылыйбытыгар онно-манна сылдьаллара, айанныыллара, тиритэбит диэн мааска кэппэт буолаллара элбээтэ. Улаханнык дьолоҕойдоругар оҕустарбат, аахайбат да дьоннор бааллар.

Оттон биһиги, күннэтэ бу вируһу утары үлэлии сылдьар дьон, билэбит, ыарыһах ахсаана күн аайы эбиллэр, саҥа дьон кэлэ тураллар.

Көрдөрөр-иһитиннэрэр ньымаларынан, туох баар кыаҕынан дьоҥҥо кутталлаах инфекция тарҕаммытын чахчы дьиҥнээхтик өйдөтүөххэ наада. Аан дойду барыта кыайа илик инфекцията буоларын өйдүөхтээхпит. Харыстаннаххытына эрэ тыыннаах хаалар  кыахтааххыт. Мааска, бэрчээкки ирдииллэрэ, араас хааччахтары олохтууллара  барыта оруннаах.

Биһиги балыыһабытыгар сытар ыарахан туруктаах дьон өлөллөр. Араас олохсуйбут ыарыылаах дьон бу вируска сыһыннахтарына, тыыннаах хаалаллара да саарбах курдук буолар. Ол иһин, бастатан туран, вируска сыстыбат туһугар  үлэ ыытыахха, кыһаллыахха наада.

Коронавирус тыҥаны көрдөрбүтүнэн быһа сиир, онтон бу уорган хаһан да чөлүгэр түспэт. Маннык күүстээх вирус баарын хаһан да,  ханна да көрө илик этибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Турист:  «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Дьон | 03.05.2024 | 17:30
Турист: «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Кинини кытта кэпсэтэн баран хайдах эрэ маннык байыастар, буойуннар биһигини көмүскүү сылдьалларыттан дойдубар, сарсыҥҥыбар, хас бииирдии күммэр эрэллээх эбиппин диэн санаатым. Кини ыйытыыларбар байыаннайдыы чопчу хоруйдары биэрэр, уһун-киэҥ толкуйдаах, чиэһинэй, дойдутугар чахчы бэриниилээх, күһэйиинэн буолбакка, харса суох баҕаран туран сылдьар хорсун буойун.   — Дорообо, эйигин буойун буолан ананан төрөөбүт киһи...
Лидия Бурнашева:  «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Дьон | 03.05.2024 | 10:00
Лидия Бурнашева: «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан,  кэлэн иһэр Кыайыы күнүнэн бүгүн 12 оҕону төрөтөн киһи-хара оҥортообут Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо Лидия Николаевна Бурнашевалыын кэпсэттим.   Биһиги оҕо эрдэхпитинэ төрөппүттэрбит ыалларбытын кытта наһаа эйэлээх этилэрэ. Оччотооҕу ыаллар элбэх оҕолоохтор, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, ылсаллар-бэрсэллэр. Ол үгэс биһиги сайын дойдубутугар таҕыстахпытына сиэннэрбитигэр, оҕолорбутугар...
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Сонуннар | 01.05.2024 | 08:29
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр элбэх оҕолонууну өйүүр эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйааҕы баттаата.  Саҥа сокуонунан, Саха сиригэр олохтоох элбэх оҕолоох ыаллар олорор дьиэҕэ уонна хомунаалынай өҥө иһин олохтоммут төлөбүр 30%-тан итэҕэһэ суох чэпчэтиини ылар бырааптаахтар. Оҕолор саастарыттан уонна дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга...