08.11.2022 | 16:45

Проспект сотору аһыллыаҕа

Проспект сотору аһыллыаҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэтинньи 6 күнүттэн Ленин проспегын Аммосов уонна Октябрьскай уулуссалары кытта быһа охсуһууларынан айанныахха сөп буолла.

“Главстрой” МХТ иһитиннэрбитинэн, Кулаковскай уулуссатыттан Курашов уулуссатыгар диэри кэрчиккэ светофордары уонна сырдатыы линиятын тардыы бара турар.

Барыта түһүмэҕинэн холбонор, оҥоһуллар буолан, тырааныспар сырыытын чэпчэтэр сыаллаах, суол икки учаастагын болдьоҕун иннинэ арыйдыбыт. Атын учаастактарга  үлэ ситэн истэҕин аайы утары арыйан иһиэхпит”, – диэтэ “Главстрой” МХТ суолу тутууга салаатын салайааччыта Владимир Макаров.

Ленин проспегар “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак чэрчитинэн улахан өрөмүөн ыытылла турарын санатабыт. Сэтинньи 14 күнүгэр диэри суолу толору арыйар былааннаахтар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...