Психологическай көмө «итии линиятын» түмүгэ таҕыста
«Итии линияҕа» дьон ордук туох кыһалҕалаах эрийэрин туһунан брифиҥҥэ Киин дириэктэрэ Владимир Скрябин кэпсээтэ диэн иһитиннэрдэ СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
«Элбэх ыйытыы быстах мобилизация бастакы нэдиэлэтигэр ийэлэртэн уонна эдьиийдэртэн, балыстартан киирдэ. Кинилэр долгуйалларын, айманалларын, кыыһыралларын, бэйэлэрин буруйданалларын иһитиннэрдилэр», – диэтэ Киин дириэктэрэ.
Владимир Скрябин эппитинэн, кэнники нэдиэлэлэргэ мобилизацияламмыттар бэйэлэрэ собуоннуур буоллулар. Кинилэр үксүн биир ыйытыылаах сүбэ көрдүүллэр: «чугас дьонум мин туспар долгуйбаттарын курдук тугу гынабын?».
Байыаннай сулууспалаах киниэхэ, кини күүһүгэр эрэнэллэрин, чугас дьоно нус-хас олороллорун билиэхтээх диэн психологтар санаталлар. Ити кини уйулҕатыгар уонна ньиэрбинэй систиэмэтигэр, харысхаллаах сылдьарын, өйөбүллээҕин билэригэр туһалаах.
Санатар буоллахха, гражданнар өрөспүүбүлүкэтээҕи Психологическай көмө киинин «итии линиятыгар» 8-800-100-35-50 нүөмэринэн кыһалҕаларын үллэстэн, сүбэ-ама ылыахтарын сөп (төгүрүк суукканан, анонимнай), сирэй консультацияҕа суруйтарар нүөмэр: 8 (4112) 31-91-09.