29.09.2023 | 08:30

Психиатр Мария Яковлева: «Деменция сыл аайы элбии турар»

Деменция... Сахалыы түөһэйии диэн ааттыахха сөп буолуо. Хайдах биллэрий? Төрүөтэ тугуй? Бу ыарыыга ылларбат туһугар тугу гыныахха? Сиһилии Өрөспүүбүлүкэтээҕи психоневрологическай диспансер уопуттаах психиатр бырааһа, медицинскэй наука кандидата Мария Яковлеваны кытта кэпсэтиини таһаарабыт.
Психиатр Мария Яковлева: «Деменция сыл аайы элбии турар»
Ааптар: Өрөспүүбүлүкэтээҕи психоневрологическай диспансер пресс-сулууспата, Наталья КЫЧКИНА тылбааһа
Бөлөххө киир

– Мария Владимировна, деменция бэйэтэ туспа диагноз буолбатах дуо?

– Оннук, ол гынан, биһиэхэ, психиатрдарга, улахан кэһиилэр баалларын быһыытынан, синдромальнай диагноз буолар. Уопсайынан, деменция араас элбэх бөлөххө арахсар, психическэй функция кэһиллиитэ, өй-санаа, толкуй уонна интеллект намтааһына – киһи кыаҕа намтаан, сатыырын да сатаабат буолуута, бүтэһигэр личность быһыытынан толору ыһыктыныыта.

Ыарыы биричиинэтин сайдарыттан көрөн, деменцияны араас көрүҥҥэ араараллар. Нейродегенеративнай процесс (атрофическай), Альцгеймер ыарыыттан үөскүүр, манна киһи өйө-санаата, толкуйдуура уонна да атын психическэй функциялара намтаан иһэллэр. Тымыр деменцията инсульт эбэтэр мэйии тымырдарыгар ыарахан атеросклероз кэнниттэн тахсар. Мэйии уорганын уонна ис ыарыытын булкаас формалара элбэхтэр.

– Деменция сайдыытыгар туһаайыллар ханнык фактордар баалларый? Ким кутталлаах бөлөххө киирэрий?

–  Бастатан туран, деменция сайдыытын куттала киһи доруобуйатын уопсай туругуттан тутулуктаах. Өскөтүн киһи кырдьар сааһыгар үтүө, чэгиэн доруобуйалаах буоллаҕына, кини деменциянан ыалдьара аччыыр, холобур, олоҕун тухары гипертоническай ыарыылаах, сахарнай диабеттаах уо.д.а. ыалдьар киһиэхэ тэҥнээтэххэ.

Деменция төрүөтүн биир чаастатык көрсөр биричиинэтинэн, саастаах дьон уонна саастаах нэһилиэнньэ кытта кырдьыбыт ыарыылаахтара буолар. Бастатан туран, гипертоническай ыарыы, кинини эмтээбэт уонна үрдүк баттааһыны түһэрбэт түбэлтэтигэр, аны 30 сылынан Альцгеймер ыарыытын сайыннарыыга тиэрдиэн сөп. Бу сахарнай диабеттаахтарга, мэйии уонна да атын тымыр ыарыылаахтарга эмиэ сыһыаннаах.

Үһүс бөлөх – генетическэй фактордар. Деменция сорох көрүҥнэрэ генетическэй буолаллар, ол иһигэр деменция саамай ыарахан көрүҥнэриттэн биирдэстэрэ, сүүс-чэчэгэй деменцията, бу олус үрдүк бырыһыаны ылар, удьуорунан бэриллэр, 40-50% тиийэ.

Биллэн турар, деменция сайдыытыгар буортулаах, куһаҕан дьаллыктар эмиэ сабыдыаллыыллар. Холобур, киһи арыгыттан 3-с истиэпэннээх тутулуктаах буоллаҕына, алкогольнай деменция диэн биир сүрүн фактор сайдыан сөп. Табах эмиэ быһаччы сыһыаннаах да буолбатар, деменция сайдыытыгар дьайар.

Итини таһынан деменция сайдыытын төрүөтүнэн төбө мэйиитин эчэйиитэ, токсическай хотторуу (холобур, наркотигынан үлүһүйүү), инфекционнай процесстар уонна да атыттар элбэхтэр. Быһаччы эттэххэ, киһи мэйиитигэр куһаҕаннык дьайар туох барыта дементнэй турук сайдарыгар олук буолуон сөп.

– Кофены сөбүлээн, аһара элбэхтик иһэр дьон деменциянан эрэйдэниэхтэрин сөп диэн санаа баар. Бу кырдьык дуу, сымыйа дуу?

– Итинник санаа кофеин дабылыанньа баттааһынын үрдэтэр диэни кытта ордук ситимнээх. Кофенан аһара үлүһүйдэххэ, хаан баттааһына үрдүөн сөп. Эппитим курдук, үрдүк дабылыанньа деменция сайдыытын фактордарыттан биирдэстэрэ буолар. Онон, ити этиигэ кыра да буоллар чахчы баар. Хаһан баҕарар сиэри таһынан үлүһүйүү – үчүгэйэ суох!

– Деменция саамай үгүстүк көстөр бэлиэлэрэ ханныктарый? Кырдьаҕастарбытыгар бу ыарыыны кэмигэр көрөргө туохтан дьиксиниэхтээхпитий?

– Олох да быраабылата этэринэн, барыта кыраттан саҕаланар. Ол курдук киһи билиҥҥи сабыытыйалары мөлтөхтүк ылынар, умнан эрэйдэнэр. Личность быһыытынан уларыйыы барар. Холобур, тус майгыта-сигилитэ өссө сытыыланар, уларыйар, холобур, урукку кэмҥэ барытын экономиялыы, харыстыы сылдьыбыт киһи, төрүт даҕаны аһара харыстанньаҥ буолар. Маныаха “Плюшкин” синдрома көстөр, урут көннөрү харыстанньаҥ эбит буоллаҕына, бу сырыыга наадата суох бөҕү-саҕы мунньуунан дьарыктанар, дьиэттэн тугу да бырахтарбат. Бу киһи бэйэтин кириитикэлэнэрэ хаалар,  ол эбэтэр ыһыллан хаалбытын, умнуган буолбутун бэйэтэ бэлиэтиэн сөп. Сорох дьон маннык буолбуттарыттан дьиксинэн, быраастарга көрдөрө кэлэллэр, бу олус сөпкө гыналлар диэн сыаналыыбын.

Чэпчэки деменцияҕа көһүүгэ кэһиилэр быдан көстөллөр. Киһи өйө- санаата, толкуйа өссө мөлтүүр, күнүгэр-дьылыгар булкуллар, хас саастааҕын тута этэрин ыарырҕатар.  Ыарыһах киһи таҥаһыгар дьалаҕайдык сыһыаннаһар, уруккутун курдук бэйэтин көрүнэрэ тохтуур. Быраабыла курдук, дьон бэйэлэрин күннээҕи эбээһинэстэрин мөлтөхтүк толороллор, холобур, дьахталлар ас астыахтарын баҕарбаттар, астаабат даҕаны буолаллар, эбэтэр астааһын хаамыытын балачча судургутаталлар. Киһи кыра-кыралаан бэйэтигэр бүк түһэр, үлэтэ-хамнаһа, кэлэрэ-барара тохтуур, олоҕо “дьиэ-маҕаһыын” таһымынан муҥурданар. Тугу эрэ оҥорор баҕа санаата сүтэр, хоббитыгар, урукку дьарыгар, о.д.а. интэриэһэ тохтуур. Ол гынан баран ыарыһах бэйэтин аймахтарын өссө билэр, үгэс буолбут быһыыга-майгыга үчүгэйдик сирдэтинэр, кини гигиеническэй үөрүйэхтэрэ толору оннунан хаалар.

Деменция сымнаһыар стадиятын характеристикатыгар этиллэринэн, практическай үөрүйэхтэр сүтэн бараллар, киһи номнуо бэйэтин толору көрүнэр кыаҕа суох. Өйө сотуллан, умнуган буолан барар, ыарыһахтар тулалыыр эйгэҕэ сылдьарга  ыарахаттары көрсөллөр, билэр сирдэрин умналлар уонна уулуссаҕа тахсан сүтүөхтэрин сөп. Кинилэр үгүстүк бэйэлэрин санааларын кыайан быһаарсыбаттар, дьону кытта кэпсэтэргэ ыарахаттары көрсөллөр, кырыктаах, ньиэрбинэй буолаллар. Маннык стадияҕа киирбит ыарыһахтар куруук көрүүгэ наадыйаллар, чугас киһитэ аттыгар сылдьыан наада буолар.

Деменция ыарахан стадиятыгар психическэй үлэ уонна личность быһыытынан буолуу толору кэһиллэр. Киһи социальнай уонна практическай үөрүйэхтэрин сүтэрэр: кэпсэтэр, суунар, аһыыр кыаҕа суох. Кини урууларын-аймахтарын да, доҕотторун да, бэйэтин да сиэркилэҕэ көрүнэн билбэт... Бу стадияҕа ыарыһах сытар буолар, кини хамсанар, хаамар, туттар функциялара сүтэр. Бу кырдьаҕас көрүҥнээх киһи кыһыл оҕоҕо кубулуйар, кинини суукканы быһа көрүү-истии наада буолар.

– Бу ыарыыга бириэмэни сүтэрбэт төһө көдьүүстээҕий? 

– Олус наадалаах. Деменция чэпчэки истиэпэнин кэмигэр уонна сөптөөхтүк көрөн эмтээһин, деменция прогрессивнай истиэпэннэрин балайда бытаардар эрэ буолбакка, ыарахан сайдыытын тохтотор кыахтанар.

– Деменциянан интеллектуальнай үлэтэ суох дьон элбэхтик ыалдьаллар диэн буолар. Оннук дуо?

– Мин уопуппуттан сиэттэрэн кэпсээтэххэ, деменция сайдыыта киһи үөрэҕин таһымыттан эбэтэр кини интеллектуальнай уратытыттан тутулуга суох. Бэйэм практикабар үрдүк үөрэҕэ суох, намыһах квалификациялаах, кыра дуоһунастарга олохторун тухары үлэлээбит, ону тэҥэ деменциялаабыт научнай истиэпэннээх наука кандидаттарын уонна доктордарын көрсүбүтүм.

– Саха сиригэр төһө элбэх киһи деменциянан ыалдьарый?

–  Кэлиҥҥи сылларга маннык ыарыылар, Саха сиригэр эрэ буолбакка, аан дойдуга барытыгар элбии тураллар. Оннооҕор Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ этэринэн, 2030 сылга 65 мөлүйүөнтэн тахса деменциялаабыт ыарыһах баар буолуон сөбүн, бу дойду бары доруобуйа харыстабылын систиэмэтигэр улахан ноҕоруусканы тардыаҕын туһунан этэр. Деменцияны эмтээһин медицинаҕа олус ороскуоттаах хайысханан буолар  диэн этиэххэ наада... Бу ыарыы ортоку уонна ыарахан стадияларыгар ыарыһаҕы суукканы эргиччи көрүөххэ-харайыахха наада, олус аҕыйах бырыһыан эрэ дьон  чугас дьоннорун итинник көрөллөр. Кистээбэккэ эттэххэ, маннык ыарыһахтары аймахтара психоневрологическай интэринээттэргэ уонна психиатрическай балыыһаларга, ону тэҥэ суукканы эргиччи үлэлиир пансионнарга ыыталлар.

– Оо… Деменцияны тохтотуохха сөп дуо? Профилактиката хайдах ааһарый?

– Бастатан туран, уопсай доруобуйаны көрүнүөххэ уонна чөл олоҕу тутуһуохха наада. Аспытын-үөлбүтүн көрүнүөххэ, табах тардымыахха, арыгыны иһимиэххэ. Сааһырбыт дьон элбэхтик хамсаналлара олус улахан суолталаах – үҥкүүлүөххэ (манна даҕатан эттэххэ, үҥкүүгэ саҥа хамсаныылары үөрэтии мэйиигэ саамай элбэх саҥа нейроннай сибээстэри үөскэтэр эбит диэн науканан дакаастанан турар), скандинавскай хаамыынан, йоганан уо.д.а. дьарыктаныахха. Физическэй ноҕоруускаттан ураты, саастаах киһи олоҕор интеллектуальнай ноҕорууска эмиэ киириэхтээх – интэриэһинэй кинигэлэри ааҕыы, тыллары үөрэтии уо.д.а. Деменция профилактикатыгар саахар хаанын, артериальнай баттааһынын уонна холестерины хонтуруоллааһын улахан суолталаах.

– Саамай үчүгэй профилиактика – бытархай моториканы (баайыы, быысапка) сайыннарыы буолар диэн кырдьык дуо?

– Бу санааны аан бастаан истэбин, ол гынан баран ханнык эрэ бырыһыана кырдьык диэн сэрэйиэххэ сөп. Баайыы, быысапкалааһын – бытархай моториканы олус сайыннараллар, бу дьарык өйгүн, мэйиигин кытта быһаччы үлэлиир. Киһи мэйиитигэр кыһалҕалар саҕаланнахтарына, бастатан туран, кыра моторика кэһиллэр, холобур, киһи буочара биллэ уларыйар.

– Мария Владимировна, кэпсээниҥ иһин махтанабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...