26.02.2021 | 08:01

«ПУГАЛО» СОҺУТТА...

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дмитрий Давыдов «Пугало» киинэтин суруналыыстар бу ый устата араас өттүттэн барытыттан хабан киэҥ эйгэҕэ сырдаттылар.

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга «ПУГАЛО» киинэни суруналыыстарга, киинэни сыаналыыр дьоҥҥо анаан көрдөрдүлэр. Мин онтон хаалсыбатым, кыра үптээх киинэ тула бэйэм санааларбын үллэстэргэ соруннум.

САХА КИИНЭТИН ФЕНОМЕНА

Сахалар киинэ бөҕөтүн устабыт, онно үгүс үбү угабыт. Бу сыллар тухары араас хабааннаах киинэлэри устан, көрөн, астынан, ардыгар хомойон кэллибит. Кистэл буолбатах, сорох киинэлэргэ хастыы эмэ мөлүйүөнүнэн  суума кутуллар уонна тоҕо эрэ ситиһиилэммиттэрэ иһиллибэт.

“Пугало” киинэни лоп курдук 11 хонук устубуттар, сценарийын режиссер биир ый иһигэр суруйбут, бүддьүөтэ баара-суоҕа балтараа эрэ мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһэр, онтон өссө ааһа баран 1 мөл. солк. «Синет Сахавуд» грантовай көмө оҥорон укпута биллэр.

Санаан көрүҥ, балтараа мөлүйүөн балтараа мөһөөххө тэҥнэһэн турар кэмигэр, саха киинэтэ  “Кинотаврга” аан бастакытын кытынна уонна бастыҥынан аатырда. Мин санаабар, “Кинотавр” – Арассыыйаҕа саамай ыйааһыннаах уонна суолталаах  бэстибээл. Чахчы, бу ситиһии  саха кинематографиятын феноменын дакаастаата.  

Ааспыт ыйга Норвегияҕа, Тромсё куоракка, Tromsø Internasjonale Filmfestival (TIFF) диэн норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлэ ыытылынна. Биллэрин курдук, бу тэрээһиҥҥэ аан дойду аатырбыт киинэлэрин сүрэхтииллэр. Тэрээһин 1991 сыллаахтан ыытыллар уонна бу кэм устата дьон болҕомтотун тардыбыт Пон Джун Хо «Паразиты», Том МакКарти «В центре внимания», Даррен Аранофски «Чёрный лебедь» уо.д.а. Оскары ылар кыахтаах киинэлэри чиэстээн кэллэ. Сахалар киинэлэрэ бачча үлүгэр сүдү суолталаах, норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр режиссер бүтүн үс киинэтэ кыттыбытыттан үөрүүбүт өссө үксээтэ. “Пугало” киинэҕэ “Киинэҕэ итэҕэл»  диэн бириэмийэни туттардылар. Онон саха киинэтэ өссө үрдүк таһымҥа таҕыста, суола арылынна диир тоҕоостоох.

РЕЖИССЕР ТУҺУНАН КЭПСЭЭТЭХХЭ...

Саха киинэтин аатырдыбыт режиссер Амма улууһугар олорор. Тохсунньу ыйга диэри оскуолаҕа учууталынан үлэлээбит. Бэйэтин баҕатынан тохтоон,  киинэ эйгэтигэр өссө күүскэ ылсан үлэлииргэ сорук туруоруммут. Кинини дьон  «Нет бога, кроме меня ”, “Костёр на ветру” киинэлэринэн билэр. Дьүһүнүнэн бааһынай эрээри, сахалыы тыыннаах. Саха кэргэннээх, икки оҕолоох. Тыа сиригэр улааппыт, боростуой дэриэбинэ уола.

ИДИЭЙЭТЭ, ТОЛКУЙА

Киинэни көрөөт да, кимиэхэ эрэ майгыннаттым. Саха норуота былыр- былыргыттан айылҕалаах дьонунан киэҥник биллэр. Номоххо олоҕуран эттэххэ, улахан эмчиттэр ыалдьыбыт киһи ыарыытын оборон ылаллар этэ. Хааннааһын биир саамай көдьүүстээҕинэн аатырара. Хара хаана бүттэҕинэ, хаана сырдаатаҕына биирдэ тохтууллара. Киинэ сүрүн идиэйэтэ, толкуйа режиссерга уонча сыл анараа өттүгэр кэлбит. Сүрүн дьоруой ким прототиба буоларын ыйыппыппар: “Биир даҕаны дьиҥнээх ойуун, удаҕан, эмчит прототиба буолбатах” , –  диэтэ.

Дмитрий, сценарий суруйаргар туохха тирэҕирэҕиний?

— Үчүгэй киинэ, дириҥ ис хоһоонноох литература, олох-дьаһах күннээҕи көстүүтүгэр олоҕуран толкуйдуубун.

АЙГЫРААБЫТ СИЛИСТЭЭХ

«Пугало” – куорат таһыгар, биир кытыы дэриэбинэҕэ олорор саха эмчит дьахтара. Олохтоох дьон кинини туора тумналлар, абааһы дьахтарынан эбэтэр сымыйанан кубулунааччынан ааттыыллар. Оҕо да, улахан да киһи талбытынан үөҕүөн, баҕардахтарына кырбыахтарын, сирэйин эттиэхтэрин да сөп. Дьон куруук сэнээн, тэпсэн ааһар киһитэ буолан хаалбыт соҕотох дьахтар. Көҥүл олох киһитэ диэххэ сөп. Ол да буоллар, кини ураты талааныгар итэҕэйэр дьон бааллар, күн ахсын  ким эмит кэлэн ытыы-ытыы ааттаһар, көрдөһөр. Кини, күүстээҕэ бэрт буолан, ханнык да бэйэлээх ыар ыарыыны эмтиир аналлаах. Айаҕыттан хара дьай хаана тахсыар диэри эмтиир, киһини олоххо төннөрөр.

Дьахтар эрэйдээх, төһө да күүстээх буолбутун иһин, кини эмиэ чараас, уйан, барытын уйарыгар уустук. Хас биирдии ыарыһах кэлэн барбытын кэннэ, иирбит киһи курдук үҥкүүлүүр, арыгы истэҕинэ биирдэ уоскуйар... Дьикти дьахтар. Кэрэ киһи. Киинэ кини олоҕун аартыгар олоҕуран ойууланар.

Эн бэйэҥ ойууннааһын диэҥҥэ итэҕэйэҕин, оннук дьон дьиҥ олоххо бааллар дии саныыгын дуо?

— Биһиэхэ, Саха сиригэр, ураты дьон бааллар. Ойууннааһын диэн туспа эйгэ буолар. Киһи ылла да, биир-икки тылынан тиэрдэр кыаҕа суох. Бэйэм саха култууратын, түҥ былыр үөскээбит мындыр төрүт итэҕэллэрбитин үөрэтэбин, интэриэһиргиибин, ааҕабын.

КУТУРҔАН КУО ОЛОҔО

Киинэ устатын тухары сүрүн дьоруойга кутурҕан сүктэриллэ сылдьар. Хас биирдии көстөр сыананы көрөөччү туох буоларын толкуйдуу, кэтэһэ олорор. Аны туран, икки олоҕу ойуулаабыттар. Биирэ былыргыны, иккиһэ аныгы кэми таарыйар. Сиэрэй уонна хара дьүһүнү добуочча туттубуттар. Тыа сирэ, дэриэбинэ, олох-дьаһах көстүүтэ барыта сиэрэй кырааскаҕа тэҥнэһэр.

Эмчит дьахтар дьиэтэ-уота, таҥаһа-саба, сирэйин-хараҕын олоруута олох дьиҥнээх олохтон быһа тардыллыбыт курдук. Манна диэн эттэххэ, гримердар бэркэ үлэлээбиттэр. Эр киһи дьахтары кырбаабытын кэннэ сирэйэ барыта ымынах буолан хаалар. Уопсайынан, саха киинэлэригэр дьахтары атаҕастааһын, кырбааһын, сэнээһин элбэхтэ көстөр буолла. Маннык хартыыналар туохха эрэ үөрэтиэхтэрэй?

Көрөөччүҥ кимий? Эн кинини хайдах  дии саныыгын?

— Нуорманан, сааһынан хааччах диэн өйдөбүл диэн суох. Көрөөччү сүрдээх киэҥ өйдөбүллээх. Биллэн турар, мин көрөөччүлэрим эдэр ыччат эбэтэр саҥа улаатан эрэр оҕолор буолбатахтар. Олох-дьаһах тугун-ханныгын билбит дьон дии саныыбын.

ӨЙДҮҮР КИҺИ ӨЙДҮӨХ ТУСТААХ

Киинэҕэ сүрүн оруолу СӨ үтүөлээх артыыһа Валентина Романова-Чыскыырай толорор. Чыскыырайы мин сыанаҕа эрэ көрөөччүбүн уонна ырыаһыт быһыытынан ылынааччыбын. Бу сырыыга атын харахпынан көрдүм. Чахчы, талаан мунньуллубут киһитэ диэн ааттыахха сөп.

Манан киинэ туһунан кылгас кэпсээним түмүктэнэр. Уһата-кэҥэтэ барбакка, сахалыы киинэни бэйэҕит илэ хараххытынан тиийэн көрөн сыаналыыргытыгар ыҥырабын. Саха киинэтэ сайыннын, саха киинэтэ туругурдун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....